Социалистическай Үлэ Геройа Роман Иннокентьевич Константинов төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэри түмүктүүр дьаһалы чурапчылар Саха театрыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыыттылар.
Дьоруойга анаммыт үбүлүөйдээх тэрээһин сыл устата үгүс республикатааҕы, улуустаҕы дьаһалларынан түмүктэннилэр. Үөрүүлээх чааска кыттыыны СР Правительствотын Председателин солбуйааччы, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев, Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Ноговицын, Мындаҕаайы нэһилиэгин баһылыга Илья Николаев, Дьоруой ииппит кыыһа Аграфена Ноева ыллылар. Роман Иннокентьевич олорбут олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан киэн дакылааты улуус баһылыга оҥордо.
Бу үбүлүөйдээх дьаһалга республикатааҕы хамыһыйа тэриллэн, былааннаах үлэ ыытылынна. Ол чэрчитинэн, республикатааҕы сылгыһыттар слеттара, күрэхтэрэ, научнай-практическай конференция, кинигэлэр тахсыылара, республикатааҕы ыһыах барыта санаа хоту сатанна.
Бу күн «Чурапчы» кооператив, улуус бааһынай хаһаайыстыбаларын бородууксуйаларын киэҥ быыстапката турда. Бары кэлбит ыалдьыттары Дьоруой төрөөбүт дойдутун дьоно-сэргэтэ сылаас чэйинэн көрсөн, иһирэх кэнсиэри бэлэхтээтилэр.