2017 сылга Бүлүү куоратыгар ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи XI-с Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытынан уонна Олоҥхо Декадатын чэрчитинэн, «Олоҥхо ыһыаҕа: төрүт үгэс, сөргүтүү, үйэтитии» өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ буолла.
Дуорааннаах тэрээһин түһүлгэтэ Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж дьиэтигэр тэрилиннэ. Алгысчыт Владимир Николаев-Тоорукча 9 хотой уол, 7 кыталык кыыс арыалдьыттаах киирэн аал уоту оттон ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттары алҕаата. Ол кэннэ Василий Каратаев аатын сүгэр олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай бөлөхтөрүн сүрүн састааба олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэрдилэр. Онтон Бүлүүтээҕи педагогическай колледж “Айылгы” ырыа-үҥкүү бөлөҕүн норуодунай коллектива “Алгыс” үҥкүүтүн толордо.
Итинник сэргэхтик киирии кэнниттэн, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров уонна СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Николай Макаров үөрүүлээх быһыыга-майгыга мустубут дьону, кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр, дьаныардаах үлэни баҕардылар.
Тэрээһин чэрчитинэн барыта 15 хайысханан олуктар үлэлээтилэр. Манна биллиилээх учуонайдар, олоҥхо экспертэрэ, исписэлиистэрэ, В.Илларионов, ХИФУ профессора, филологическай наука доктора, И.Алексеев – Хомус Уйбаан, ХИФУ ХИНТуоКИ профессора, филол. наука доктора, Г.Филиппов, университет ХИНТуоКИ профессора, филол. наука доктора, Г.Попова-Санаайа, пед. наука кандидата, ХИФУ ХИНТуоКИ профессора, А.Захарова, СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибилэрин киинин салайааччы Е.Сергина, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун профессора, пед. наука кандидата, Т.Павлова-Борисова, СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин искусствоҕа, киинэҕэ отделын кылаабынай исписэлииһэ, искусствоведение кандидата, Е.Чехордуна, пед. наука кандидата, ХИФУ педагогическай институтун этнокултуураҕа үөрэхтээһини чинчийэр лабораториятын сүрүннүүр исписэлииһэ, кытыннылар. “Уус сатабыла” олугу Я.Игнатьева (А.Кулаковскай аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтин дириэктэрэ) ыытта. Сахалыы төрүт аска И.Тарбахов (Россия үтүөлээх повара, РФ атыытын-эргиэнин үтүөлээх үлэһитэ) маастар кылаас көрдөрдө.
Бүлүү олохтоохторугар биир улахан долгутуулаах, күүтүүлээх түгэнинэн, Бүлүү улууһун олонхоһута Василий Каратаев аата Олоҥхо дьиэтигэр иҥэриллибитэ, мемориальнай дуоска арыллыбыта буолла. Ону сэргэ, Бүлүү улууһун уран тарбахтаахтарын айымньыларын, «Олоҥхо Бүлүү оҕолорун хараҕынан», Национальнай художественнай түмэл «Художники рисуют Олонхо» быыстапка дьон-сэргэ болҕомтотун тартылар.
Бастакы күн «Алгыс» сынньалаҥ киинигэр «Бүлүү иэйэр кута» диэн Бүлүү улууһун талааннаах ыччаттарын улахан гала-концера буолла. Салгыы «Олоҥхо дьиэтэ» Духуобунас киинигэр түүн оройугар диэри саха сирин биллиилээх олоҥхоһуттарын олоҥхолорун иһиттилэр. Ол курдук, Ньурбаттан В.Иванов-Чиллэ Баһылай, Дьокуускайтан В.Исаков, Бүлүүттэн С.Иванов-Чочу Сэмэнэ, В.Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар кэллэктииптэрэ олоҥхолоотулар. Бу кэннэ дохсун ытыс тыаһыгар уйдаран улуус баһылыгын аатыттан хас биирдии олоҥхоһукка тэрийээччилэр анал бэлэхтэри туттардылар.
