«Улуус олоҕо»: Чинэкэҕэ тииҥ истээх сону тикпит иистэнньэҥ көмүлүөк оһоҕу хараҕынан ойуулаан тутар

2310

«Сахамедиа» суруналыыстара Бүлүү улууһун пааспарын суруйа сырыттахпытына, Чинэкэ дьахталларын түмсүүтэ тумус туттар киһилэрин, СӨ култууратын туйгунун, норуот маастарын Августина Бурнашованы кытта көрүһүннэрдилэр.  Кини иистэнэр да, уһанар да ураты талааннаах. Тыа сирин дьахтара тугу сатаабатаҕа баарай?! Күнү кытта тэҥҥэ туран, дьиэтэ, үлэтэ, дьарыга. Олоххо көхтөөх киһи — нэһилиэк киэн туттуута буолар.


— Биһиги аймах иистэнньэҥ утумнаахпыт. Былырыын историческай наука кандидата, доцент Светлана Петрова арыйбыт «Уран иис» иистэнньэҥнэр батсаап бөлөхтөрүгэр киирбитим. Онно кини 20-с үйэ саҕаланыыта Вольдемар Йохансон Саха сиригэр кэлэн, саха омугун таҥаһын-сабын, туттар иһитин-хомуоһун хомуйан барбыта, билигин Америка биир бөдөҥ мусуойугар «Азия сектора» диэн хоско турарын билиһиннэрбитэ. Ол сону Светлана Ивановна 2015 сыллаахха штатка тиийэ сылдьан, хаартыскаҕа түһэрэн, кээмэйдээн кэлбитин кэпсээбитэ. Онон сирдэтэн, маастар бэйэтэ сүбэлээн, мин оннук тииҥ истээх сону тикпитим. Эбии сарыы тастаах саһыл тыһыттан тигиллибит үтүлүгү ситэрэн биэрбитим. Киис уонна бэдэр тириититтэн бэргэһэ тикпитим. Бу соҥҥо бэргэһэ уонна үтүлүк — эбии тигиллиилэр. Аны этэрбэс наада. Сон матырыйаала – хара уонна кыһыл сукуна. Уонна саһархайдыҥы жакард матырыйаал. Сон иһигэр барыта 200-тэн тахса тииҥ тириитэ киирбитэ. Кэргэмминээн тииҥ тириитин биир кыһыны быһа имиппиппит. Тигиитин күһүөрү саҕалаан баран, тохсунньу 20-тин эргин бүтэрбитим. Ол аата сылы кыайбат кэмҥэ наар бу ииһинэн эрэ дьарыктаммытым. Ол кэннэ Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕар сахалыы ырбаахыбын, халтаҥ соммун тиктэн, былыргы үгэс буолбут таҥас көрүҥэр өрөспүүбүлүкэҕэ 2-с миэстэни ылбытым. 1-кы миэстэни 30-ча таҥаһы тиктэн кэлэн, сунтаардар ылбыттара, — диэн кэпсиир Августина Егоровна.

Жакард таҥастан оноолоох сону быйыл тиктибит. Чараас халтаҥ сон олох киин фабрикаҕа тигиллибит курдук хаачыстыбалааҕын биһирээтибит. Сонун кэтэ да илик эбит. Иистэнньэҥ бэлиэтииринэн, куонкуруска бириистээх миэстэни аҕалбыт сахалыы таҥастар бары Светлана Петрова киэптэринэн тигиллибиттэр.

Августина Егоровна халлаан күөх өҥү ордорорун этэр. Ол да иһин буолуо, тикпит таҥаһыгар үксүгэр ити өҥ баһыйар.

— Айар үлэбин быыһыбайтан саҕалаабытым. 1999 сыллаахха икки чаппарааҕы силигин ситэрэг, норуот маастарын бочуоттаах аатын ылбытым. Урут таҥас суоҕар эргэ соннор матырыйаалларыттан тигиллибит буолан, олус элэйбиттэрин көтүрэн кэбиспитим. Ону кэлин аа-дьуо хаттаан «тилиннэриэм». Билигин ииһинэн олохтоохтук дьарыктанабын. «Ыллык» уонна «Алаас» ансаамбылларга кыттар, үҥкүүлүүр дьахталларга төһө миэтирэ таҥас барарын суоттаан, өҥүн-дьүһүнүн арааран биэрэбин. Ол эппит таҥастарбын ким бэйэтэ быһан, кимиэхэ бэйэм быһан көмөлөһөбүн, — диэн кэпсиир норуот маастара.

Августина Бурнашова аны оһохчутунан биллэр маастар. Кини оһоҕу тутууга хайдах ылсыбытын маннык кэпсиир: «1989 сыллаахха кэргэмминээн саҥа дьиэ туттан киирбиппит. Онно оһох туттараары, киһини бары ыйыталаһан көрбүтүм. Ким да бокуойа суоҕа. Ыксаан биир маастартан саатар ыйан-кэрдэн биэрэригэр көрдөспүтүм. Уруһуй уонна черчение учуутала буоларым быһыытынан, ол киһим сүбэтин тута ылынаат, оһохпун оҥорон киирэн барбытым. Табыллыбыта. Ол кэнниттэн маһынан оттуллар уопсайа 7 оһоҕу туттум». Онон сэһэргэһээччим дьахтарыттан эр киһититтэн тутулуга суох, ким баҕарар оһох оҥоруон сөп эбит диэн булгуруйбат санаалаах.

Саха балаҕаныгар турар көмүлүөк – Августина сэттис оһоҕо. Бастаан утаа муусука оскуолатын дириэктэрэ Марина Гуляева көрдөспүтүгэр, маастар хараҕар оһоҕун ойуулаан көрбүт. Онно дьахтар дьабака бэргэһэтэ көстөн кэлбит. “Чэ, боруобалаан да көрүөххэ!” — диэн санаа баһыйан, көмөлөһөөччүтүн илии-атах оҥостон, нэдиэлэ курдугунан бүтэрбит.

Мин Августина Егоровна оһох оҥорор кистэлэҥиттэн үллэстэригэр көрдөспүппэр, туох да анал быраабыла суоҕун этэр: «Дьахтар ас астыырын курдук, барытын харахпынан көрөн оҥоробун«, — диир.

• Бастаан оһох турар сиригэр кирпииччэ буорун (туой) кутуллар.
• Оһох төрдүн акылаата син эмиэ дьиэ акылаатын курдук ньыманан оҥоһуллар. Маны эр дьон туталлар.
• “Уһуна-кэтитэ маннык буолуохтаах”, — диэн ааҕыы-суот суох. Оһох төрдүттэн кирпииччэни үрүт үрдүгэр уураҕын. Сотору-сотору оһохтон ыраата тэйэн, моһуонун оҥорон, көннөрөрү-көннөрөн сыбанар.
• Ити курдук хараҕынан ойууланан, оһох бэлэм буолар.

Кырдьыга даҕаны, өбүгэ саҕаттан саха киһитин мындыр толкуйа аныгы үйэ курдук, бачча миэтэрэ үрдүктээх, кэтиттээх, бачча устуука кирпииччэ киириэхтээх диэн чопчу суоттамматаҕа чахчы. Ойуулаан эрэ көрөн, көмүлүөк оһоҕу дьахтар нарын илиитэ да чочуйан таһаарарын илэ көрдүм.

Чинэкэҕэ улаханнык убаастанар киһи, илиитигэр талааннаах норуот маастара Августина Бурнашова кэскиллээҕи уонна үйэлээҕи айа-тута олорор.


«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.