19.15 Турнир иккис күнүн быһаарыылаах киирсиилэрэ. 61 кг ыйааһыҥҥа Виктор Лебедев — Кежик Чымба. Уон аҕыс саастаах уол бу күрэхтэһиигэ үчүгэй өйдөбүлү үөскэттэ. Онон биир дойдулааҕа Начын Куулары суохтаппата диэххэ сөп.
Киирээт эдэр уол атахха түһэн икки баалы сүүйдэ. Ол гынан баран, биһиги син биир эрэллээх этибит. Эбэтэр, Виктор Лебедев — Виктор Лебедев буолуо суоҕа этэ, өскөтүн бүтэһик сөкүүндэлэргэ хапсыһыы балаһыанньатын бэйэтин туһатыгар оҥорботоҕо эбитэ буоллар. Түмүккэ сүрдээх тыҥааһыннаахтык барбыт киирсиигэ Виктор Лебедев 4:3 ахсаанынан кыайыыны ситистэ. Итиэннэ турнир боруонса призерунан буолла. Тувинец да үчүгэй өйдөбүлү хаалларда.
Кыайыылаах аатын ким ыларын быһаарсыыга Ньургун Скрябин эдэрдэргэ Европа күрэхтэһиитин кыайыылааҕа Имам Аджиевтыын тустар. Манна пресса остуолугар бииргэ үлэлии олорор Дагестан спортивнай суруналыыһа Арип Ибрагимов эппитинэн, Аджиев саамай эрэнэр уонна кэтэһэр тустууктара эбит. «Лебедев киниэхэ хотторбутугар наһаа хомойумаҥ, Аджиев бу ыйааһыҥҥа бастыҥ бөҕөспүт, Лебедев кыра ыйааһынтан тахсан туста сылдьар» — диэн биһигини уоскутар.
Хапсыһыы быыһыгар Бакуга буолан ааспыт Европа дойдуларын оонньууларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт бөҕөстөрү чиэстээһин буолла. Бастакынан биһиги Виктор Лебедевпитин ыҥыран наҕараада туттардылар.
Скрябин — Аджиев тустууларыгар биһиги уолбут атахха ыстаммытыгар, дагестанец атаҕыттан ыллара сылдьан бэйэтин нөҥүө эспитигэр, Ньургун көтөн хаалбакка, утарсааччытын кутталлаах балаһыанньаҕа тутта. Итинник балаһыанньа бу хапсыһыыга иккитэ хатыланна. Биир балаһыанньаҕа Аджиев атахха киирэн, киһибит кэннигэр тахсан, балайда мучумааннаһан баран стойкаттан накааттаабытыгар икки баалы биэрдилэр. Ити курдук, икки өттүттэн сытыытык барбыт тустууга 7:2 ахсаанынан кыайан, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ыччата Ньургун Скрябин турнир кыайыылааҕынан буолла.
Онон бэҕэһээ ытыспытын соттубут эбит буоллахпытына, бүгүн быдан сэргэхсийдибит. Биир кыһыл көмүс, биир боруонса мэтээллээхпит.
Сарсын 65, 70 уонна 97 кг ыйааһыннаах бөҕөстөр тусталлар. Биһиэннэриттэн Виктор Степанов — Европа чемпиона, аан дойду призера Магомед Курбаналиевтыын (Дагестан) тустар буолбут. Оттон бу ыйааһыҥҥа иккис киһибит Константин Власов аллараа бөлөххө — Россия чемпионатын призера Исраил Касумовтыын (Красноярскай) киирсэр. Көрөргүт курдук, уолаттарбыт күүстээхтэргэ түбэспиттэр. Ол баҕар үчүгэйгэ буолуо. Кинилэри батыһан, салгыы тустан хаалыахтарын наада.
Степанов бөлөҕөр өссө Мурад Нухкадиев, Логан Стайбер (АХШ), Ганзориг Мандарахнаран (Монголия) курдук биллэр бөҕөстөр бааллар. Власов бөлөҕөр Алибекгаджи Эмеев, Ильяс Бекбулатов, Брент Меткалф (АХШ) курдук күүстээхтэр бааллар.
70 кг Герман Устинов аллараа бөлөххө Аюб Абредж диэн абхаз уолун кытта тустар. Онно кыайдаҕына, сэрэйдэххэ опыттаах Ильдус Гиниятуллинныын көрсүөн сөп. Онон Герман сэрэбиэйэ куһаҕана суох диэххэ сөп.
Манан турнир иккис күнүн сырдатыыны түмүктүүбүт. Барыгытыгар махтал! Тустууну таптаан, тустууга сүгүрүйүҥ, тустууга бэриниилээх буолуҥ!