Күүстээх Бүөтүр

754

Ааспыт нэдиэлэҕэ үлэбэр хары баттаһааччынан биллибит Бүөтүр Наумов күлэн-мичилийэн киирэн кэллэ. Ыалдьытым үөрүүлээх сонуннаах кэлбит. Үгүһү кэпсии барбакка, Свердловскай уобалас мас-рестлиҥҥэ чөмпүйэнээтиттэн кыайыы көтөллөөх кэлбитин хаартысканан көрдөрдө уонна «Дьэ, хайыыбыт?» диэбиттии арылыччы көрөн кэбистэ.

Кырдьык, аҕам саастаах киһи бэйэтиттэн икки-үс төгүл эдэр дьон ортотугар пьедестал үрдүкү үктэлигэр турар…

Олоххо ситиһии барыта биир түгэнтэн турар.

— Дьэ эрэ, Петр Иванович, үөрүүлээх сонуннаах киирэн соһуттуҥ да, үөртүҥ даҕаны. Бастатан туран, ааҕааччыларга билиһиннэриэххэ эрэ, бу туох күрэхтэһиигэ баран кэллиҥ?  Саамай үөрүүлээҕэ, кыайыылааҕынан тахсыбыккын!

— Кулун тутар 7 күнүгэр Свердловскай уобалас Сысерть диэн куоратыгар мас-рестлинг күрэхтэһиитигэр бэрэстэбиитэл уонна кыттааччы быһыытынан баран кэллим. Үөрүөх иһин, 70 киилэҕэ эр дьон ортотугар бастакы миэстэни ылан, үөрэн-көтөн кэлэн олоробун. Мас тардыһыыга Свердловскай уобалас чөмпүйэнээтэ сэттис сылын ыытылынна. Барыта сүүсчэкэ кыттааччы баар. Мин түөртэ кииристим. Уолаттар наһаа кытаанахтар, 70 киилэ диэн күүстээхтэн күүстээхтэр, сымсаттан сымсалар кыттар ыйааһыннара.

— Бу күрэхтэһиини хантан билэн, ити дьону кытта хайдах-хаһан сибээстэһэн, баран кыттан кэлбиккин, бука, интэриэһиргиир киһи элбэх буолуохтаах.

-Аан бастаан Свердловскай уобалас Екатеринбург куоратыгар “Золотой тигр” диэн улахан күрэхтэһиини тэрийэн ыыппыттара. Онно арааһынай көрүҥнэр элбэх этилэр. Хары баттаһыы эмиэ баара. Бу көрүҥ – Екатеринбурга сүрдээҕин тэнийбит көрүҥ. Мин ону уруккуттан билэбин.

2010 сыллаахха аан бастаан ити күрэхтэһиигэ биир көрүҥ быһыытынан биһиги мас тардыһыыбытын киллэрбит этилэр. Ону миэхэ билиҥҥи РФ үтүөлээх тренерэ Петр Давыдов эппитэ, кини мин ааттаах атаһым. Кини, Бүөтүр эн кыттыаххын сөп этэ, манна эйигин Күүстээх Бүөтүр диэн ааттыыбыт, онон бэлэмнэнэ түһэн баран тиийбэккин дуо диэн эттэ. Ону истэммин, дьарыктанан киирэн барбытым. Оччолорго эрчиллиибин тохтотон баран сылдьар кэмим этэ. Бу саҥа көрүҥ буоларынан, кинилэргэ көмөлөһө таарыйа бардахха хайдаҕый ди санаабытым. Мин былыргылыы, лаппаччы олорон баран хара күүспүнэн тардабын, билиҥҥилэр курдук албастары билбэппин да, туттубаппын даҕаны. Ол гынан баран, үөрэнээччилэрбэр барытын сатаан быһаарабын.

