Эдьигээҥҥэ улуус нэһилиэктэрин баһылыктарын Сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Быйылгы сыл оройуон олоҕор туох ситиһиилэрдээх, кыһалҕалардаах түмүктэнэн эрэрин туһунан оройуон баһылыга А.Е. Мандаров билиһиннэрдэ.
Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы биһиги Эдьигээммит олоҕор, үп-харчы эргииригэр быһаарар оруоллааҕын туһунан санааттан баһылыктар Сүбэ мунньахтара саҕаланна. «Америка президенинэн Дональд Трамп быыбардаммыта Россия аан дойдуга оруолун саҥа өттүттэн көрөргө үчүгэй өттүттэн сабыдыаллыырыгар эрэнэбит. Үүнэр 2017 сыл үп-харчы эргииригэр ыарахаттардаах буолуо диэн сабаҕалыыллар. Ол да буоллар биһиги олорон хааларбыт сатаммат. Эһиил Эдьигээн үбүлүөйдээх сылынан сибээстээн үлэбит былаана киэҥ. Ситиһиллибитинэн уоскуйан хаалбакка, салгыы өссө күүскэ үлэлиэхпитин, республика салалтатын иннигэр баар кыһалҕаларбытын туоратарга, саҥа сүүрээннэри киллэрэргэ, ситиһэргэ туруорсуохпутун наада», – диэн баһылык санаатын эттэ.
Сүбэ мунньахха Бэстээх нэһилиэгин баһылыга Г.Ф. Мальцевтан ураты нэһилиэк баһылыктара бары кыттыыны ыллылар. Уон ый түмүгүнэн нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран тутуу сылыгар туох үлэ ыытыллыбытын туһунан сиһилии кэпсээтилэр.
Оройуон киинигэр Эдьигээҥҥэ тупсарыы сылыгар уулуссалары оҥоруу, эргэ дьиэлэри көтүрүү, оҕо площадкаларын тутуу, уулуссаларга лаампалары туруоруу, кылабыыһа территориятын ыраастааһын курдук үлэлэр ыытыллан кэллилэр. Бу сылга Эдьигээн 512 олохтооҕо бөҕү-сыыһы хомуйуу субуотунньугар кыттыыны ылбыт.
— Оҕо оонньуур площадкаларын тутууга, таҥан туруорууга нэһилиэк депутаттарын, биирдиилээн олохтоохтор өттүлэриттэн интэриэс лаппа улаатта. Быйыл Эдьигээҥҥэ түөрт оҕо площадката туруорулунна. Ордук «Нордин» уокурук депутата С.В. Острожников, чааһынай урбаанньыттар Поповтар дьиэ кэргэттэрин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кычкина уулуссаҕа көтүрүллүбүт икки этээстээх уопсай дьиэ оннугар оҕо площадкатын тутуутун былаанныыбыт, — диэн нэһилиэк баһылыга В.Н. Сорокин бэлиэтиир.
Эдьигээн нэһилиэгэ саахалланар кутталлаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү федеральнай программаҕа күүскэ ылсан үлэлиир. Эһиил да бу үлэ былааҥҥа бастакынан турар. Үбүлүөйдээх нэһилиэк эһиилги сылга Эдьигээн нэһилиэгин туһунан кэпсиир кинигэни бэчээттэтэр соруктаах.
Кыстатыам нэһилиэгэ уон ый түмүгүнэн 20 мөл. солк. бюджеттаах үлэлээн кэлбит. Мантан нэһилиэк тас көстүүтүн тупсарыыга 2 мөлүйүөннээх үлэни ыыппыт. Былаан быһыытынан уулуссалары сырдатыыга 80 светодиоднай лаампа туруоруллуохтааҕыттан 35-һэ холбоммут. «Хаалбыт лаампалары аны саас ыйыахпыт. Ааспыт сылга 20 ыал киин ититэр ситимҥэ холбоммут эбит буоллаҕына, быйыл эбии 20 ыал холбонно. Икки саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ», — диэн баһылык Н.Н. Сергеева кэпсиир.
Эһиилги үлэ былаана үбүлүөйдээх сылы кытта сибээстээх. Нэһилиэк историятын кэпсиир кинигэни таһааттарарга «Бичик» кинигэ кыһатын кытта Т.Н. Бурцева үлэлэһэ сылдьар. 300 устууканан тахсар кинигэ уопсай суумата – 600 тыһ. солк. диэн ааҕыллыбыт.
— Аны саас Саккырыыр — Сыатаа — Кытстатыам маршрутунан табанан кэлэр омук туристарын көрсөргө бэлэмнэнии үлэни ыытабыт. Нэһилиэк олохтоохторо Булуҥ улууһун Күһүүр маршрутунан үлэ опытын атастаһа, көрө-истэ барарга былаанныыбыт. Чурапчы көһөрүллүүтүн кытта ситимнээн Хайахсыт нэһилиэгин кытта үлэбитин салгыыбыт. Эһиилги сылга балык соҕотуопкатыгар «Байкал» тэрилтэни кытта үлэлэһэргэ этии киирдэ. Кинилэр бэйэлэрин өттүлэриттэн үлэ миэстэтин таһаарабыт диэн этиилэрин нэһилиэнньэ сэргээтэ. Үлэбит былаанын сүрүн соруга – таас оскуолабыт тутуута. Оскуола тутуллуохтаах территориятын оҥоруу, ол аттыгар олорор ыалларбытын, баар объектары көһөрүүгэ үлэлэһэбит. Кыстатыам нэһилиэгэ Эдьигээҥҥэ, Баахынайга үлэҕэ киирбит спортивнай площадка тутуутун туруорсабыт, — диэн Н.Н. Сергеева үлэ инники былааннарын туһунан билиһиннэрдэ.
