Анаабыр улууһун олохтоохторун биир саамай киэн туттар поэттарынан Леонид Туприн буолар. Кини тыыннааҕа буоллар 70 сааһын томточчу туолбутун бар дьонун ортотугар бэлиэтиэхтээҕэ. Дьылҕа-хаан араас. Ыарахан ыарыы кинини эрдэ илдьэ барбыта. Ол эрэн кини айымньылара тыыннаахтар. Дьиэ кэргэнэ, биир дойдулаахтара умнубаттар. Бу күннэргэ ытык киһилэригэр аналлаах тэрээһиннэр буолаллар.
Леонид Семенович Туприн 1947 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр Анаабыр оройуонугар Үрүҥ-Хайа бөһүөлэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Елена Иннокентьевна уол 11 саастааҕар ыалдьан өлбүтэ. Бу кэмҥэ Леня суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытара.
Уол кыра сааһыгар, оҕолору кытары таба муоһунан оонньуу сылдьан, алҕас муоска төбөтунэн дэҥнэммитэ. Аҕата — бастакы стахановец — Семен Титович уонна эдьиийэ оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн, Сэбиэт председателинэн үлэлээбит көмүс тарбахтаах норуот маастара Прасковья Семеновна төһө да уолу эмтэтэ сатаабыттарын үрдүнэн ыарыы медицинаҕа бэриммэтэҕэ. Леонид инбэлиит буолар дьылҕаламмыта.
Хаһан да бүтэн биэрбэт балыыһа сиэрэй күннэрин кырачаан Леня элбэх кинигэни ааҕан аралдьытынан барыыра. Кини бу кинигэлэриттэн элбэҕи билбитэ. Холобура, Николай Островскай «Ыстаал хайдах хатарыллыбыта» диэн романыгар хараҕа суох суруйааччы бэйэтин уобараһын Павел Корчагин диэн ааттаан суруйбутун, саха литературатыгар С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин сэриигэ ылбыт бааһыттан хараҕа суох да буола сытан элбэх сэһэннэри, кэпсээннэри суруйарын олуһун сөҕө аахпыта.
Леонид Туприн төһө да ыар ыарыыга ылларан сыттар, кыралаан суруйан, айымньылаах олох кэрэ эйгэтигэр ылсыбытынан барбыта. Кини олох иһин охсуһуута, айар талаанын сайыннарыыта, олоххо көхтөөх көрүүтэ бу кини тус бэйэтин кыайыыта буолбута.
Леонид Семенович дууһатын иэйиитэ – кынаттаах тыллартан субуллубут хоһоонноро буолаллар. Манна ыраас тапталы, туундара кэрэ айылҕатын, үтүө санааланыыны, олоххо эрэл күүһүн хоһуйуута киһи эрэ сүрэҕин нүөлүэр, долгутар, уостубат таптал эрэлин хаалларар. Бу кэмнэргэ кини оройуон хаһыатын көхтөөх рабселькора буолан нэһилиэгин олоҕун мэлдьи сырдата турара.
Төһө да орон киһитэ да буоллар, чугас дьоннорун, доҕотторун, оҕолорун көмөлөрүнэн нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көтүппэккэ сылдьара. Ону кини олоххо дьулууруттан уонна бу суругун быһа тардыытыттан да көрөбүт: «Мин бэйэм доруобуйам уруккутун курдук кэминэн. Кэргэним олус диэн ыарытыйар. Бугун кыыһым Аленка ыалдьан муҥурдааҕын быстара Сааскылаахха көттө. Атыттар үчүгэйдэр. Аҕам тохсунньу 19 күнүгэр өлбүтэ. Мин саҥам чуолкайа суох буолан иһэр, ыарыым бэргиир. Ол эрээри үчүгэй буолар иһин охсуһабын, тулуһа сатыыбын».
Анаабыр улууһун Үруҥ-Хайа долган нэһилиэгин бастакы поэта Леонид Семенович Туприны дьоно-сэргэтэ таптаан – долган Корчагина диэн ааттаабыттара. Кини «Кынаттар» диэн хоһооннорун кинигэтин 1991 сыллаахха Анаабыр улууһунааҕы «Севернэй» сопхуос уонна Анаабырдааҕы аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоцияциялара үбүлээн «Анаабыр уоттара» хаһыат редакцията оройуоннааҕы типографияҕа бэчээттээн таһаарбыттара. Автор бу кинигэтигэр 38 хоһооно киирбитэ.
Леонид Семенович кэргэнинээн Светлана Николаевналыын алта оҕону төрөтөн улаатыннаран олох сырдык аартыгар үктэннэрбиттэрэ. Оҕолоро билигин бары ыал буолан, дьиэ-кэргэн күн күбэй ийэлэрэ, амарах аҕалара буолан олороллор.
Поэт Туприн Леонид Семенович кыра эрдэҕиттэн ыарахан ыарыыга ыллара да сытан, инникигэ эрэллээх буолан, олохтон үтүөтүн тутуһан дьонугар-сэргэтигэр, кэргэнигэр, туйах хатарар, аатын ааттатар кэнэҕэс кэнчээри оҕолоругар сырдык, ыраас, дьоллоох олоҕу баҕаран туран олох иһин охсуспут эбит.