Москваҕа көтөр аалынан тиийэн баран, салгыы харчым татым буолан поеһынан айаннаабытым. Онно айаннаан иһэн, арай эр дьон илии баттаһа олороллоругар түбэһэ түстүм. Үөрүү-көтүү, хаһыы-ыһыы, өрүкүйүү бөҕө. Туох даҕаны тириппиттэр-хоруппуттар аҕай. Уопсайынан, нууччалар сөбүлүүр оонньуулара эбит. Дьэ, киирсии бөҕө. Ону мин, урукку кыдьыктаах киһи тулуйбатым, киирэммин, баттаһан киирэн бардым. Аан дойду чемпиона киһи, төһө даҕаны спорду быраҕа сылдьарым үрдүнэн, син урукку дьарыгым сылдьар буоллаҕа дии. Дьэ, баттаталаан киирэн бардым. Онно “һуу-һаа” буола түстүлэр. Сорохтор хотторбуттарыгар итэҕэйиминэ хастыы эмэтэ киирдилэр. Син эрийэ, ыксата сырыттылар эрээри, кимиэхэ даҕаны хотторботум.

Ол кэмҥэ арай, биир киһи миигин ыҥыран ылан «эн биһикки баттаһыахха эрэ» диэтэ. Миигиттэн арыый өндөс, быһата 80-ча киилэлээх киһи. Дьэ, кэлэн баттаһан көрөн баран тулуспата. Онтон бу эн кимҥиний диэн, бэйэтин купетыгар ыҥыран кэпсэттэ, аһатта. Ону мин күрэхтэһиигэ баран иһэрбин эттим. Мас тардыһыы туһунан кэпсээтим. Киһим интэриэһиргээтэ аҕай. Билсибитим, киһим Алексей Юрьевич Казаков диэн эбит. Бэйэтэ уу спордунан дьарыктанарын кэпсээтэ. Свердловскай уобалас Екатеринбургтан 25 км баар Сысерть куоракка олорор эбит.

Дьэ, киһим мин тиийиэхтээх күрэхтэһиим хаһан, хастан буолар аадырыһын ыйытан биллэ уонна көрө кэлиэм диэтэ. Екатеринбурга тиийэн, дойдулаах киһи быһыытынан гостиница булларан олохтоото. Онон кинилиин табаарыстаһан хааллыбыт. Эппитин курдук, күрэхтэһиини кэлэн көрдө. Мин үчүгэйдик кытынным, киһим үөрдэ-көттө, массаастыыр хайыыр. Онтон ыла бу киһи мас тардыһыытын сөбүлээн федерация тэрийдэ. Ити кэмтэн ыла Алексей Юрьевич Свердловскай уобалас мас-рестлиҥҥэ федерациятын президенэ. Челябинскайга, Пермьҥэ, Екатеринбурга тиийэ сыллата күрэхтэһиилэри тэрийэр.

Челябинскайтан Андрейченко диэн күүстээх киһини булан манна ыытыллыбыт аан дойду чемпионатыгар кытыннара сылдьыбыта. Россия күрэхтэһиитигэр саамай улахан делегациялаах хамаанданы өрүү кини аҕалар. Дойду чемпионатын призердарын бэлэмнээн таһаарда. Онон мас тардыһыытын тарҕатааччынан буолла. Россия регионнарыттан бэйэтэ мас-рестлиҥҥэ аналлаах саала тэриннэ. Дьэ, дьикти киһи. Онон мин киниэхэ махтанабын. Билигин аны «Азия оҕолоро» оонньууга хамаанданы бэлэмнии сылдьар.

