Одуну кииһиттэн бэргэһэ кэтиэхпит

218

Сэбиэскэй Сойуус эстиэҕиттэн ханна даҕаны сымнаҕас көмүһүнэн аатырар кыылы иитии туруга мөлтөөбүтэ. Ол да буоллар, сорох хаһаайыстыбалар билигин даҕаны кыахтара тиийэринэн үлэлии-хамсыы олороллор. Итилэртэн биирдэстэрэ – норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Сергей Жирков аатынан кыылы иитэр хаһаайыстыба буолар. Дириэктэринэн эдэр киһи Максим Васильев икки сыллааҕыта ананан үлэлиир.


Олоҕун 40 сылын кыылы иитиигэ анаабыт, элбэх ыччаты бу сэдэх идэҕэ уһуйбут, билигин Бэрдьигэстээххэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Сергей Семенович аата хаһаайыстыба аанын иннигэр көмүс буукубаларынан суруллуон сурулуннаҕа.

Одунутааҕы ферма тиэргэнигэр улахан олгуйга хааһы бу аҕай буһан тахсыбыт. Кутаа уот өссө да умулла илик. Ферма иһигэр киирээт, кэлбит киһини көрсөрдүү толору кутуллубут хааһылаах биэдэрэлэр кэчигирээбиттэригэр, кэтиллэҕин. Бу барыта илии үлэтэ буоларын уонна бачча ыараханы таһарга күүстээх-уохтаах дьон үлэлииллэрин туоһулуур курдук. Оттон түгэх хоско хатыҥыр кыра дьахтар бэрт эрчимнээхтик туттан, тирии ыраастыы олорор. Аттыгар субу аҕай саҥа сүлүллүбүт саһыллар сыталлар. Хоһу киэптии улахан мас барабаан турар. Барабааннара, хата, кэнники кэмҥэ уотунан үлэлиир буолан абыраабыт. Урут илиинэн эргитэллэрэ эбитэ үһү.

Кыылы аһатан-көрөн сылдьардааҕар тириини оҥорон таһаарыы ордук бодьуустаах курдук диэн бэлиэтээтибит “Улуус олоҕо” бырайыак кыттыылаахтара. Үлэһиттэр бастаан тириини барабааҥҥа уган кураанахтыы сыатыттан ыраастыыллар, онтон аны бензин былаастаах мас көөбүлүгэр уган тириилэрин кылабачыйыар диэри эргиттэрэллэр. Дьэ, ол кэнниттэн көмүрүө хаарга булкуйа-булкуйа тэбииллэр эбит. Ол кэнниттэн тириилэри таҥастата диэн ааттаан Новосибирскайга ыыталлар. Онтон бэлэм буолбут табаары төттөрү аҕалан, “Якутский мех” диэн маҕаһыыҥҥа атыыга таһаараллар.

Кыстык кэлбитэ номнуо биллибит. Кыыллар тиэргэҥҥэ тус-туспа уйаларга тураллар. Урукку уйалар син эргэрбит көрүҥнээхтэр. Барыта эргэ эбит дуу диэҕи, тиэргэн кытыыларынан сабыс-саҥа уйалар тутуллубуттара көстөр. Ити саҥа уйаларга Москва таһынааҕы оройуонтан аҕалыллыбыт киистэри олохсуппуттар. Дьэ, доҕоор, киистэр туора дьон кэлбитин көрөн тииҥ курдук үөһээ-аллараа хатаастыы, ыстаҥалаһыы бөҕө буоллулар. Киһи ымсыырыах, хап-хара өҥнөөхтөр.

Кыыл иитээччи үлэтэ олус ыарахан үлэ. Көрөргүт курдук, барыта илии үлэтэ. Механизация киирэрэ буоллар, абыраллаах буолуо этэ. Ыарахан үлэ диэн эдэрдэр кэлэ сатаабаттар. Дьиҥэ, биһиги баарбытына үчүгэйдик үөрэнэн хаалыа этилэр даҕаны. Хата, ити икки эдэр уоллаахпыт. Биирэ — үһүс, биирэ — иккис сылын үлэлииллэр. Хамнаспыт кыһыҥҥы өттүгэр 12 тыһыынча солкуобай. Мин биэнсийэлээх буоламмын, миэхэ син эбилик курдук буоллаҕа дии. Бу көрөр хара саһылларбыт рационнарыгар биир төбөҕө 150 г эт, балык наада. Хааһыларын бурдугу уонна суухараны булкуйан оҥоробут. Анаан-минээн Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтиттэн атыыга барбатах килиэптэн оҥоһуллубут суухараны ылабыт. Саҥа көрөн-истэн эрэр киистэрбит аны саас төрүөхтэрэ диэн кэтэһэбит. Билиҥҥитэ алта киис сабыллан турар. Киис дьахтар курдук 9 ый буолан баран төрүүр. Билигин манна 15 киистээхпит. Сүрдээх хаппырыыстар эрээри боотур соҕустар.
Оттон саһылларбыт саас кулун тутар ыйтан төрөөн барыахтара. Саһыл элбээбитэ 8-ка диэри оҕону төрөтүөн сөп. Дэҥ кэриэтэ аҕыс буолааччы. Ол эрээри ортотунан 4-5 оҕолоох буолар. Быйыл 519 төрөөбүтэ, 400-тэн тахсатын собуойдуохпут. Кыылларбыт сиир балыктарын атыылаһабыт. Аһылыктарын хаһаанарга булуустаахпыт. Саас 15 т балык кэлбитин сиэтэн бүтэрдибит. Онон билигин утарытынан куораттан тиэйэн аҕала тураллар. Массыыналаах буолан бэрт, — диир Суоттуга 1982 с. кыыл иитээччи идэтигэр үөрэниэҕиттэн күн бүгүҥҥэ диэри илиитин араарбакка үлэлии сылдьар СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Клара Иннокентьевна.

Үтүө суобастаах үлэһит бэрт сөпкө этэр. Саха сиригэр кыылы иитии салаата эстибэтин туһугар кыылы иитээччилэри өйүөххэ наада. Кинилэр үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыы, хамнастарын үрдэтии бастакы уочаракка туруохтаах дьаһал буолара чуолкай. Билигин Дьокуускайга аатырар бэргэһэни атыылыыр ырыынактарыгар сылдьан көрдөххө, барыта кэлии түүлээх. “Полярнай саһыл” диэн күндүмсүтэн атыылыыр бэргэһэлэрин сыаната уонча тыһыынча солкуобай. “Олохтоох тирии баар дуо”, — диэн ыйыттахха, “Бэргэһэ барыта Новосибирскайтан кэлэр”, — диэн атыыһыттар судургутук хоруйдааччылар.

…Арай бу бэргэһэлэр быыстарыгар Одунутааҕы кыыл ферматыгар олохсуйбут киис тириититтэн оҥоһуллубут бастыҥ түүлээх кэтэр таҥас ууруллан турар буоллун. Ол күн кэлэригэр эрэллээхпит. Бу барыта олохтоох оҥорон таһаарыы, дьон дохуотун үрдэтии бэлиитикэтэ буолара кимиэхэ барытыгар өйдөнөр.