Ньурба улууһун Герой Ийэлэрэ Ил Дархантан наҕараадалары туттулар

311

Быйыл Ил Дархан Е.А.Борисов муус устар ыйга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэри өйүүр сыалтан, Ыйаах таһаарбыта. Бу Ыйаахха олоҕуран «Герой Ийэ» үрдүк аатын иҥэрии, «Ийэ албан аата» I, II, III истиэпэннээх бэлиэлэр олохтоннулар. Ньурба улууһуттан элбэх оҕолоох ийэлэр эмиэ наҕараадаланнылар. Бу күннэргэ кинилэр Дьокуускай куоракка Арассыыйа Ийэлэрин күнүн чэрчитинэн чиэстээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар.


Уон икки оҕону төрөтөн, биир оҕону бэйэтигэр сыһыаран ииппит Түмүк нэһилиэгин олохтооҕо Спиридонова Лидия Николаевна «Ийэ албан аата» бэлиэнэн, «Ийэ албан аата» II-с истиэпэннээх бэлиэнэн Ньурбачаан нэһилиэгин олохтооҕо, 8 оҕо амарах ийэтэ Калакова Тамара Васильевна, II истиэпэннээх “Ийэ албан аата” бэлиэнэн Хорулаттан Матвеева Иванна Ивановна, III истиэпэннээх “Ийэ албан аата” бэлиэнэн Күндээдэттэн Кондратьева Валерия Валерьевна уонна Сүлэттэн Сивцева Вера Александровна наҕараадаланнылар.

Лидия Николаевна, Владимир Михайлович Спиридоновтар дьиэ кэргэннэрэ 2007 сыллаахха «Дьиэ кэргэн сыла» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттан, «Дьиэ кэргэн-2007» номинация хаһаайыннара буолбуттара.

2009 сыллаахха ыал аҕата күн сириттэн букатыннаахтык туораан, Лидия Николаевна соҕотоҕун хаалан, төһө да ыарахаттары көрүстэр оҕолорун соҕотоҕун иитэлиир.

Өҥөлдьөттөн төрүттээх Лидия Николаевна ыал буолан олохсуйан олорор Маарын нэһилиэгэр уопсастыбаннай үлэни өрө тутан, «Кэскил» түөлбэ салайааччыта, уус-уран самодеятельность көҕүлээччитэ, чөл олоҕу пропагандалааччы буолар. Оҕо саадын, оскуола кэлэктиибин кытары ыкса сибээһи тутуһан, араас тэрээһиннэри тэрийсэргэ төһүү күүс буолар.

Ыал амарах ийэтэ хаһан да бүппэт дьиэ түбүгүн быыһыгар ииһинэн дьарыгыран дьиэ кэргэнин барыларын таҥыннарарын таһынан, тикпит үлэлэринэн араас быыстапкаларга, дьаарбаҥкаларга кыттар.

Лидия Николаевна билигин сынньалаҥҥа олорон оҕолорун көрөр-истэр. Кини дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын солбуйан хаалбыт ийэ быһыытынан оҕону иитиигэ ирдэбиллээх, кытаанах иитээччи-педагог буоллар даҕаны, оҕолорун, сиэннэрин таптыыр ийэ, эбээ буолар. Оҕолоро үөрэхтэнэллэрин, үчүгэй иитиилээх буолалларын туһугар үгүс сыратын биэрэн, икки кыыһа үрдүк үөрэҕи туйгуннук бүтэрэннэр, үлэһит дьон буоллулар. Күн бүгүн студент, оскуола үөрэнэччилэрэ оҕолордоох.

Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр чэпчэки атлетиканан, волейболунан, тенниһинэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Нэһилиэк, Ньурба оройуонун сүүмэрдиир хамаандатыгар бааллар. Уолаттар ордук көҥүл тустуу, футбол, хайыһар көрүҥнэрин сөбүлүүллэр. 2014 сыллаахха Италияҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы фольклорнай фестивальга «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» фольклорнай-норуодунай ансамбылы кытары Соҕуруу Кореяҕа, «Саха-Азия оҕолоро» спортивнай оонньууга кыттааһыннара үрдүк ситиһии буолар.