Ити курдук, А.Ю.Казаковы кытта билсэн, 2011 сыллаахха Екатеринбурга тиийэн уобалас күрэхтэһиитигэр 70 кг ыйааһыҥҥа бастаабытым. Онно Спорт национальнай киинэ (дириэктэр И.Ю.Григорьев) миигин бэрэстэбиитэл быһыытынан ыытан, судьуйалааһыҥҥа көмөлөһөн, бириис илдьэн туттаран, бииргэ үлэлэһэн кэлбитим. Быйыл күрэхтэһиини тэрийсэ кэлэҕин дуо диэн телефоннуу сылдьыбыта. Ону мин бэрэстэбиитэл эрэ быһыытынан буолбакка, өссө ыҥырар буоллаххытына, күрэхтэһээччи быһыытынан тиийэбин диэтим. Дьэ, онно киһим үөрэн-көтөн, һуу-һаа буолан, биһиги спорка министиэристибэбитигэр сурук ыыппыт этэ. Ол сурукпун туппутунан «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ салайааччыта Матвей Евсеевкэ тиийэбин. Киһим тута ылынан, үчүгэйдик бэлэмнэнэрбэр баҕарбыта. «Статика» фитнес киинигэр кэлэн хайдах дьарыктанарбын көрөн-истэн, итэҕэйэн барбыта. Онон Матвей Николаевич көмөтүнэн баран, кыайан-хотон кэлбиппинэн, киниэхэ махтанабын!

Доруобуйа уонна уһун үйэлэнии киинин аһыахпын баҕарабын

-Сүрүн, үөрүүлээх сонуммут ис хоһооно итинник. Оттон эн, этэргэ дылы, олоххун – чөл олоххо анаабыт, эккин-сииккин сайыннарыыга үлэлэспит киһигин. Ити чааһынан тугу этиэххин сөбүй?

-Биһиги аҕабыт Иван Тарасович Наумов чөл олохтоох киһи этэ. Кини 103 сааһыгар диэри олорбута. Ытык кырдьаҕас бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Кини биирдэ даҕаны тымныйан да көрбөтөҕө. Тоҕо диэтэххэ, чөл, чэгиэн-чэбдик сылдьыыга бэйэтэ туспа үөрэхтээх этэ. Ол аата, айылҕаттан ылбыт бэйэтин киһи этин-хаанын чэбдигирдэр, хайдах гынан ыарыыттан көмүскэнэр, харыстанар ньымалаах этэ. Ити ньыманы киниэхэ ийэтэ Татыйаас, кырдьаҕас эмээхсин, мин эбээм иҥэрбитэ. Эбээм бу олохтон 107 сааһыгар барбыта. Биһиги бииргэ төрөөбүт ахсыабыт. Биһиги таҥара көмөтүнэн бары доруобайбыт. Аҕам үөрэҕин олох бүтүннүү уһуйан ылбыт киһи мин баарбын.

-Бээрэ, ол туох үөрэҕин, баһаалыста, билиһиннэр эрэ.

-Сүрдээх интэриэһинэй үөрэх. Билигин үөрэхтэнэн, кини үөрэҕинэн күүскэ дьарыктанан, 70 сааспын үс ыйынан туолаары олорон санаатахпына, бу үөрэх комбинированнай эбит. Ити илиҥҥи дойдулар үөрэхтэриттэн, йогаттан, цигунтан, ушуттан… барытыттан холбуу ылан, өссө бэйэтэ элбэҕи эбэн туспа үөрэх оҥорбут. Ол үөрэҕи, бэйэтэ сатаан аахпат да, суруйбат даҕаны Татыйаас айылҕаттан булан ылбыт. Кыра сылдьан ыалдьар эбит, оттон айылҕаҕа сылдьан сүүрдэҕинэ-көттөҕүнэ, хамсаннаҕына-имсэннэҕинэ хайдах эрэ ол ыарыыта ааһар буолбут. Ол иһин ону бэйэтигэр ылынан, сүрдээх мындыр толкуйга киирэн, улаатан истэҕин аайы сайыннаран, айылҕаны кытта кэпсэтэр, айылҕаттан күүс ылар буолбут. Аҕам аах эмиэ сүрдээх ыарыһах эбиттэр. Бары сэллигинэн. Ол иһин аҕабын кыра оҕо эрдэҕиттэн үөрэтэн, аҕам кыһалҕаттан ийэтин үөрэҕэр уһуйуллан хаалар. Онтон ыла хаһан да ыалдьыбат.

