Улуус олоҕо: Тыа сиригэр ойбон олус туһалаах

2577
Ойбон
Сахалар былыр-былыргыттан ойбоҥҥо олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар
Саха сирин баһылыыр үгүс өттө тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, ол аата сылгы-сүөһү, көтөр-сүүрэр ииттэр, сири кытта үлэлиир. Тохсунньу тоһуттар тымныытыттан, от ыйын өҥүрүк куйааһыттан чаҕыйбакка хара сарсыардаттан күн арҕаа баска киириэр диэри өрө мөхсөр.
Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр статистика көрдөрүүтүнэн 566 киһи олорор. Улуус кииниттэн суолунан 60 км. ыраах сытар. Айан суолун бэс чагда тулалыыр этэ. 2003 сыллаахха турбут улахан уот 11000 гектар иэннээх сири суох оҥорбута. Ол билигин саҥаттан үүнэн эрэр. Орто киһи уҥуоҕун уһунуттан өндөс буолбуттар.

Урукку сылларга маннааҕы алаастары, үрэх бастарын тыһыынчанан хороҕор муостаах толороро. Сопхуос саҕана 1500 төбөҕө тириэрдэ сылдьыбыттара, эбии чааһынайдар 400 сүөһүлээхтэрэ. Кэнники 20-чэ сыл тыа хаһаайыстыбатыгар улахан уларытыылары киллэрбитэ. Билигин нэһилиэккэ уопсайа 189 сүөһү баар. Ол иһигэр 13 сүөһүлээх биир эрэ фермер үлэлиир. Аҕыйах сыллааҕыта төрүт олохтоох Арсентий Семенович Оконосов бэйэтин күүһүнэн сүөһүтүн ахсаанын 100 төбөҕө тириэрдэ сылдьыбыта да, кэлин ыарытыйан онтун тохтоппута.

Сүөһү аһылыгынан тыыннаах
Кистэл буолбатах кэнники кэмҥэ сүөһү аччыктаан көнньүнэн өлүүтэ син дөрүн-дөрүн тахсыталыыр. Өбүгэлэрбит маннык быһыыны олус аньыыргыыллара. Ол иһин ус сайыны быһа кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ – сүөһү аһын бэлэмнээһин – күүскэ ыытыллара. «Биир салаа оту хаалларбакка!», «Кыстыгы үрдүк көрдөрүүлээх көрсөргө!» диэн луоһуннар хас хардыы аайы ыйанан турар буолаллара. Билигин да сүөһүлээхтэр бу олохсуйбут бириинсиптэн тахсыбакка буола сатыыллар.


Өргүөттэр быйылгы кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэллэрин кэпсииллэр. Сайыҥҥы кураан күннэри былдьаһа сүөһүлэригэр сиэтэр отторун былаанын 100% толорбуттар.
- Сүрүн дьарыкпыт - тыа хаһаайыстыбата. Быйылгы кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэбит. Кураан күн-дьыл туран оппутунан толору хааччыллан олоробут. Сүөһү эбии сиир бурдугун сайаапканан аҕалтара турабыт. Дэриэбинэ сүөһүлэрэ Нээлбиктэ уонна Оччугуй Эбэ диэн ааттаах күөллэргэ уулууллар. Бары тутуһар ирдэбиллээхтэр. Ким да онтон туора турбат. Бары биир соруктаахпыт – сүөһү ахсаанын энчирэппэт, эбэр туһугар кыһаллабыт. Эдэрдэри тыа сиригэр олохсуйалларыгар, сүөһү туталларыгар араас хайысхалаах үлэни ыытабыт. Холобур, олохтоох бюджеттан биир ыанар сүөһү төбөтүгэр 3-5 тыһ.солк. көрөр былааннаахпыт. Историябытын харыстыыбыт. Холобур, тыа хаһаайыстыбатыгар үйэлээх сааһыгар ыанньыксыттаабыт ыччат наставнига Аграфена Антоновна Сидорова 100 сылын сайын бэлиэтээбиппит. Маннык дьоммутун үйэтитиэхтээхпит, бастыҥ холобур оҥостуохтаахпыт. Оччоҕо эдэрдэр сүөһү үлэтигэр сыстыахтара дии саныыбын.

Данил Адамов
олохтоох дьаһалта кылаабынай исписэлииһэ
Маска саба быраҕыллан ыйанан турар таҥаһы эбэтэр бэрэмэдэйи акка уурбуттарын нээлбилии ыйаммыт эбэтэр ууруллубут диэн ааттыыллар. Нээлбиктэ икки кыра көлүйэттэн холбоспут улахан күөл. Ол иһин ортотунан синньиир сирдээх. Онон маннык ааттаммыт буолуохтаах диэн олохтоох дьон кэпсииллэр.
Биһиги дэриэбинэ илин өттүгэр таалалаан сытар Нээлбиктэ күөлүгэр сырыттыбыт. Эдэрчи киһи Дмитрий Иванов ойбон аллара сылдьара
- Сэттэ ыал бу ойбоҥҥо кыттыһан ынахтарбытын уулатабыт. Анал графиктаахпыт. Нэдиэлэнэн солбуһабыт. Суруллубатах «сокуоннардаахпыт». Ойбону алларыы күн ортотун эргин ыытыллыахтаах, онтон сүөһүлэр уулуу кэлитэлээн бараллар. Бу нэдиэлэ5э биһиги уочараппыт. 11 ааһыыта кэлэбин манна. Онтон 15 мүнүүтэ курдугунан аҕам хотонтон сүөһүлэри ыыталыыр. Сотору кэлиэхтэрэ.

