Намҥа «Симэх» национальнай киин Олоҥхо дьиэтигэр быыстапка туруорда

207

Нам улууһугар Олоҥхо декадата ыытыллар. Декада кэмигэр, ахсынньы 5 күнүгэр дылы, араас таһымнаах быыстапкалар, маастар-кылаастар, кинигэ быыстапката, олоҥхону истии, толоруу, семинардар, кылаас чаастар, библиотечнай уруоктар уонна да атын таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.


Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтигэр декада чэрчитинэн СӨ «Симэх» национальнай киин (дир. А.Н. Гоголев) иистэнэр, уһанар, дьоҕурдаах, уран тарбахтаах дьон быыстапкатын туруорда. «Симэх» национальнай киин айар-тутар суол аартыгын арыйарга, күүс-көмө, тирэх буолаллар, өбүгэ кэрэтин утумнуурга үөрэтэллэр, сайыннараллар.

Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар аалай кыһыл лиэнтэни улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Инна Сивцева, Олоҥхо дьиэтин директора Вера Колпашникова, «Симэх» национальнай киин быыстапка отделын салайааччыта Радомира Баишева кырыйдылар. Нам улууһун культураҕа уонна духуобунас сайдыытын управлениетын салайааччы Елена Александровна улууспут талба талааннаах дьонугар бочуотунай грамоталары туттарда.

Быыстапка аһыллыытыгар мустубут дьону эҕэрдэлээн Инна Иннокентьевна, Радомира Дмитриевна, Азияна Харлампьева, Елена Заровняева тыл эттилэр, Хамаҕаттатааҕы «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинин иһинэн тэриллибит фольклорнай бөлөх саха музыкальнай инструменыгар оонньоон иһитиннэрдэ. Бу музыкальнай инструменнары бөлөх чилиэнэ Руслан Захаров бэйэтэ оҥорбут. Руслан салгыы 2019 сылга Нам улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, өссө элбэх инструмены оҥорор былааннааҕын эттэ.

Бу күн «Симэх» национальнай киин үлэһиттэрэ баҕалаахтарга маастар-кылаастары ыытта.