Чэ, аһаҕастык этэбин, ханнык да санным нөҥүө силлээбэккэ олорон, мин ыарыыны билбэппин. Тоҕо диэтэххэ, ыалдьаары гыннахпына, аҕам ньыматын туттабын. Аны туттаргар хайдах туттаҕын диэ? Дьон интэриэһиргиирэ буолуо дии саныыбын. Мин тымныыга хаһан баҕарар сүрдээх халтаҥнык таҥнан сылдьабын. Чараас бачыыҥканан кыстыыбын диэххэ сөп. Ону дьон саалаҕа эҥин тиийдэхпинэ муодаргыыллар. Онно эмиэ туспа ньыма баар. Киһи чараастык таҥнан сылдьан тоҥоро дьиҥинэн сатаммат. Ону чараастык таҥнар буоллаххына, бэйэҕин күүһүрдэн, күүрдэн биэрэҕин. Өйгүнэн-санааҕынан. Оччоҕуна кыратык тоҥоҕун, кыратык стресс ылаҕын, онтукаҥ доруобуйаҕын хатарар. Чэ, ити биир тылынан кыайан этиллибэт.

Аҕам аатынан доруобуйа киинин аһыахпын баҕарабын. Кииним аата «Доруобуйа уонна уһун үйэлэнии киинэ» диэн буолуохтаах. Биһиги, сахалар бу үөрэҕи ылынарбыт эбитэ буоллар, үйэбитин уһатыа этибит. Итиэннэ 70 сааспытыгар сылдьан эдэрдэри спорка тоҕута тарда сылдьыа этибит. Онон бу киин аһыллара наада. Ити боппуруоһунан мин, Ил Дархан Егор Афанасьевиһы кытта көрсөн кэпсэтиэхпин баҕарабын. Кини миигин өйдүө дии саныыбын.

Аны дьэ, хайдах гынаҕын диэтэххэ, сороҕор тымныйаҕын, оччоҕо мин дьонтон тэйиччи барабын, киһи көрүө суохтаах. Ол баран биэс-уон мүнүүтэ бэйэм ньымабынан эрчиллэбин. Хамсанабын-имсэнэбин, көрөбүн-истэбин, араастаан тыынабын. Ону билбэт киһи туораттан көрдөҕүнэ бу буккуллар киһи эбит диэн сөп. Оттон бу киин тэриллэн, үчүгэйдик үлэлээтэҕинэ, мин туох баар билиибин-көрүүбүн ууран биэрэбин. Бэйэм санаабар, мин ньымам ханнык да наукатааҕар улахан диибин.

Кыайыыны, эрчиллии-дьарыктаныы быһаарда

-Петр Иванович күрэхтэһиибитигэр төнүннэххэ, эйигин бэрэстэбиитэл быһыытынан ыҥырбыттарыгар, күрэхтэһэ тиийэргин биллэрбиккин. Онуоха эн ханна, хайдах эрчилинниҥ?

-Дьэ, итиннэ мин эрдэттэн бэлэмнэммитим. Сыал-сорук туруоруммутум. Олох кыайардыы эрэ. Тоҕо диэтэххэ, мин 70 сааһым, кыттар ыйааһыным — 70 кг, киһи мээнэ оонньообот киилэтэ. Ол иһин икки ый инниттэн бэлэмнэммитим. Күрэхтэһии буоларын, Казаков миэхэ телефоннуурун эрдэттэн билэр этим. Миэхэ наставник наадата суох, практически үйэм тухары эрчиллибит киһибин. Онон ноҕуруускабын эҥин бэйэм билэбин. Миэхэ быраас наадата суох, бэйэбин бэйэм ньымабынан кэтээн көрөбүн, харыстанабын уонна турукпун билэбин диэххэ наада. «Статика» саалатыгар эрчиллэбин. Уолаттар сүрдээх үчүгэй сааланы аспыттарыгар махтанабын! Манна үлэлиир Денис Тонгоесов миигин босхо кэриэтэ сырытыннарар. Онон махталым улахан. Нэдиэлэҕэ икки күн кини саалатыгар эрчиллэбин, икки күн «Модуҥҥа» сылдьабын. Наар мас тардыһыытыгар анаан дьарыктанабын. Мин салалтабынан икки кыыс эрчиллэр. Бу иннинэ хаһан даҕаны спорка сыстан көрбөтөх кыргыттар. Онон тренер быһыытынан «ыраас лиистэн» саҕалаан эрчийэн таһаарыахпын, бэйэм методикабын тургутан көрүөхпүн баҕарабын.

