Абый сылгыларыгар көмө кэллэ

217

Сэтинньи 24 күнүгэр Белай Гора аэропордугар АН-24 самолет оройуон сылгы хаһаайыстыбаларыгар 5 тн. эбиэһи аҕалан тыа олохтоохторо санаалара көтөҕүлүннэ.


Управление специалиһа В.В. Никулин этэринэн бу кэлбит эбиэс нэһилиэктэринэн үллэһиккэ барыахтаах. «Сүрүн боппуруоһунан оҥоһуллубут көмөнү тустаахтар төһө кыалларынан суһаллык ылаллара наада. Буранынан түргэнник кэлэн ыллаллар, сылгылар арыый абыраныа этилэр», — диэтэ кини.

Дьаһалта баһылыктара тиэйии-таһыы үлэтинэн күүскэ дьарыктаныахтара. Кэлбит самолет 4 тн. сылгы, убаһа этин тиэнэн Дьокуускайга илтэ, оройуон 25 тн. эти соҕотуопкалыахтаах.

Кыһыҥҥы суол тура илигинэ, бу сырыыга эти абыйдар эрэ киллэрдилэр.

 «Хотугу кыым» хаһыат.