Ойуһардаах балыыһатыгар Аһаҕас аан күнэ

130

Орто Халыма улууһун Ойуһардаах балыыһатыгар Аһаҕас аан күнэ ыытылынна. Дьон олус сэргээтэ.


Олохтоох балыыһа эмчиттэрэ бу күнү инсульт ыарыыттан сэрэтиигэ анаатылар. Анаан-минээн санлисток таһаардылар. Ким баҕалаах кэлэн хаанын үрдээһинин-намтааһынын бэрэбиэркэлэттэ.

Быраастар маны сэргэ тэрилтэлэринэн сылдьан лекция аахтылар. Уопсайа 100 киһини хаптылар. Итиэннэ сахарнай диабеттаах дьоҥҥо дьиэлэригэр сырыттылар. Бу күннэргэ уопсайа төһө саҥа ыарыһах баар буолбутун быһаарыахтара.

Медицинскэй сиэстэрэ Прасковья Винокурова: «Былырыын саҥа балыыһа тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Быйыл биир быраас уонна икки сиэстэрэ үлэлии кэлбиттэрэ. Ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ саҥаттан саҥа идеялары киллэрэн үлэлиибит. Уопсайынан Ойуһардаахха ыытыллар туох тэрээһиннэргэ бары да кытта сатыыбыт», — диэн кэпсээтэ.