ХИФУ-га тренер Яна Захароваҕа тиийэн, бэйэбитин бэрэбиэркэлэнэн көрбүппүт. Биир кыыһым син киирсэ сатаабыта, оттон бэйэм боруобалаһа тиийбит киһи биир доруобай уолу көрөн тардыһыах диэтим. Киһим оҕонньор дии санаата быһыылаах, ээ, суох, бу уолу кытта тардыс диэн, кыра соҕус уолу ыйан биэрдэ. Бэйэтэ мачайданыан баҕарбата бадахтаах. Чэ, ол уолу уонна атыттары тартым. Кэнники били доруобай уолум бэйэтинэн кэлэн утары олорунан кэбистэ. Ити курдук, туран сынньана-сынньана чаас курдук барыларын кытта тардыһан, биир да киһиэхэ саатар биир маһы биэрбэтим. Ити кырдьыгынан этэбин.

Дьэ, итинтэн миэхэ санаам кэллэ, сөптөөхтүк дьарыктана сылдьар эбиппин диэн. Кими баҕарар кытта бэйэм ыйааһыммар киирсэр кыахтаах эбиппин диэн. Онон кыайарга эрэллээх айаннаатым.

Күннээн сылдьан 270 киилэни тардан турабын

-Петр Иванович, ити ыараханы көтөҕүүгэ, анньыыга бастыҥ көрдөрүүлэргин билиэхпин баҕарабын. Күүскүн кээмэйдиир көрдөрүүлэргин ыйытабын ээ.

-Мас тардыһыыта ыарахан көрүҥ. Манна күрэхтэһэр киһи эргиччи бэлэмнээх буолуохтаах. Мээнэ киһи күрэхтэспэт. Тоҕо диэтэххэ, икки тэҥ киһи тардыстаҕына, олох тыыммат буолан хаалаллар, ыбылы тардыһан кэбиһэллэр. Онноҕор мэйииҥ эргийиэхчэ курдук буолаҕыҥ. Этэргэ дылы, хараҕыҥ уһуллан тахсаары гынар, ытыһыҥ ньылбы баран хаалар. Оннооҕор мадьынылар тэҥнээх киһигин кытта күүскэ, туох бааргынан тардыстаххына, кулгааҕын кытта күүрэр диэччилэр. (Саһыгыраччы күлэр). Ол баар, дьэ оннук өйдөөн кэбиһиэххэ наада. Мөлтөөн биэрдин даҕаны, киһиҥ тардан ылар буоллаҕа дии. Ол иһин күүрэн олоруоххун наада.

Ити Свердловскайга кыайыыбынан миигин уобалас сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киллэрдилэр. Онон муус устар ортотугар Тверь куоракка буолуохтаах мас-рестлиҥҥэ эр дьон ортотугар Россия чөмпүйэнээтин финалыгар кыттаары сылдьабын. 70 сааспар бэйэбэр бэлэх оҥоруохпун наада.

