10.15 Үтүө күнүнэн, тустууну таптааччылар!
Красноярскайдааҕы турнир үһүс, бүтэһик күнүгэр саха бөҕөстөрө хайдах кытталларын сырдатыыны салгыыбыт. Бүгүн наар эр дьоннор күрэхтэһэллэр. Үс ыйааһын — 65, 70, 97 кг. Биһигиттэн Виктор Степанов, Константин Власов уонна Герман Устинов тусталлар. Итини тэҥэ 97 киилэҕэ биир дойдулаахпыт Евгений Коломиец кыттар.
Виктор Степанов (65 кг) утарсааччыта, бу ыйааһын бастыҥ бөҕөһө — Европа чемпиона, аан дойду чемпионатын призера дагестанец Магомед Курбаналиев. Уолбут сатаан утарсыбата, 0:10 ахсаанынан сабырыйтарда. Биир түгэҥҥэ киһитин умса көтөн, накатка эргиппитин, аахпатылар. Тоҕотун өйдөөбөтүбүт. Ол да буоллар, Викторга эрэнэбит. Курбаналиев финалга тахсар түгэнигэр, биһиги уолбут салгыы тустуон сөп.
Красноярскайдааҕы ШВСМ иккис призера буолан, турнирга киллэриллибит Мэҥэ-Хаҥалас ыччата Константин Власов сэрэбиэй быһыытынан Россия чемпионатын призера Исраил Касумовтыын тустар. Уолбут сатаан утарсыбата, бастакы түһүмэххэ 0:10 ахсаанынан хотторон кэбистэ. Эрдэ эппитим курдук, Касумов финалга тахсыан сөп. Оччотугар биһиги уолбутугар салгыы тустарга кыах үөскүүр.
Биһиэннэриттэн көбүөргэ бастакынан Герман Устинов (74 кг) таҕыста. Кини утарсааччыта — Аюб Абредж, Красноярскай быйылгы аһаҕас чемпионатын призера. Спортивнай суруналыыс Николай Бястинов эппитинэн, бүгүн Герман төрөөбүт күнэ эбит, 21 сааһа. Онон уол дьоһуннук тустан, бэйэтигэр бэлэх оҥороругар баҕарыаҕыҥ. Хапсыһыы хайдах ааста? Киирээт, Герман киһитин кууһан ылан бэйэтин таптаан туттар албаһынан (үөһэттэн лампочка) быраҕан, түөрт баалы биирдэ олордон ылла. Ол кэнниттэн кыратык уоскуйан ылбытыгар уола бастаан атахтаан охторон баран, тута Арсен Фадзаев сөбүлээн туттар албаһыгар (коронка) эргитэн эбии икки баалы сурунна. Ити курдук бастакы түһүмэх 4:4 буолла. Иккискэ киирэн Герман эмиэ киһитин хабан ылан быраҕан, чочумча сытыараат, ыраас кыайыыны ситистэ.
Диктор Герман Устинов бүгүн бэйэтин төрөөбүт күнүгэр бастакы бэлэх оҥорбутун кэпсээтэ. Аныгыскы эргииргэ Герман опыттаах бөҕөс Ильдус Гиниятуллинныын тахсар буолла. Киирсии саҕаланна. Гиниятуллин халыҥ көрүҥнээх, биһиги уолбутуттан өндөс. киирээт да, уолбут хараҕын өлөрдө. Бастакынан кыайыы баллын Ильдус ылла, систээн түһэрэн баран накаттаата (4:0). Иккис түһүмэххэ киирсиини сытыырхата сатаата. Ону көрөн судьуйалар биһиги уолбутугар биир очкону биэрдилэр. Салгыы өссө сытыырхатан атахтаан икки бааллы ылла. Хапсыһыы бүтүөр диэри араастаан киирэ сатаата даҕаны, Ильдус киллэрбэтэ. Онон кыһыылаахтык хоттордубут.
Аны уолаттарбытын кыайбыт бөҕөстөр Курбаналиев, Касумов, Гиниятуллин салгыы хайдах тусталларын кэтиибит. Кинилэр финалга тахсар түгэннэригэр, эбии тустар кыахтаахтар.
Оттон Евгений Коломиец Анзор Болтукаевка хотторон кэбистэ.