Орто Халыма улууһугар быйылгы ыарахан кыстыкка хаһааҥҥытааҕар да дьонтон сомоҕолоһуу, биир уопсай тылга киирии ирдэнэр. Улууспут тыын суолталаах салаата, тыа хаһаайыстыбата улахан хоромньута суох кыстыгы туоруурун инниттэн дьон санаата түмүллэн, сүбэ-ама бэриллэн, дьүккүөрдээх үлэ бара турар. Салалта өттүттэн көмө оҥоһуллар, өйөбүл баар.
Оттон нэһилиэнньэттэн эмиэ бу күннэргэ улахан көмө оҥоһулунна. Ол курдук куоракка уонна нэһилиэктэргэ тыа хаһаайыстыбатын өйүүр сыаллаах-соруктаах аһымал кэнсиэрдэр ыытылыннылар. Ону сэргэ, биирдиилээн дьон харчынан эмиэ кыттыстылар. Ол түмүгэр 82350 солк. хомулунна.
Арҕахтаахха — 5850, Берёзовкаҕа — 4725 уонна биирдиилээн дьонтон 1325, Сылгы Ыытарга — 11000, Хатыҥнаахха — 3750, Эбээххэ — 13800, Сыбаатайга — 6900, Ойуһардаахха — 10000, Налимскайга — 3600, куоракка 16400, Анна Васильевна Шадринаттан уонна Нина Николаевна Непомнящихтан 5000 солк. көмө киирдэ. Киирбит үбү нэһилиэктэр олохтоох тыа хаһаайыстыбатын салааларыгар туттардылар, оттон куорат “Амтан” ТХПК суотугар түһэрдэ. Онон “Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ!” диэн өс хоһооно өссө төгүл сомоҕолоһуу ис суолтатын бу холобурунан көрдөрдө.