Иккис күн научнай-практическай кэмпириэнсийэ пленарнай мунньаҕын култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Николай Макаров иилээн-саҕалаан ыытта. Мустубут дьоҥҥо улуус аҕа баһылыга Сергей Винокуров Ытык Бүлүү сиригэр ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ туох үлэ бара турарын билиһиннэрдэ. Ол курдук, Форуму таһынан биэс киһилээх «Олоҥхо дириэксийэтэ» тэриллэн үлэ олунньуттан саҕаламмыт. Муус устарга ТРС « Панорама» киинигэр Олоҥхо ыһыаҕар үп-харчы хомуйуутугар анаан телемарафон ыытыллыбыт. «Тапталлаах куоратым» фонда счетугар Олоҥхо ыһыаҕар анаан Бүлүү улууһун араас тэрилтэлэрэ, общественнай түмсүүлэрэ, урбаанньыттар, биирдиилээн дьон кыттан бүгүннү күҥҥэ 3,0 мөл.солк хомуллубут. Оройуон бюджетыгар 2016-2017 сылга сана объектар тутууларыгар 36,2 мөл.солк. көрүллэн, аһаҕас конкурс түмүгүнэн ООО Дизайн-студия “УРАН” КЭК «Хомустаах» түһүлгэтин сорох тутуутугар үлэтин саҕалаабыт. Тутуллуохтаах эбийиэктэринэн Алтан сэргэ, Туос ураһа, Аал-луук мас, саҥа тырыбына, 2 моҕол ураһа, күнү көрсөр сир, киирии аарка буолаллар. Маны сэрпгэ Олоҥхо дьиэтигэр өрөмүөн үлэлэрэ саҕаламмыттар, Бүлүү улууһун олоҥхоһуттарын туһунан справочниктар, хомуурунньуктар уонна да атын кинигэлэр бэчээккэ тахсаары тураллар, о.д.а. ааттаталыахха сөп.
Икки күннээх үлэ түмүгүнэн санаа атастаһыыта буолла. Аһаҕас кэпсэтиигэ баҕалаах дьон бэйэлэрин көрүүлэрин эттилэр. Онтон Үөһээ Дьааҥы, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Горнай уо.д.а уулуустарга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыахтарын тэрээһинигэр сүүрбүт-көппүт ыалдьыттар интириэһинэй, сөптөөх кэккэ иһитиннэриилэри оҥорбуттара болҕомтону улаханнык татта.
Үлэ түмүгүнэн рекомендация ылылынна. Ол курдук, олоҥхону толоруу үгэстэрин саҥа көлүөнэҕэ тиэрдиигэ улахан болҕомтону ууран, бу үтүө үгэс кэлэр көлүөнэлэргэ бара турарын ситиһэр инниттэн анал тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытарга; олоҥхо ыһыаҕар эдэр олоҥхоһуттарга туспа түһүлгэ тэриллиитин, оҕо түһүлгэтин тэрийиини ситиһэргэ; Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ, чуолаан Олоҥхо ыһыаҕын арыйыыга научнай консультаннары кыттыһыннарарга; СӨ Бырабыыталыстыбатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕын ыытарга уонна СӨ бүддьүтүттэн Бүлүү сиригэр Олоҥхо Ыһыаҕын ыытарга сөптөөх үбү-харчыны көрөрүгэр; Саха бастакы композитора М.Н.Жирков төрөөбүтэ 125 сылын көрсөр үбүлүөйгэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах II-с ааҕыылары ыытарга уонна ол түмүктэринэн хомуурунньук тахсар үбүн уйунарыгар; СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министерствотын иһинэн үлэлиир Научнай методическай сэбиэт тэрийэн үлэлэтэргэ; С.А.Зверев-Кыыл Уола 9 мэҥэ хамнаныылаах оһуор үҥкүүтүн Олоҥхо ыһыаҕар үгэс быһыытынан киллэрэргэ; саха сыахайын оҥорууну сайыннаран, «Сыахай» куонкурус-быыстапкатын, төрүт саха дьарыктарын – ат толору симэҕин оҥоруутун, батыйа, быһах, хомус охсуутун, туос иһиттэри уонна чороону оҥорууну киллэрэргэ уо.д.а.
Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара, тэрийээччилэрэ киэҥ хабааннаах үлэ былаана толоруллубутун, аһаҕас кэпсэтиилэр бэркэ барбыттарын, дакылаатчыттар үрдүк таһымнаахтык бэлэмнэнэн кэлбиттэрин бэлиэтээтилэр. Тэрээһин үөрүүлээх сабыллыыта “Алгыс” сынньалаҥ киинигэр буолла. Манна өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо тыйаатырын артыыстара П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотун уус-уран туруоруутунан түмүктээтилэр.
Далааһыннаах тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциацията, СӨ Духуобунас Академията, СӨ норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинэ, ХИФУ, Арктикатааҕы култуура уонна искусство института, А.Кулаковскай аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтэ, Култуура уонна искусство колледжа, СӨ педагогикатын Ассоцияцията, Дьокуускай куорат «Арчы» дьиэтэ, Олоҥхо тыйаатыра, Дьокуускай куораттан уонна 14 улуустар делегациялар, Бүлүү улууһун олохтоохторо кытыннылар. Бэлиэтээһининэн барыта 1500 тахса киһи кыттыыны ылбыт.