Дмитрий Иванов
Өргүөт олохтооҕо
Ойбон тоҥмотун туһугар туруулаһаллар. Кытыыта куруук ыраас буолуохтаах, түүнүн анал хаппаҕынан сабаллар.
Сүөһү ойбонтон уулуура туһалаах
- Сахаларга сүөһүнү ойбонтон уулатыы былыргыттан баара. Сүөһүнү таһырдьа 1 сааһыттан уулаталлар. Эдэр сүөһү 15-20-25л, улахан сүөһү 50-70л күҥҥэ иһэр. Онтун барытын ойбонтон биир сырыыга уулаан кэлэр. Боруода саха ынаҕа 30-35-40 л. иһэр. Уулатыыга күөл уута табыгастаах. Күөл уута оттоох, ламинарийдаах, былыыктаах, ыраас. Өрүс уута састаабынан онно тиийбэт. Ойбон уутун температурата 4 кыраадыс сылаас буолар.

35-45 кыраадыс тымныылаах дойдуга таһырдьа тахсан уулуур ыанар ынах синньэ иһэлийиэн сөп. Ол иһин эмиийигэр анаан-минээн сыалыйа тигэн кэтэрдэллэр. Наһаа туруору тыйыс тымныыга, ол эбэтэр -50-60 кыраадыска итиэннэ тыаллаах күн ыанар ынаҕы таһаарбаттар. Бу барыта олохтоох бэйэбит сүөһүбүтүгэр сөптөөх. Кэлии сүөһү тымныыны тулуйбат.

Таһырдьа уулатыы сүөһү хааман, сүүрэн этэ-сиинэ эрчиллэригэр туһалаах. Онон 8-9 ый хотон иһигэр бааллан турар түөрт атахтаах туругар бу олус наадалаах.

Бу тиэмэнэн элбэхтик Саха Сириттэн: биология наукатын доктора, Тыа хаһаайыстыбатын иститутун профессора Абрамов Алексей Федорович, биология наукатын доктора, ХИФУ профессора Сазонов Николай Никитич, тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора, Тыа хаһаайыстыбатын институтун профессора Пермяков Николай Семенович үлэлэрэ элбэх.

Мин ынах сүөһү былыыгы цеолиты кытта холбоон сиэппитим. Олус туһалаах.

Ырыган сүөһүнү таһаарбат ордук. Тымныы ууну иһэр сүөһү киирбит ууну сылытарыгар 2,5 кг ас иҥэмтэтинсүтэрэр. Онон хобдох аска турар сүөһү өссө сиир аһылыгын энергията кыччыыр. Бу туһунан Россия академига А.П. Калашников 2003 дакаастаан турар.

Наталия Черноградская
тыа хаһаайыстыбатыгар наука кандидата, доцент, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын уопсай зоотехния кафедратын сэбиэдиссэйэ:
Ыанар ынахха тигиллэр сыалыйа ис өттө түү үллүктээх буолара ордук. Холобур, эргэ сигиэйкэ сону кырыйталаан тигэллэр эбэтэр сон капюшонунан эмиэ туһаналлар. Быһа барыллаан киһи төбөтүн саҕа кээмэйдээх буолар. Үс өттүгэр быалыыллар. Икки кытыытынааҕынан самыытыгар баайаллар, кэннинээҕи уһун быаны атахтарын икки ардынан эрийэн ылан сиһин тоноҕоһунан ыытан, түөһүгэр иилэллэр. Оччотугар сыалыйа түспэт.
СЫЫППАРА
Ынах 1 литр үүтү биэрэригэр быһа барыллаан 4-6 литр ууну иһиэн наада.
High Quality
We are a leading firm in providing quality and value to our customers. Each member of our team has at least 5 years of legal experience. We love what we do.
Good Support
Our managers are always ready to answer your questions. You can call us during the weekends and at night. Also, you can visit our office for a personal consultation.
Individual Approach
Our company works according to the principle of individual approach to every client. This method allows us to succeed in tasks of any level.
Сүөһү 24 чааска 30-40 тыһыынча кэбинэр. Ол иһигэр 10-12 кэбиниини аһыырын кэмигэр оҥорор. Онон сууккаҕа аһылыгын кэбинэригэр быһа барыллаан 7 чааһы ыытар. Онно 90-190 сыраан тохтор. Ол иһин элбэх ууну иһиэхтээх. Боруода сүөһү 50-70 л, саха сүөһүтэ 30-40 л кырата суох ууну иһэр.
Ойбон – сахаларга сибэтиэй сир
Былатыан Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээнэ саха урукку олоҕун кэпсиир. "Халамнаайы мууhугар кырачаан баҕайы уол оҕо ойбон алларан, анньыытын тыаhа курдурҕаан-чыыбырҕаан, дьыбардаах халлааҥҥа иhиллэ турара… Ойбонун алларбыта уута оргуйа түспүтэ… Ойбоно түөрт собону төлүтэ тэппитэ. Оо, оҕо барахсан үөрбүтүөн!"

Сахаларга билигин да куйуурдааһын баар. Бөһүөлэк олохтооҕо барыта биир күн түмсэн саамай күндүмсүтэр күөллэригэр алгыс этэн балыктыыллар. Өргүөттэр эмиэ куйуурдууллар. Кыһыҥҥы хаһаас аһы булунуу дэнэр.




Онтон сүөһүлэр тымныыттан чаҕыйбакка ойбонноругар тиэтэллээхтик хаамаллар…

YSIA.RU

Следуй за нами
Автор: Полина Николаева
Фото, видео: Андрей Сорокин
Инфографика: Роман Данилов
Верстка: Надежда Ефимова
Phone: 424959
E-mail: ysia1@yandex.ru