Манчаары Оонньууларыгар эдьигээттэр дьиэ кэргэнинэн кытталлар

163

Үөһээ Бүлүүгэ ыытылла турар Манчаары Оонньууларыгар Эдьигээн оройуонун чиэһин 16 киһиттэн састааптаах сүүмэрдэммит хамаанда барыта биэс көрүҥҥэ кыттан көмүскүүр. Хамаандаҕа дьиэ кэргэнинэн кыттар спортсменнар баалларын киэн тутта бэлиэтиэхпитин баҕарабыт.


Эдьигээннээҕи киин балыыһа үлэһитэ Светлана Евсеева уолунаан Даниллыын быйылгы Манчаары Оонньууларыгар кыттыыны ыла сылдьаллар. Ыал ийэтэ Светлана волейболга оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар оонньооччу. Уола Данил Эдьигээн орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, спорт бары көрүҥнэринэн дьарыктанар. Евсеевтар спортивнай дьиэ кэргэн бука бары тутуспунан оройуоҥҥа ыытыллар “Хотугу эргимтэ” балыктааһын күрэҕэр хаһыс да сылларын ситиһиилээхтик кытталлар. Быйылгы Манчаары оонньууларыгар ыал ийэтэ Светлана хабылык, хаамыска остуол оонньууларыгар, Данил многоборье көрүҥэр кыттыыны ылаллар.

Үс бииргэ төрөөбүт убайдыы-бырааттыы Федор, Алексей, Николай Ивановтар – республикаҕа биллэр бөҕөстөр. Федор — көҥүл тустууга Россия спордун маастара, 2014 с. Намҥа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар үһүс миэстэлээх, Эдьигээннээҕи оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ; Алексей көҥүл тустууга Россия, хапсаҕайга Саха сирин маастара, 2013 с. Чурапчыга ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар хапсаҕайга, 2014 с. Намҥа буолбут Сахас сирин норуоттарын оонньууларыгар көҥүл тустууга иккис миэстэлээх, ДьТХГА устудьуона; Николай – спорт маастарыгар кандидат, ОСУ иитиллээччитэ. Быйылгы «Манчаарыга» үс бииргэ төрөөбүт убайдыы-бырааттыы Ивановтар – Федор 90 кг. үөһэ, Алексей 70 кг., Николай 62 кг. хапсаҕайга үбүлүөйдээх Эдьигээн аатын көмүскүөхтэрэ.

Михаил, Илья Анастаховтар Эдьигээҥҥэ гиирэ спордун көҕүлүүр энтузиаст-спортсменнар. Ыал аҕата Михаил урукку сылларга Төҥүлүгэ, Тааттаҕа ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар Эдьигээн аатын хапсаҕайга, 2013 с. Чурапчыга ыытыллыбыт Манчаарыга гиирэҕэ көмүскээбитэ. Уола Илья гиирэҕэ аҕатын үтүө холобурунан утумнаахтык дьарыктанар. Быйылгы Манчаары улахан түһүлгэтигэр эдэр спортсмен бастакы “сүрэхтэниитэ”. Онтон Михаил оройуон дьаһалтатын ыччат дьыалаларыгар отделын специалиһын быһыытынан ХХ Манчаары оонньууларыгар кыттар оройуон хамаандатын сүрүннүүр, спортсменнар Үөһээ Бүлүү сиригэр олорор усулуобуйаларын тэрийсэр, күннээҕи кыһалҕаларын, тутаах боппуруостарын миэстэтигэр уталыппакка тута быһаарсар хамнаада тутаах киһитэ.