Муус устар 8 күнүгэр сыл ахсын Россия үрдүнэн “Байыаннай комиссариат үлэһиттэрин күннэрэ” бэлиэтэнэр. Бу күҥҥэ 1918 сыллааахха Норуот Комиссардар Сэбиэтин Декретынан буоластааҕы, уезтааҕы, губерниятааҕы уонна уокуруктааҕы байыаннай комиссариаттар тэриллибиттэр.
Бу Кыһыл Аармыйа туруутугар биир сүрүн государственнай аакта буолар. Онон байыаннай комиссариаттар тэриллибиттэрэ быйыл лоп курдук сүүс сылын туолла. Бу бэлиэ күнү муус устар 9 күнүгэр “Айхал” этно-култуурнай кииҥҥэ сулууспалаахтар уонна олохтоохтор, Булуҥнааҕы уонна Эдьигээннээҕи байыаннай комиссариат үлэһиттэрэ үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр.
Байыаннай комиссариат көхтөөх, чаҕылхай үлэтинэн кылгас кэм иһигэр, модун күүстээх үтүөтүнэн биллэр. 100 сыл устатын тухары комиссариаттар Дойду сэбилэниилээх күүһүн, көмүскэнэр кыаҕын бөҕөргөтүнүүтүн сайдыытыгар кылааттарын уурбут уонна салгыыр сүрүн тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ буолаллар.
Булуҥ улууһун баһылыга Игорь Кудряшов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уопсастыбаннай палата чилиэнэ Татьяна Асаева, улуустааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Леонид Калимбет, 14145 нүөмэрдээх байыаннай чаас хамандыыра Родион Мосенцев уонна кинилэр биир идэлээхтэрэ бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын эттилэр, бары үчүгэйи баҕардылар. Ол курдук эҕэрдэлээччилэр чэпчэкитэ суох үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо инникитин үлэлиир үлэлэрэ бэриниилээх, таһаарыылаах буоларыгар баҕардылар.
Россия үрдүнэн улахан суолталаах күҥҥэ Булуҥнааҕы уонна Эдьигээннээҕи байыаннай комиссар Андрей Приходченко таһаарыылаах үлэтин иһин мэтээлинэн наҕараадаланна. Байыаннай комиссариат салайааччыта Андрей Георгиевич бииргэ үлэлиир дьонугар “Байыаннай комиссариаттар 100 сыллара” диэн туоһулаах өйдөбүнньүк мэтээллэри, грамоталары туттартаата. Ону таһынан махтал суруктары, грамоталары Тиксии араас эйгэтигэр үлэлиир үлэһиттэригэр туттардылар.
Үлэһиттэри наҕараадалааһын кэнниттэн култуура, байыаннай салаа үлэһиттэрэ, ону тэҥэ Тиксии бөһүөлэгин оҕо саадын иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна талааннаах дьон дойду үрдүнэн суолталаах күҥҥэ бырааһынньыктааҕы кэнсиэр бэлэх ууннулар. Бэлиэтээн эттэххэ, уһуйаан кырачааннара олус үчүгэй сахалыы, онтон салгыы, хоту дойдутугар олорорбутун туоһулуур бэрт үчүгэй хотугулуу үҥкүүлээн, дьон сүргэтин көтөхтүлэр.