Кэбээйилэр чөл олох мунньаҕын сөбүлээбиттэр

151

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка “От трезвых сел – к процветанию республики ” диэн VI өрөспүүбүлүкэтээҕи Чөл олоҕу өйөөччүлэр форумнара буолан ааста. Манна Кэбээйи улууһа эмиэ кыттыыны ылла.


Форумҥа улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара, үөрэҕирии уонна доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ, общественнай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ кэлбиттэр. Араас хайысханан үлэ бөҕө ыытылынна, атын улуус дьоно элбэх буолан делегациянан сылдьалларын ымсыыра көрдүм.

Маннык улахан суолталаах тэрээһин буоларын туһунан биллэрии эрдэттэн, саатар нэдиэлэ инниттэн, ситим араас көрүҥүн нөҥүө тарҕаммыта буоллар дии санаатым. Оччотугар уустук суоллаах-иистээх дьон, кэбээйилэр, тэринэн, элбэх буолан тиийиэхтээх, тугу этэрбитин, кэпсиирбитин толкуйданан, оҥостон баран, бэйэбит үлэбитин-санаабытын сааһыланан уопсай кэпсэтиигэ кыттыах этибит. Итинник улууспут нэһилиэктэрэ истибэккэ хаалаллара соччото суох.

Тус бэйэм чөл олоҕу өйөөччүлэр форумнарыгар сылдьан үгүһү иһиттим, үөрэнним. Тугу билбиппин, туһаммыппын улууспут хаһыатын нөҥүө сырдатыам. Урут да чөл олоҕу өйүүр дьону истэн билэр, кинилэрдиин сорохторун кытта билсибит буоламмын, тирэх ылбыттыы үөрдүм.

Урукку өттүгэр арыгы туһунан өйдөбүлү кэпсиир үөрэтэр, хайдах арыгыттар төлөрүйэр суолу көрдүүр эбит буоллларбыт, билигин үлэбит түмүктэрин кэпсэтэр буоллубут”, — диэн Арыгыны хонтуруоллуур судаарыстыбаннай управление салайааччыта Матвей Лыткин астынан туран бэлиэтээтэ.

Үгүс киһи тыл эттэ. Холобур, Горнай улууһун нэһилиэктэрэ арыгыны утары үлэни ылсан, былааннаан үлэлиир буолан арыгылааччы аҕыйаабыт. Тоҕус нэһилиэктэн биэһэ арыгыны иһииттэн босхоломмут. Билигин улуус киинин ортотугар арыгы атыылыыр маҕаһыын турарын, хайдах суох оҥорору толкуйдууллар эбит. Ити курдук Нам, Ньурба, Амма, Чурапчы улуустарыгар көдьүүстээх үлэ ситимнээхтик бара турар эбит. Атын улуустартан дьаһалта үлэһиттэрэ, учууталлар хото кытталларын биһирии көрдүм. Ону тэҥэ Кэбээйибит арыгыны иһэр улуустар ортолоругар киирбэтэҕин истэн үөрдүм.

Биһиги “Дабаан” хаһыаппыт редакцията бу хайысханан үлэни саҕалаабытын элбэх киһи биһирии иһиттэ. Онон түгэнинэн туһанан, бииргэ үлэлэһэр дьоммутугар оҕо уонна дьиэ кэргэн реабилитационнай киинин психолога Татьяна Скальковаҕа, “Дьүөгэ” кулууп чилиэннэрэ А.В. Сметанинаҕа, М.Н. Баинаҕа, С.И. Васильеваҕа, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ С.И. Михайловаҕа, психиатр-нарколог С.И. Плотниковка махталбытын тиэрдэбит. Улуус дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.В. Винокурова биһигини кытта бииргэ үлэлиир былааннаахтарын иһитиннэрбитэ. Онон бу маннык тэрээһиннэргэ улууспутугар чөл олоҕу туруулаһар дьон элбэхтик кыттарбыт, уопут атастаһарбыт, чугас сытар улуустары кытта былаан оҥостон бииргэ үлэлиирбит, делегациянан тиийэн үлэлэрин көрөн-истэн кэпсэтэрбит наада. Итинник бары кыттыһан үлэлээтэхпитинэ үлэбит көдьүүстээх буолуо.