Үрүҥ Хайаҕа “Туундара суһума” быыстапка Анаабыр кэрэ айылҕатын хоһуйан көрдөрдө

205

Ааспыт нэдиэлэҕэ Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр ыытыллыбыт кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн быыстапка арыллыыта буолла. Олохтоох худуоһунньуктар “Һэйро” культура дьиэтин фойетыгар “Туундара суһума” диэн көрдөрүүнү туруордулар. 


Айар-тутар дьоҕурдаах дьон үлэлэрин көрдөрөр-билиһиннэрэр сыаллаах-соруктаах быыстапканы “Һэйро” культура киинин салайааччыта Сергей Сыроватскай уонна “Кыа кыымнара” айар куттаах дьон түмсүүлэрин салайааччыта Аксинья Егоровна Спиридонова былааннаан олоххо киллэрдилэр.

Хас биирдии худуоһунньук буочара ураты. Ол эрэн, уруһуйдуур тиэмэлэрэ биир. Араас таһымнаах, араас көрүүлээх худуоһунньуктарбыт сүнньүнэн хартыыналарыгар дойдубут дириҥ историятын, кэрэ-баай айылҕатын, маанылаах кыылларын, талааннаах, хорсун үлэһит дьонун ойуулаан көрдөрөллөр. Ол иһин буолуо, кинилэр үлэлэрэ ордук аҕа көлүөнэ уонна ыччат улахан интэриэһин тартылар. Быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыыга худуоһунньуктар, олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ыллылар, тыл эгэлгэтэ этилиннэ.

Аксинья Егоровна Спиридонова, тэрийсээччи:

— Биһиги бу быыстапканы тэрийиэх буолбуппут ыраатта. Өссө 1989 сыллаахха “Кыа кыымнара” диэн айар түмсүү тэриллиэҕиттэн айар талааннаах дьоммутун киэҥ эйгэҕэ таһаарар баҕа санаалаах этибит. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа 7 киһи үлэтэ киирдэ, онно барыта 48 уруһуй көрдөрүүгэ турда. Бу бэртээхэй быыстапка Дьокуускайга ыытыллаары турар Анаабыр улууһун күннэригэр аналлаах. Былааммытыгар маннык талааннаах улэлээх, дьарыктаах дьоммут айар үлэлэрин кэпсиир киэһэлэри тэрийэр санаалаахпыт. Биир дойдулаахпыт Николай Николаевич Кылтасов сырдык кэриэһигэр ахтыы киэһэтин тэрийиэхпит. Кини дэгиттэр талааннаах уруһуйдьут, музыкант, хоһоонньут, ырыа айааччы этэ. 

Федот Ануфриевич Туприн, худуоһунньук:

— Олус үөрдүм. Тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга уонна көрөөччүлэргэ улахан махталбын уонна эҕэрдэбин тиэрдэбин. Бу быыстапкаҕа үксүтэ олохтоох уолаттар Туприн Николай Христофорович, Кылтасов Дмитрий Николаевич, Кылтасов Николай Николаевич уонна мин аҕыйах үлэм турда. Маны таһынан биирдиилээн үлэлэр эмиэ бааллар. Барыта маслянай үлэлэр киирэн тураллар. Худуоһунньук идэтигэр үөрэммэтэх дьон үлэлэрэ, бэйэлэрэ айылҕа биэрбит талаанынан уруһуйдууллар. Кинилэр айылҕаҕа бултуу-алтыы сылдьан уонна оҕо эрдэхтэриттэн тыаҕа сылдьан көрөн, истэн бэйэлэрин баай өйдөрүн-санааларын туһананнар айылҕабыт ис хоһоонун, Үрүҥ Хайа тула туох буола турарын, урукку, аныгы кэмнэри уруһуйдаан көрдөрөллөр. Хомойуох иһин биһьиги биир талааннаах уолбут, биир дьарыктаах табаарыспыт Кылтасов Николай Николаевич соторутааҕыта оһолго түбэһэн биһиги кэккэбититтэн хомолтолоох баҕайытын туораан хаалла. Ол гынан баран кини үлэтэ элбэх, кини аата өссө да ааттана туруо. Мин киэн туттарым диэн биһиги эдэр ыччаппыт уруһуйа элбэх. Кинилэр бу үлэлэри көрөннөр өссө күүскэ ылсан уруһуйдуохтара дии саныыбыт, онуоха бу хартыыналар кинилэргэ ыйан, көрдөрөн суолдьут буолуохтара диэн эрэнэбин.

Кылтасова Тамара Николаевна, нэһилиэк депутаттарын Сэбиэтин председателэ:

— Тэрийээччилэр эрдэттэн былааннаан, уруһуйдары дьон дьүүлүгэр таһаарбыттарыгар махталбытын тиэрдэбит. Худуоһунньуктар оҥорбут үлэлэрэ дьиэлэригэр, тэрилтэлэргэ эрэ турар буоланнар, дьоҥҥо биллибэт-көстүбэт этэ. Маннык быыстапканы тэрийиигэ уопут биһиэхэ суох буоллаҕа. Киэҥ сиргэ куоракка быыстапкаҕа дьон олус сөбүлээн сылдьар, бу культура сайдыытын биир көрүҥэ буолар. Онон быыстапкаҕа дьон биһирээн кэлбитэ кэрэхсэбиллээх. 

Спиридонов Валериан Валерьевич, Үрүҥн Хайа долгаан нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта:

— Быыстапкаҕа сылдьан киһини кэрэхсэтэр үлэлэри көрөн олус дуоһуйдум, сэргээтим. Худьуоһунньук уолаттар мин бииргэ алтыспыт, тыаҕа сылдьан бииргэ бултаабыт-алтаабыт дьоннорум. Ол иһин кинилэри көннөрү киһи да, талааннаах худуоһунньук да быһыытынан урут-уруккаттан билэбин. Кинилэр үлэлэрэ биһиги дойдубутун, туундарабытын, айылҕабытын, табабытын, олохпутун көрдөрөллөр, ол иһин биһиэхэ ордук чугастар. Маннык быыстапкалар инникитин да тэриллиэхтэрэ дии саныыбын. Сотору кэминэн оскуолабыт 85 сыллаах үбүлүөйэ буолаары турар. Ол тэрээһиннэр чэрчилэринэн бу быыстапканы салгыы оскуолаҕа илдьэн туруорарга, норуокка көрдөрөргө оскуола директора М.П.Нестеров тыл көтөхтө. Ону быһа гыммакка быыстапка тэрийээччилэрэ сөбүлэстилэр. Оттон нэһилиэк дьаһалтатын өттүттэн этиэм этэ, бу хартыыналары цифровой көрүҥҥэ көһөрөн баран нэһилиэк официальнай сайтыгар интернеккэ таһаарыахпыт. Оччоҕо нэһилиэк, улуус олохтоохторо эрэ буолбакка, биһиги айар талааннаах дьоммут сэргэх үлэлэрин аан дойду дьоно көрүөҕэ уонна сыаналыаҕа этэ дии саныыбын.

Быыстапканы олохтоох худуоһунньуктар Дмитрий Николаевич Кылтасов, Николай Христофорович Туприн уонна Федот Ануфриевич Туприн аалай лиэнтэни быһан арыйдылар.