«Улуус олоҕо»: Бүлүүгэ утуйар таҥас тигэллэр

2515

Бүлүү куорат биир маҕаһыыныгар киирээт, “ВПБ” ол эбэтэр “Вилюйское постельное белье” диэн дьаралыктаах утуйар таҥаска хараҕым хатаммыта. Атыыһыттан ити туһунан интэриэһиргээбиппэр, миигин “Комфорт” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэҕэ тиийэ сылдьарбар сүбэлээбитэ. Салгыы — «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.


Бүлүү куоратыгар утуйар таҥаһы тигэр тэрилтэ салайааччыта предприниматель Жанна Соколованы кытта көрсөн олохтоох оҥорон таһаарыы туһунан кэпсэттибит.

Атахха туруу бастакы олуга

Бүлүү улууһугар дьоҕус бизнескэ саҥа суолу тэлбит предприниматель бастаан оҕо саадтарын, оскуолалары, интэринээттэри кэрийэ сылдьан, бииргэ үлэлииргэ бэйэтин дьыалатын хайысхатын быһаарбыт. Оҥорон таһаарар табаардара хлопоктан буоларын, онон оҕо, киһи доруобуйатыгар кутталы үөскэппэтин дакаастаабыт. «Тэрилтэбин тэриниэм иннинэ таҥас — хлопок, бязь, сиитэс, лүөн — арааһын, киһи этигэр-сиинигэр хайдах дьайалларын сиһилии үөрэппитим. Иистэнэрбин сөбүлүүр буолан, уһуннук толкуйдуу барбакка, бу көрүҥү талбытым. Бу иннинэ ис дьыала отделыгар сулууспалаабытым, полиция майорабын. Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар эмиэ үлэлээбитим«, — диэн кэпсиир Жанна Револьевна.

Билигин тэрилтэ барыта алта үлэһиттээх, ол иһигэр сыахха үс иистэнньэҥ тигэр. Иистэнэр массыыналарын Иваново куораттан атыылаһан аҕалбыт.

Иистэнэр сыах фабрикаҕа тиийэ улаатыа дуо?

Былырыын үлэҕэ киллэрбит саҥа дьиэлэригэр, сакаас киириитэ эбиллэн, оҥорорго-тутарга күнтэн-күн кыараан иһэрин хаһаайка этэр.

Иистэнэр сыах уонна маҕаһыын бииргэ тураллар. 2017 сылга эрдэттэн хаһаанан сакаастаабыт матырыйааллара бүтэн эрэр буолан, эбии сакаас оҥорбуттар. Онон тэрилтэ кыаҕыран, атыылаһааччы билиниитин ылан эрэрэ биллэр буолбут.

Инники былааннара сүҥкэн. Ол курдук, сир ылан, иистэнэр сыах туттуохтарын баҕаралларын иһитиннэрдилэр. «Дьиэбитин кэҥэтиннэхпитинэ, утуйар таҥастан ураты, оҕо уонна улахан дьон кэтэр таҥаһын, түннүк уонна миэбэл сабыыларын, онтон да атын сакаастары тигэр анал тус-туспа сыахтары аһыахпыт. Кэнэҕэс бэйэбит бородууксуйабытын Бүлүү куоратыгар эрэ буолбакка, ыаллыы сытар улуустарга, киин куоракка батарыахпыт. Билигин Үөһээ Бүлүү тэрилтэлэрин кытта сибээһи олохтоотубут. “Татыйыына” диэн Сунтаар улууһун маҕаһыынын кытта кэпсэтии ыыттыбыт. Онон, сыыйа сайдан истэхпит аайы — фабрика да туттар санаа киириэ«, — диир Жанна Соколова.

Табаар суута – тэрилтэ сирэйэ

Ханнык баҕарар бородууксуйа ураты табаарынай сирэйдээх эрэ буоллаҕына атыылаһааччытын хамаҕатык булар.

Предприниматель этэринэн, кинилэр оҥорон таһаарар табаардара орто хамнастаах дьоҥҥо туһаайыллар. «Анаан үөрэтэн көрүүбүнэн, аатырбыт омук фирмалара сүрүннээн утуйар таҥас суутугар уонна хаатыгар болҕомтолорун уураллар эбит. Ол иһин толкуйдаан баран, урукку сэбиэскэй саҕанааҕы кумааҕы сууну туһанарга санаммытым. Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх типографияны кытта дуогабардаһан, бэйэбит иистэнэр сыахпыт логотибын оҥотторон, бэртээхэй сууну толкуйдаатым. Былырыын Саҥа дьыл бырааһынньыгар сөп түбэһиннэрэн, дизайнер хараҕынан көрөн, утуйар таҥас суутугар олохтоох бэспит туораахтарын укпуппутугар, табаарбыт хамаҕатык атыыга барбыта. Сайдан истэххэ, киһиэхэ араас толкуй киирэр эбит. Фирменнэй дьаралыкпытын араас холобуру үөрэтэн баран, “Вилюйское постельное белье” диэн ааттаабыппыт. Онно сыанатын эрэ буолбакка, биһиги тэрилтэбитин ханнык аадырыстан булуохха сөбүн, электроннай почтабытын, батсааптаах суотабай нүөмэрбитин, инстаграммытын ыйбыппыт. Ол эбэтэр биһиги бородууксуйабытын интэриэһиргээбит дьон хаһан баҕардахтарына буан ылыахтарын сөп«, — диир кини.

ЭКСПО саҥа толкуйу сахта

Киһи кыаҕа сайдарыгар, бэйэтин ылсыбыт дьыалатын сайыннарарыгар ЭКСПО курдук предпринимателлэргэ анаммыт быыстапкалар олус туһалаахтара чуолкай.

Саҥа дьыала тэриммиттэрэ сылтан ордук кэм ааспыт эрээри, уопут атастаһан Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Дьокуускайга сылдьыбыттар. «Миэхэ ЭКСПО быыстапка олус элбэҕи биэрдэ. Онно сылдьан бэрт үгүс сибээһи олохтоотум. Ол курдук, Дьокуускай куораттан уонна Ньурбаттан эмиэ утуйар таҥаһы тигэр дьону кытта билистим. Бэйэ-бэйэбитигэр сылдьыһан, уопуппутун атастаһыах буоллубут. Хараҕым уоттанан кэлэн, кыргыттарбар кэпсээн, бу күһүҥҥүттэн ыла үлэбит өссө тэтимирдэ, айар-тутар баҕабыт улаатта«, — диэн санаатын үллэстэр мин кэпсэтээччим.

Бэйэ бородууксуйатын батарыыга сонун көрүү

2016 сылтан 600 кэмпилиэк утуйар таҥаһы тикпиттэр. Бу — саҥа саҕалааччыларга улахан көрдөрүү.

Ордук хото оҕо тэрилтэлэрэ сакаастыыллар.

«Таҥас араастаах, арыый сыаналаах да буоллар, хаачыстыбалааҕы ылабын. Номнуо биһиги бэйэбит килийиэннэрдээхпит. Социальнай ситимнэргэ анал бөлөхтөрү тэрийдибит. Аны сайт аһаары сылдьабыт. Бу күннэргэ тэрилтэбит туһунан кыракый роликтары оҥорон таһаарыахпыт. Сыыйа үппүтүн мунньан, бэйэ рекламатыгар үлэлэһиэхпит«, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүбүт.


«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.