Улуус олоҕо: Үөһээ Бүлүү улууһугар алта хаһыат бэчээттэнэн тахсар

704

Сахамедиа холдинг “Улуус олоҕо” бырайыагын чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһугар баран кэллибит. «Олохтоох хаһыат — оройуон сирэйэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Онон «Үөһээ Бүлүү» хаһыат эрэдээксийэтигэр тиийэ сырыттыбыт.


Хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ диэн улууска дьону сомоҕолуур, сайдыыга сирдиир, биир өйгө-санааҕа түмэр бэлиитикэни ыытар, сонуннары түргэнник тириэрдэр аналлааҕынан инники күөҥҥэ тутуллар салайааччылартан биирдэстэринэн буолар.

Үөһээ Бүлүү улууһун хаһыатыгар Уус-Алдантан төрүттээх Ирина Абрахова бастаан 10 сыл типографияҕа дириэктэрдээн баран, салгыы хаһыакка эрэдээктэринэн ананан үлэлиир.

— Ирина Петровна, эһиги улуускутугар араас ис хоһоонноох, сэргэх хаһыаттар тахсалларын көрдүбүт.
— Оҥорон таһаарыы кыччаата. 90-с сылларга типография баар эрдэҕинэ сакаас элбэхтик киирэрэ. Бүгүҥҥү туругунан, биһиги улууспутугар 6 хаһыат тахса турар. Ол курдук, “Мэхээлэ” (400 экз.), “Улуу Хоро” (300 экз.), “Эрчим” (200 экз.), “Бараховец” (200 экз.), “Аартык” (200 экз.), “Вести М.Р.” (999 экз.). Нам уонна Исидор Барахов аатынан оскуолалар улахан дьонтон хаалсыбакка хаһыат таһааралларын бэлиэтиэм этэ. Араас ис хоһоонноох хаһыаттар тахсаллара дьоҥҥо талан ааҕарыгар кыаҕы үөскэттэ дии саныыбын. Онон бу хаһыаттары бэчээттээн, эбии дохуот киллэринэбит.

— “Манчаары оонньуулара” буолара сэргэхсийиини таһаарда дуу?
— Тэрилтэлэр уонна олохтоохтор бары сэргэхсийии бөҕөбүт. Сайын хас бээтинсэ аайы көхтөөх субуотунньуктар тэриллибиттэрин дьон сөбүлээтэ. Этиттэриитэ суох, үөрэ-көтө тахсар буоллулар. Тэрилтэлэргэ анал сири-уоту сыһыарбыттара. Биһиги үчүгэйдик үлэлиир дьону холобур оҥорон суруйабыт. Уулуссаларбыт бары банаарданнылар. Биирдэм предпринимателлэрбит маладьыастаатылар, тэринии бөҕөлөр. Өрө көтөхтүлэр. Уопсай дьиэлэр иннилэрэ сырдаан, уларыйан, киһи кута-сүрэ тохтуур буолла. Ленин аатынан уонна стадион таһынааҕы уулуссаҕа тротуарданныбыт. Күһүн хойукка диэри тэлгэппиттэрэ. Эргэ хаарбах дьиэлэри көтүрдүлэр. Волонтердар олус бэркэ үлэлээтилэр. Биирдии ыалынан кэрийэ сылдьан ыраастаатылар. Онон сэргэхсийии барытыгар билиннэ.

— Эрэдээксийэ ити оонньууларынан сибээстээн тугу эрэ оҥорор дуо?
— Атыттартан хаалыахпытын баҕарбаппыт. Аттыбытынан федеральнай суол ааһар. Онно сквер оҥороору гынабыт. Дьон олороругар анаан ыскамыайкалаах буолуоҕа. Бастакы бэчээттиир массыыналаахпыт, ону таһааран туруоруохпут. Муус устартан сквербитигэр үлэ күүскэ саҕаланыаҕа.

— Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэри кытта хайдах үлэлиигит?
— Туобуйаҕа, Боотулууга, Дүллүкүгэ, Хороҕо, Тамалакааҥҥа, Кэнтиккэ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрдээхпит. Уопсайынан, нэһилиэктэргэ биирдии киһини тута сатыыбыт. Биллиилээх дьону суруйар, 80 сааһын ааспыт Ульяна Тимофеева, Иннокентий Степанов, Боотулууттан Алексей Николаев уо.д.а ааттарынан киэн туттабыт. Хороттон Дьулурҕан диэн псевдонимнаах Николай Струкин, Маҥаастан Дьулусхан суруйууларын дьон өрүү кэтэһэр. Бу кэтээн көрдөхпүнэ, үксүн учуутал идэлээхтэр хаһыакка суруйаллар. Учуутал бэйэтин аналын хайа да түгэҥҥэ ыһыктыбат. Оскуола эрдэхтэн кэлэр көлүөнэ ааҕааччыны иитэн таһаарыыга үлэлиибит. Иитэн-такайан таһаарбыт оҕолорбут суруналыыстыка суолугар үктэммиттэриттэн үөрэбит.

— Дьон тугу туруорсар эбитий?
— Улуус олохтоохторун кыһалҕалара араас-араас буолар быһыылаах. Дьиэҕэ олорор кыаммат араҥа социальнай боппуруостарга наадыйар. Биэнсийэлээхтэр биэнсийэ кыратык үрдүүрүттэн астымматтарын биллэрэллэр. Сороҕор үүт харчыта кэлэн испэт. Тыа сиригэр сүөһүлэрин эспиттэр элбэхтэр. Билигин 100-түү сүөһү турар хотонун сөргүтэн эрэллэр. Хаһыакка махтанан суруйааччылар да бааллар. Кыһалҕалаахтар суруктарыгар хайаан да тустаах салайааччыттан хоруй ылан таһаарабыт. Уопсай дьиэлэргэ олорооччулар кыһалҕалара элбэх курдук көрөбүн. Дьиэлэр эргэрдилэр, араас биричиинэнэн уокка былдьаныы дьон олоҕор кутталы үөскэтэр. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ үлэ ыытыллара үчүгэй, ол эрээри син биир дьиэ тиийбэт. Ипэтиэкэҕэ хапсыбат, дьиэ туттуон баҕалаах эрээри үбэ-аһа тиийбэт дьон үгүс. Ийэ хапытаалын көмөтүнэн кыһалҕаттан олох эргэ дьиэни атыылаһарга күһэллэллэр. Быһата, олорор дьиэнэн хааччыллыы сытыытык турар боппуруоһунан буолар. Ыччаттарга аналлаах бырагыраамалар үлэлииллэр эрээри, итиннэ хапсарга ирдэбил аһара үрдүк. Онон дьон араас кыһалҕатын хаһыакка суруйа сатыыбыт.

— Ханна даҕаны хаһыаттар тиражтара түһэригэр туох сабыдыаллыыр дии саныыгыный?
— Мин санаабар, тираж ахсааныгар социальнай олох-дьаһах ыараабыта сабыдыаллыыр. Итиэннэ хаһыаттары тиэрдиигэ улуустар географическай балаһыанньалара да оруоллаах быһыылаах. Холобур, биһиэхэ өрүс уҥуор эбэтэр хоту Туобуйа диэки сайын вертолет эрэ көтөр, онон бэйэлэрэ-бэйэлэригэр олороохтуулларыгар тиийэллэр. Хата, Боотулууга диэри суолбут оҥоһулунна. Урут суруналыыстар десаннара диэн тэриллэрэ. Биһиги илин эҥэр улуустарга барааччыбыт. Итинник тэрээһин олус туһалаах буолара. Илэ хараххынан көрөн кэлэр олох атын буоллаҕа. Онон инникитин маннык десаннары тэрийиини туруорсар баҕалаахпыт.