Биир доҕорум этэр, дьэ Бүөтүр эн олоҥхоҕо кэпсэнэр кэпсээни оҥордун диэн. Ону мин маҥнай хайдах эрэ өйдөөбөтөҕүм, утуйаары сытан толкуйдаабытым, кырдьык оннук эбит. Бу, 70 саастаах киһи сиэннэрин тэҥэ дьону күүһүнэн кыайара диэн киһи өйүгэр баппат түгэн. Аннараалар оннук ылыннылар даҕаны. Боруоста сөҕүү-махтайыы бөҕө буолла. Ылан көрдөххө, кыайыы дэбигистик кэлбэтэ, уолаттар сиппиттэр-хоппуттар, тардыһыы техникатын барытын билэллэр, охторо да сыстылар. Мин киирсии саҕаланыаҕыттан күүскэ тардан кыайталаатым. Саха уолаттара албастара элбэх, киһини тута охторон баран ньылбы тардан ылаллар, оттон соҕурууларыҥ тута тардыбытынан бараллар. Ол аата, биһиэннэрэ хара күүстэринэн буолбакка, албастарынан кыайаллар.

Оттон ити ыйытыыгар хоруйдаатахха, күүһү көрдөрүү – ол аата, становай тяга. Бастакынан штанганы анньыы, иккиһинэн олорон баран туруу. Мин итини убаастыыбын. Ол оннугар сытан эрэн ыараханы өрө анньыыны улаханнык ылыммаппын. Ити күүһү көрдөрбөт. Ол гынан баран, пауэрлифтиҥҥэ үһүс көрүҥ быһыытынан киирэр. Мин паэурлифтиҥҥэ киирсиэхпин эдэр эрдэхпиттэн баҕарар этим. Кыахтаах да этим. Ол гынан баран, пауэрлифтиҥҥэ экипировкалаах эрэ киирэр буоланнар, ону сөбүлээбэккэ хаһан да кыттыбатаҕым. Онтон бу кэнники истибитим, экипировката суох күрэхтэһиини көҥүллээбиттэр. Дьэ, ол иһин мин аны бэтэрээннэргэ экипировката суох кыттар санаалаахпын.

Экипировка диэн, холобур, становай тяганы оҥорор буоллахтарына, трико кэтэллэр, ыга да ыга тутар шортик кэтэллэр. Ону икки-үс киһи көмөлөөн кэтэрдэр. Аны маайканы эмиэ хас да киһи куолаан кэтэрдэр. Бу барыта эчэйбэтин, элбэҕи көтөхтүн диэн уонна ыга да ыга курданаллар. Ону мин Петр Давыдовтан ыйыталаһан билбитим, ити экипировканы сөпкө туһаныы ыараханы көтөҕүүгэ 60-70 киилэни көмөлөһөр диир. Аны туран, олорон баран турууга иккилии миэтэрэ жгутунан атахтарын бааналлар. Этэргэ дылы, тымыр быһа барыар диэри. Ити ньыма 30-ча киилэни эбэр үһү. Онон экипировка улаханы быһаарар эбит. Ол иһин мин онно киирбэппин.

Аны мин үчүгэй дааннайым диэн, ааспытын кэннэ эттэххэ, становай тягаҕа туох да экипировката суох 270 киилэни тардар этим. Билигин сааһыран баран, бэйэбин бэрэбиэркэлэнэ таарыйа холонон көрбүтүм, 180 киилэни эрэ тартым. Күрэхтэһэ бараары сылдьар буоламмын бэйэбин харыстанным.

Спортивнай аһылыгынан үлүһүйбэттэригэр сүбэлиибин

-Билигин чөл олоххо тардыһыы маассабай буолан эрэр. Кыһыҥҥы кэмҥэ саалаларга киһи бөҕөтө, аны билигин халлаан сылыйан, күн уһаан хаҥкылааччы, хайыһардааччы элбэх. Билигин эр дьоннуун-дьахталлардыын бэйэ быһыытын-таһаатын оҥостуу муода буолла. Тренажернай саалалар элбээтилэр. Эн, сэрэйдэххэ онно талаһар буолуохтааххын.

