Дьилиҥдэҕэ сылаастык кыстыахтара

128

Өлөөҥҥө олорор дьиэлэри кииннэммит ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтин “СӨ ОДьКХ“ ГУП Өлөөннөөҕү филиала күүскэ ыытта. Дьиэлэри кииннэммит ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ барар.


Быйыл күһүн Дьилиҥдэҕэ 18 ыал дьиэтин киин ититэр ситимҥэ холбоотулар. Маннык үлэ Харыйалаахха, Өлөөҥҥө эмиэ барда. Онон Харыйалаахха, Дьилиҥдэҕэ дьиэлэр 95% ититэр ситимҥэ холбонно.

Бу ыытыллыбыт үлэлэргэ Дьилиҥдэ учаастагын маастара Станислав Андреев, Харыйалаахха Айсен Егоров күүскэ үлэлээтилэр”, — диир филиал дириэктэрэ Николай Кириллин.

Хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ итинэн эрэ муҥурдамматылар. 4 миэстэлээх саҥа гарааһы тутан, үлэҕэ киллэрдилэр.