Билиҥҥи туругунан 265 киһи олорор Баахынай бөһүөлэгэр тупсаран тутуу сылыгар үгүс үлэ ыытыллыбыт. Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын министиэристибитэ биллэрбит куонкуруһугар оройуон нэһилиэктэриттэн соҕотох Баахынай бөһүөлэгэ Граны ылары ситиспитэ. Быйыл саҥа котельнай үлэҕэ киирэн, аҕыс дьиэ ититэр ситимҥэ холбоммут. Баахынай бөһүөлэгэ кэнники сылларга пааматынньыктары, сквердэри туруорууга, үлэлээн-хамсаан ааспыт дьоннорун мэҥэ тааска суруйан үйэтитиигэ күүскэ ылсан үлэлиир. Эһиил манна өссө биир саҥа Учууталларга анаммыт сквер арыллыаҕа.
— Үлэбит инники былаана — 60 миэстэлээх оскуола дьиэтин, түөрт квартиралаах эдэр специалистар олорор дьиэлэрин тутуу. Нэһилиэкпитигэр 11 дьиэ саахалланар кутталлаах дьиэлэр испииһэктэригэр киирсэр, докумуоннарын барытын оҥордубут. Оҕо саадын дьиэтигэр түргэн быһаарыыны ирдиир икки тутуу баар. Ол — ас астыыр дьиэ уонна таҥас сууйар сир. Роспотребнадзор ирдэбилинэн, ити икки тутууну хайаан да ыытыахтаахпыт, — диэн кэпсиир баһылык Н.И. Антонов.
Бэстээх нэһилиэгин баһылыга Г.Ф. Мальцев оннугар специалист Х.Т. Кочнева отчуоттаата. Быйылгы сылга Бэстээх нэһилиэгэр тупсаран тутууга элбэх үлэ былааннаахтык ыытыллыбыт. Үлэ инники соруга – элбэх функциялаах киини тутуу.
Сүбэ мунньахха нэһилиэк баһылыктарыгар анаан туһааннаах специалистар ханнык саҥа хайысхаларга, уларыйыыларга болҕомто ууруохтаахтарын туһунан кэпсээтилэр. Тутууга уонна сир-уот сыһыаннаһыыларыгар отдел кылаабынай специалиһа С.Н. Ефремова: «Үлэ ыытыллар. Ол гынан баран отчуота кыаллыбакка, кумааҕыга киирбэккэ хаалар. Ол түмүгэр олорор дьиэни тутууга оройуон былаанын толорбот диэн көстөн тахсар. Онон нэһилиэк баһылыктара саҥа үлэҕэ киирбит дьиэлэри отчуоттааһыҥҥа күүскэ ылсан үлэлиэххитин наада», – диэн этэр.
Эдьигээн нэһилиэгин дьаһалтатын специалиһа Г.В. Луковцева саахалланар кутталлаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү программаны олоххо киллэриини дьаһалта үлэтин опытыгар сыһыаран кэпсээтэ. Кылаабынай госуларственнай налоговой инспектор А.А. Оконешникова нолук сокуонугар киирбит уларыйыылар туһунан билиһиннэрдэ. Урукку өттүгэр налуок төлөөһүнүн туһунан санатар суруктар кэлэр эбит буоллахтарына, билигин киһи бэйэтэ мин сирим-уотум, дьиэм, массыынам нолуогун төлүөхтээхпин диэн бэйэтэ толкуйдаан, анал суруга суох баран төлүүр буолла. Онон ити өттүгэр нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр үлэ миэстэтигэр ыытыллыан наадатын ыйда. Военкомат специалиһа Т.А. Мальцева ахсынньы 1 күнүттэн военкомат биһиги оройуоммутугар үлэтин тохтоторунан сибээстээн, инники өттүгэр отчуот барыта Булуҥ улууһугар ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ уонна бу кэм устата бииргэ үлэлээн кэлбит нэһилиэк баһылыктарыгар дириҥ махталын биллэрдэ. Хонтуруоллуур-ааҕар отдел кылаабынай инспектора Л.С. Никифорова ирдэниллэр отчуоту бириэмэтигэр туттаралларыгар сүбэлээтэ. Социальнай харысхал управлениетын начальнига Я.С. Андреева бэлиэтээбитинэн, оройуон нһэилиэнньэтин 70 бырыһыана социальнай төлөбүрүнэн туһанар. Управление нөҥүө барыта 20 социальнай төлөбүр оҥоһуллар. «Социальнай көмүскэл эйгэтигэр киирэр уларыйыылар туһунан билэ-көрө олоруоххутун наада»,- диэн этэн туран, нэһилиэнньэ саамай наадыйар үс хайысхатын — олорор дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбонууга көрүллэр субсидия, социальнай контракт, республикатааҕы ийэ хапытаалын туһунан кэпсээтэ, сүбэ-ама биэрдэ.
Саҥа талыллыбыт оройуон депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ В.В. Тарсенко саҥа састаабы билиһиннэрдэ.
Баһылыктар Сүбэ мунньахтарын А.Е. Мандаров: «Биһиги бэйэбит туспутугар буолбакка, нэһилиэнньэ туһугар үлэлиибит. Бу ыытыллар үлэ барыта оройуон сайдыытыгар анаан оҥоһуллар. Онон нэһилиэнньэ интэриэстээх, олоххо көхтөөх буолара наада. Биһиги нэһилиэнньэбит көхтөөх, бэйэтин санаатын аһаҕастык этэр, баар кыһалҕаларга болҕомтотун уурар. Ол миигин ордук үөрдэр. Үтүөнү, сырдыгы, кэскиллээҕи ыралааҥ уонна ону олоххо киллэрэр туһугар үлэлэһиэххэйиҥ», — диэн тылларынан түмүктээтэ.