Улуус олоҕо: Анатолий Павлов күннээҕи үлэни чэпчэтэргэ араас техниканы айар

1177

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин 380 сылын уонна “Манчаары оонньууларын” көрсө Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ тупсан, киэркэйэн иһэрэ харахха быраҕыллар. Сахамедиа суруналыыстара сиэдэрэй оҥоһуулаах тиэргэннээх, ыраахтан дьэндэйэн көстөр дьиэҕэ тиийэ сырыттыбыт.


Бөһүөлэккэ ыаллар тиэргэннэрин уурбут-туппут курдук оҥостон олороллоро харахха тута быраҕыллар. Сабыс-саҥа, араас дьэрэкээн кырааскалаах, ойуулаах-мандардаах олбуордар күн-түүн элбээн иһэллэрин олохтоохтор бэлиэтээн кэпсииллэр.

Биир оннук сиэдэрэй оҥоһуулаах тиэргэҥҥэ тиийэн кэллибит. Манна Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо, аэронавигацияҕа радиотехниктыыр Анатолий Павлов дьиэ кэргэнэ олорор. Кини сүүрбэттэн тахса сыл телемаастарынан бытовой кэмбинээккэ үлэлээн баран, олохтоох аэропорка үлэлээбитэ 15 сыл буолла. 1 категориялаах радиотехник.

Анатолий Кириллович өссө 1969 сылтан саҕалаан “Радиоконструктор”, “Моделист-конструктор”, “Радио” сурунаалларга сурутан, саҥаны айар үлэтигэр, күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар туһанан кэллэ. Бүгүн «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн кини айымньыларын кытта билиһиннэрэбит.

Хаар ыраастыыр

Тыа сиригэр халыҥ хаар түстэҕинэ, ону күрдьэргэ сыра-сылба баранар. Анатолий Кириллович киэҥ тиэргэнигэр күн аайы ону дьаһайа сылдьан хайдах үлэни чэпчэтиэххэ сөбүн толкуйдаан, төбөтүн сынньар идэлэммит.

Онтон билигин кини бэйэтэ айан оҥорбут хаар ыраастыыра хайдахтаах да халыҥ сөҥүү түспүтүн 20 мүнүүтэ иһигэр ыраастаан кэбиһэр. Бу айбыт тэрилигэр “штиль” мотуорун туһаммыт. Саас-сайын онтун өһүлэн ыллаҕына, эрбии буолан хаалар. Онон эргиччи туһалаах. Подшипникка “УАЗ” генераторын икки өттүттэн ылан олордубут. Дьиҥинэн, балыксыттар мууһу үүттүүр “ледобур” диэн тэриллэрэ баарынан оҥостубут. Кэлин интернети хаһыспыт. Шнек резьба барсыан сөбүн быһааран, ону туһаммыт. Тэрил хаары туора ыһар.

Тимир, сүүрэр аан

Олбуорум сүүрэр аанын бу сайын оҥорбутум. Киирэн иһэн арыйан кэбиһэр курдук. Маннык механизмы түүлбэр көрбүтүм. Бэлэсипиэт сыабын шестеренканан соһон ылар курдук толкуйдаабытым. Аан сүүрэригэр анаан 2 эргийэр көлүөһэлээх. Кольцевой выключателлэрдээх. Уу циркуляциятын мотуора туһаныллар. Пульта суох буоллаҕына, кнопканан сабыахха-арыйыахха сөп. Уопсайынан, бэлэсипиэт сыаба барыга бары олус туһалаах. Ону сыбаалкаттан эҥин булабын, — диир саҥаны айааччы.

“Буһа сылдьар” айымньылар

Бэйиэт хоһоону суруйарын курдук, айар киһиэхэ саҥа идея куруук киирэ турар”, — диир мындыр толкуйдаах киһи. Аны сиэннэригэр “Дружба” эрбии мотуорун туһанан мото-наарта оҥорор баҕалаах. Оччоҕо оҕолор чугастааҕы күөлгэ хатааһылыа этилэр диир. Ыһыыга бэлэмнэнэн, хортуоппуй сирин тиэрэри оҥорор санаалаах. Онто эмиэ хаары күрдьэр тэрилгэ майгынныаҕа. Толкуй торумнаммыт, үлэҕэ киллэрэрэ эрэ хаалбыт.

Хаартысканан үлүһүйүү

Саҥаны айааччы урут массыынанан радиоузел оҥорбута, билигин даҕаны туттулла сылдьарыттан үөрэр. Кулууптарга усилитель оҥорон биэрбитэ олус туһалаабытын ахтар. Кэлин тимири иһэрдиинэн дьарыктанан эрэр. Өссө хаартыскаҕа түһэрэр идэлээх.

“Өйдөөх дьиэ”

Быйыл сайын кыыһын дьиэтин ситэрэн-хоторон оҥороору бэлэмнэнэр. “Өйдөөх дьиэ” бириинсибин туһаныам диир. Бэйэтэ олорор дьиэтин бастакы этээһин муостата тымныйарын иһин “итии муоста” тэлгэтээри, наадалаах тээбиринин хайы-үйэ атыыласпыт. “Уу спираль курдук бардаҕына, муоста тэбис-тэҥҥэ сылыйыаҕа”, — диир Анатолий Кириллович.