Үөһээ Бүлүү улууһугар оттооһуҥҥа Маҥаас нэһилиэгэ инники күөҥҥэ иһэр

300

Үөһээ Бүлүүтээҕи Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытын солбуйааччы Анисия Юрьевна Сидорова иһитиннэрбитинэн, от ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, Үөһээ Бүлүү улууһугар 6925 га ходуһа охсуллубут. Былырыын баччаларга 5644 га охсуллан, 3150 т бэлэмнэммит эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 4800 тонна от бэлэмнэммит.


Үөһээ Бүлүү улууһугар окко быйылгы былаан 25154 тоннаҕа тэҥнэһэр. Былааны толоруу билиҥҥи туругунан 19% буолан турар. От үлэтигэр 719 трактор, 3315 киһи таҕыста, 1454 звено, ол иһигэр механизированнай — 15, полумеханизированнай — 588, илиинэн охсооччу ахсаана — 851.

Онтон атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи туругунан биирдиилээн нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө: инники күөҥҥэ Маҥаас нэһилиэгэ былаанын 35% оҥорон таҕыста. Бэриллибит 1100 тоннаттан 385 т. бэлэмнээтэ. Онтон Быракаан нэһилиэгэ — 34%, бу 480 т. былаантан 165 т. тэҥнэһэр. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ 600 т. былаан бэриллибититтэн 200 т. бэлэмнээбитэ 33% тэҥнэстэ. Кырыкый 1200 тоннаттан 319 т., Туобуйа 700 т. – 266 тоннаны бэлэмнээн, былааннарыттан 27-лии % оҥордулар. Хоро 1250 т. 331 т., Оҥхой нэһилиэгэ 26-лыы % бэлэмнээтилэр, бу 1000 т. былааныттан 263 т. тэҥнэһэр.

Мэйик 1300 т. бэриллибититтэн 325 т. – 25%, Нам нэһилиэгэ 1324 тоннаттан 317 т. бэлэмнээн былаан 24% буолла, Харбалаах — 22 %, бы 750 т. бэриллибититтэн 165 т. бэлэмнэммит, Кэнтик – 20%, бу 1100 т. былаантан 217 т. тэҥнэһэр. Тамалакаан нэһилиэгэр 1200 т. былаан бэриллибититтэн 228 т. бэлэмнэнэн 19% тэҥнэстэ. Балаҕаннаах (850 тоннаттан 153 т.) уонна Боотулуу (2400 тоннаттан 435 т.) нэһилиэктэрэ былааннарын 18-тыы % оҥордулар. Үөдүгэй – 17% (800 т. бэриллибититтэн 132 т. бэлэмнэннэ). Өргүөт нэһилиэгэ былааныттан 16 % бэлэмнээтэ, бу бэриллибит 1150 тоннаттан 180 т. тэҥнэһэр. Хомустаах – 15% (700 тоннаттан 104 т.).

Хаалан иһэр нэһилиэктэр ахсааннарыгар Ороһу (7% — 146 т.), Далыр (8,2% — 140 т.), Дүллүкү (11% — 261 т.), Сургуулук (12% — 143 т.) сылдьаллар. Оттон былаан быһыытынан Ороһу нэһилиэгэр — 2050 т., Далырга 1700 т., Дүллүкүгэ 2300 т., Сургуулук нэһилиэгэр 1200 т. бэриллэн турар.