-Мин спорка киириэхпиттэн сыал-сорук туруорбутум. Бастатан туран, доруобуйа. Онтон кэрэ көстүү, спортсмен кэрэ көстүүлээх буолуохтаах. Дьэ, ол кэнниттэн ситиһии. Миэнэ оннук, ону бу күҥҥэ диэр тутуһа сылдьабын. Холобура, доруобуйаҕын биэрэн туран ситиһиини баҕарар буоллахха – сыыстараҕын. Арааһынай эми сии-сии. Ону мин олох сөбүлээбэппин. Эрчиллэ сылдьан көрдөххө, спортивнай аһылыгы наһаа тутталлар. Мин билэрбинэн, мас тардыһааччыларбыт бары сииллэр. Итинэн быһыыларын тупсараллар, дагдайаллар, кырдьык күүһүрэллэр, химия буоллаҕа дии. Кистэл буолбатах былырыын 75, 80 киилэҕэ киирсэр мадьыныларбыт билигин 100 кг ыйааһыҥҥа күрэхтэһэ сылдьаллар. Онон түгэнинэн туһанан уолаттарга спортивнай аһылыгынан үлүһүйүмэҥ диэн этиэхпин баҕарабын. Толкуйдаан да көрдөххө, итиннигинэн туһанар киһи сымыйанан күүһүрэр (ложная сила). Саас туох даҕаны дыгдаһан тахсан баран, күһүн саалаҕа урукку курдук дьон киирэн кэлэллэр. Таилаҥҥа, Турцияҕа эрчиллэр саалаларга сылдьан көрдөххө, спортивнай аһылыгы ким даҕаны туһаммат. Дьээбэ эбит. Мин муодаргаатым. Оттон Россия куораттарыгар сылдьан көрдөххө, бүтүннүү химия, албын күүс. Химия диэтэххэ өһүргэнэллэр, “спортивнай аһылык” дииллэр. Ити Россия ыччатын эһэр биир ньыма эбит дии санатым. Онон эдэрдэр толкуйдуохтарын наада эбит.

Тренажернай саалалар аһыллыбыттара наһаа үчүгэй. Дьон сылдьар буолла. Биһиги спорка миниистирбит Михаил Гуляев үчүгэй үлэни ыыта сылдьар. Кини кэлиэҕиттэн спорка хамсааһын таҕыста.

 

-Петр Иванович уонна түмүккэ, бу киһи сөҕөр-махтайар дьыалата. 70 саастаах киһи эдэр дьону кытта чэгиэн-чэбдик сылдьан маннык тэҥҥэ күрэхтэһэн өссө чөмпүйүөн буолара улахан дьыала. Манныкка хайдах тиийдиҥ уонна атыттарга холобур көрдөрдүҥ.

-Спорка уһун үйэлэнии кистэлэҥэ диэн тугуй? Ыйааһыны элбэҕи үүрүмүөххэ наада. Билигин уолаттар наһаа элбэҕи үүрэллэр. Ол доруобуйаҕа хайаан да охсор. Улахан спортсменнар күрэхтэһэллэрин, дьарыктаналларын тохтоттохторуна наһаа уойан хаалаллар. Элбэхтэ хамсаныахха наада. Киһи, мин кырдьыа суохтаахпын диэн бэйэтигэр бырагыраама оҥоруохтаах. “Киһи кыраһыабайдык кырдьыахтаах” дииллэрин кытта сөпсөспөппүн. Киһи приятнайдык кырдьыахтаах дии саныыбын. Сирэйдиин-харахтыын, эттиин-сиинниин, таҥастыын-саптыын. Пляжка, баанньыкка, эбэтэр саалаҕа сырыттахха дьон сүрдээҕин быһыыбын-таһаабын сэҥээрэ көрөр. Тоҕо диэтэххэ, пропорционально сайдыылаахпын, кырдьык. Бэйэтэ-бэйэтигэр сөрү-сөп. Мин культурист буолбатахпын. Ыараханы көтөҕөбүн, ыараханы тардабын.

Кэпсэттэ Петр ПАВЛОВ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.