Саха сиригэр былырыын Тупсарыныы сыла биллэриллэн, Булуҥ улууһугар туох баар нэһилиэнньэлээх пууннар олорор сирдэрин тас көстүүтүн биллэ тупсарбыттара. Ордук хото оҕо оонньуур былаһааккалара тутуллубуттара.
Сииктээх нэһилиэгэ эмиэ анаммыт харчынан Дьокуускай куораттан оҕо былаһааккатын ылбыта. Тута уу суолунан балаҕан ыйыгар аҕалтарбыта эрээри, күн-дьыл хойутаан саҥа тутуу оннун булбакка хаалбыта.
Быйыл оҕолорго анаммыт былаһаакканы таҥан туруора сылдьалларын, атырдьах ыйыгар арыйалларын туһунан Сииктээх баһылыга Рая Кривошапкина иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, маннык былаһаакка Сииктээххэ маҥнайгытын турар буолбатах. “Нэһилиэкпитигэр оҕо былаһааккатын тэрийиини аан маҥнай 2014 сыллаахха саҕалаабыппыт. Онно эбии гынаары 2016 сыллаахха араас оонньуур тэрили ылбыппыт даҕаны, онтубут күһүөрү хаар түспүтүн кэннэ кэлбит буолан, тутууну тохтоппуппут. Онон быйыл от ыйын бастакы күннэриттэн саҕалаан ситэрэн, бүтэрэн эрэбит. Манна бэйэбит олохтоох дьоммут Слепцов Иннокентий Васильевич уонна Кривошапкин Владимир Николаевич үлэлэһэллэр. Атырдьах ыйыгар түмүктүүр былааннаахтар. Дьон-сэргэ маннык көстүүттэн үөрүүлэрэ муҥура суох, оҕолор хаһан оонньоон саҕалыыбыт диэн кэлэ тураллар”, – диэн кэпсиир нэһилиэк баһылык.
Маныаха эбии быйылгы сылга олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ 2-тэн 7-гэр диэри саастаах оҕолорго аналлаах былаһаакка ылбыттарын, ону нэһилиэккэ тиэрдэр кэпсэтиитин ыыта сылдьалларын эттэ.
Онон сотору кэминэн манна хас да хачыал, икки карусель, сыыр дьэндэйиэ. Барыта турдаҕына нэһилиэк көстүүтүн өссө тупсарыа.