«Бичиктэр» Горнайга кинигэ атыылыыр маҕаһыын баар буоларыгар баҕа санааларын этиннилэр

166

Ааспыт бээтинсэҕэ Бэрдьигэстээххэ Духуобунас киинигэр С.А.Новгородов аатынан «Бичик» кинигэ кыһатын салалтата ааҕааччыларын кытта көрсүһүүтэ олус истиҥник ыытылынна.


Ыалдьыттары улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Ю.А.Алексеев эҕэрдэлээтэ. «Бичик» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ А.В.Егоров сүрүн үлэлэрин сиһилии билиһиннэрэн туран, билиҥҥи уустук кэмҥэ кинигэ ааҕыыта хайдахтаах курдук улахан суолталааҕын, интернет ситимэ киэҥник сайдыбыт кэмигэр даҕаны, кинигэ хаһан да сүрүн суолтатын сүтэриэ суохтааҕын туһунан, киэҥник быһааран кэпсээтэ.

Кинилэр чахчыларынан, Саха сирин үрдүнэн Горнай улууһа кинигэни ааҕар 10 бастыҥ улуус иһигэр киирэрин, кэлэр өттүгэр бу көрдөрүүнү өссө тупсарар наадатын этэн, иһитиннэрэн туран, улуус киинигэр кинигэ атыылыыр маҕаһыын баар буоларыгар баҕа санаатын иһитиннэрдэ.

Кинигэ кыһатын кылаабынай редактора В.Н.Луковцев, бу кыһа ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуламмыт литература редакциятын сэбиэдиссэйэ, биир дойдулаахпыт Н.П.Андросова эмиэ бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Саха сиригэр киэҥник биллэр поэт Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо айар үлэтин кэпсээн туран, хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдэ.

Билигин кыһа биир дьоһун соруга: Саха сирин туһунан Россия араас регионнарыгар, атын омук дойдуларыгар кытта киэҥник билэллэрин туһугар, араас кинигэлэри омук тылынан бэчээттэтэн тарҕатыы буоларын киэн тутта, сөҕө-махтайа да иһиттибит.

«Бичик» кинигэ кыһата горнайдарга сүдү бэлэхтээх кэлбиттэрин үөрдэ-көтүтэ билиһиннэрдилэр. Ол курдук, оҕо поэта «Куруҥ тыаҕа мустаммыт куобахчааннар элбэхпит» диэн хас эмэ көлүөнэ ыллаабыт хоһоонноох Григорий Иванович Данилов «Мэник тэник хоһооннор» диэн кинигэтин бэчээттэтэн аҕалбыттар. Оҥоһуута үчүгэйэ, бары страницалара өҥнөөх буолан, оҕо ааҕарыгар умсугутуулаах, тутарыгар-хабарыгар да олус табыгастаах гына бэчээттэммит.

Аҕатын хоһооннорун бүтүн Саха сирин үрдүнэн тарҕатыыга кыһамньылаахтык дьарыктанар кыыһыгар, педагогическай наука кандидатыгар Азалия Григорьевнаҕа Надежда Петровна истиҥник махтанна, сэмэй бэлэхтэрин туттарда.

Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ ити кинигэ сүрэхтэниитэ ыытыллан, поэт айар үлэтин туһунан кэпсээн, оҕо саадтарын иитиллээччилэрэ биллиилээх поэт хоһооннорун ааҕан, сонун көрсүһүүнү өссө киэргэттилэр.

«Бичиктэр» биир кэрэхсэнэр тэрээһиннэринэн улуус киинигэр, сахалыы тахсыбыт кинигэни саамай элбэҕи ааҕар дьиэ кэргэни, ааҕааччыны уонна оҕону анаан-минээн, ааттаан-суоллаан наҕараадалаабыттара буолла. Дьиэ кэргэн — Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтоохторо Татьяна Ионовна, Василий Николаевич Павловтар, бастыҥ ааҕааччы — Николай Семенович Михайлов, элбэҕи ааҕар оҕо — А.Н.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 3-с «В» кылааһын үөрэнээччитэ Эркин Григорьев.

Көрсүһүү түмүгэр «Бичик» кинигэ кыһата уонна улуус дьаһалтата, бииргэ үлэлииргэ соруктанар сөбүлэһиигэ илии баттаатылар. Салгыы библиотекаҕа элбэх кинигэ бэлэхтээтилэр. Олохтоохтор, бу күн талбыт кинигэлэрин атыылаһан, үөрдүлэр-көттүлэр, өссө да маннык көрсүһүүлэри тэрийэ туралларыгар баҕа санааларын эттилэр.