Лидия Николаевнаны кытары телефон нөҥүө билсиһэн, дьиэ кэргэн, оҕо иитиитигэр сыһыаннаах кэпсэтиибитин тиэрдэбин.

— Арассыыйа Ийэлэрин күнүгэр анаан Дьокуускай куоракка араас улуустартан кэлэммит, Медицина национальнай киинигэр доруобуйабытын көрдөрүннүбүт. Ийэлэргэ аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ ийэлэрин түмсүүлэрэ тэрийбит «Ийэҕэ албан аат» түмэлигэр сырытыннардылар. «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим» радио биэриитигэр СӨ ыччат дьыалатыгар, дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтин дьиэ кэргэн демократическай политикатын отделын салайааччытын солбуйааччыта Анна Владимировна Пермякова кыттыылаах биэриигэ элбэх оҕолоох ийэлэр, эдэр ийэлэр кыттыыны ыллыбыт. Мин санаабар, быһа эфиргэ элбэх оҕолоох ийэлэр мунаахсыйар боппуруостарыгар сөптөөх эппиэттэри ыллылар.

Дьиэ кэргэним туһунан билсиһиннэрэр буоллахха, кэргэмминээн Спиридонов Владимир Михайловичтыын 1982 сыллаахха ыал буолбуппут. Уон икки оҕону төрөтөн дьоһун ыал олоҕун олорбуппут. Кэргэним оҕолорун кыра саастарыттан бэйэ-бэйэлэрин көмүскэһэ үөрэнэллэригэр, үлэҕэ сыстаҕас буолалларыгар үөрэтэлиирэ. Саас мас мастааһыныгар, сайынын от үлэтигэр илдьэттии сылдьааччы. Баралларыгар-кэлэллэригэр бары сатыы сылдьан үлэлииллэрэ. Аҕабыт барахсан оҕолорун чөл олохтоох, спорду өрө тутан, дьарык оҥостон, үөрэхтээх дьон буолалларыгар баҕарара. Билигин күндү кэргэним, оҕолорум аҕалара суох да буоллар, кини үөрэппит-такайбыт холобурунан ыарахантан чаҕыйбакка, толлон турбаттарыгар үөрэтэлиибин. Мин ийэ быһыытынан элбэх оҕолоохпуттан үөрэбин, бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын. Биир оҕону көрөн бүөбэйдиирдээҕэр элбэх оҕо ордук. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Оҕолорбор таҥастарын бэйэм тигэр буолан, атын оҕолортон итэҕэс таҥыннартаабатаҕым. Ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ итэҕэс-быһаҕас баар буолар, бары көмөлөөн саба тутабыт. Оҕолорум дьоһун дьон буола улааталларыгар туох баар сырабын ууран туран иитэлиибин.

Судаарыстыба эдэр ийэлэргэ көмө оҥороруттан ийэ быһыытынан үөрэбин эрэ. Биһиги оҕолорбут кыраларыгар туох да улахан көмө суох этэ. Кэлин 5 оҕоттон үөһээ оҕолоохторго олорор дьиэнэн хааччыйыы программаҕа хапсан, оҕолорум дьиэлэнэн үөрүүм муҥура суох. СӨ Ил Дархана Е.А. Борисовка дьиэ кэргэним аатыттан ис сүрэхпиттэн махтанабын.

Саҥа ыал буолар эдэрдэргэ баҕарыам этэ доруобуйалара төһө кыайалларынан оҕолоноллоругар. Оҕо көрүүтүттэн толлубаттарыгар, оҕо — дьиэ кэргэн дьоло, үөрүүтэ, таптала буоларын өйдүүллэригэр баҕарабын.