Аммаҕа СӨ спортка миниистирэ, 2018 сылга улууска ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын 7-с Оонньууларын республикатааҕы тэрийэр хамыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Балакшин кэлэн мунньахтаата.
Миниистир Оонньуулар эбийиэктэринэн үлэ хаамыыта хайдаҕын билистэ. Ол курдук аан бастаан 1-кы нүөмэрдээх оскуола алааһыгар тутуллуохтаах элбэх функциялаах спортсаала миэстэтигэр сырыттылар. Саала тутуутун аукциона хаттаан ыытылла турар. Онон бу күннэргэ кыайыылаах биллэн, туох да харгыс тахсыбатаҕына, үлэ хамсыахтаах. Манна пляж волейбола тэриллиэхтээх сирин көрдүлэр.
Ыччат кыбаарталын анныгар тутулла турар стадиоҥҥа сырыттылар. Тутуу кимиилээхтик бара турар. Прораб Д.В. Филиппов күһүн хойукка диэри бетон тэлгээһинин, дьиэ конструкциятын бүтэрэллэрин иһитиннэрдэ. «Графиктан аҕыйах хонук хаалан иһэбит да, ситиэхпит«, — диэн эрэллээхтик этэр.
Оробуочай бөлөх салгыы дьон сөтүөлүүр сирин көрдө, «Олимп» лааҕырга бара сырытта.
Спортинг күрэхтэһиитэ ыытыллыахтаах миэстэтин ирдэбиллэргэ эппиэттэспэт диэн быһаарыы ыллылар. Онон атын сири буллулар.
Миниистир салайар көһө сылдьар хамыыһыйатын мунньаҕар нэһилиэк баһылыктара кыттыыны ыллылар. Мунньаҕы улуус баһылыга Н.А. Архипов салайан ыытта. Туруоруллубут соруктар туолууларын, Оонньуу ыытыллар нэһилиэктэрин баһылыктара Бөтүҥ, Чапчылҕан, Амма, Чакыр хайдах тупсарыыга үлэлэһэ сылдьалларыгар иһитиннэриилэр буоллулар.
Түмүккэ Георгий Русланович тутуу үлэтэ кэминэн баран иһэрин бэлиэтээтэ, ол гынан баран тупсарыныыга дьон-сэргэ өссө күүскэ хамсанарыгар сүбэлээтэ. «Оонньуулары көрсө Амма улууһугар ыытыллар тутуулар хаамыыларын уончалыы хонук буола-буола кэлэн бэрэбиэркэлиир буолуохпут«, — диэн эттэ.