«Улуус олоҕо»: Бүлүү куоракка Николай Степанов дьоҕус бизнеһинэн дьарыктаммыта 10 сыл буолла

2616

Бүлүү улууһугар дьиэ ис-тас киэргэлин, миэбэл оҥоһугуттан маҥнай саҕалаабыт мас ууһа Николай Степанов туһунан «Улуус олоҕо» бырайыакпытыгар суруйарбыт эрдэттэн биллэрэ. Чуолаан маннык дьон — тыа сирин олоҕун тутааччыларынан буолаллар. Сиһилии «Улуус пааспарыгар» ааҕыҥ.


— Үлэм хайысхатын уларытан, тимиринэн уһанан, быһах, хомус оҥорор буолбутум. Кэлин аны муус оҥоһукка ылсан, күрэхтэһиилэргэ кыттабын, — диэн кэпсиир Николай Николаевич.

Николай Степанов утумунан уус уонна иистэнньэҥ удьуордарыттан төрүттээх буолан, итинник маһы, тимири, мууһу ыллатар маастар буоллаҕа. Аҕата сэбиэскэй кэмҥэ бырадыбыас идэлээх буолан, Новосибирскайынан, Владивостогунан табаар тиэйэн аҕалара эбит. Аныгы үйэҕэ атыы-эргиэн өттүгэр улахан предприниматель буолуон сөптөөҕүн бүгүҥҥү ыччата кэпсиир. «Иллэҥ кэм көһүннэр эрэ, аҕам туоһунан араас иһиттэри тигэрэ уонна мас тууну өрөрө«, — диэн Николай Николаевич аҕатын туһунан ахтар.

Муус оҥоһук абылаҥа

Бары дьарыктарыттан муус оҥоһук – Николай Степанов дууһатын иэйиитэ, олоҕун ырыата.

Төрөөбүт Бүлүүтүттэн саҕалаан, аан дойдутааҕы таһымнаах муус оҥоһук күрэстэһиитигэр өрүү кыттыыны ылар. Ол курдук, саха маастарын муус оҥоһуктара Байкаал, Кытай, Магадан, Аляска Фербенкс курдук дойдулар ааттаах-суоллаах муус скульптураларын күөн-күрэстэригэр өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэр.

— 2014 сыллаахха Аляскаҕа Фербенкс куоратыгар ыытыллыбыт муус оҥоһук аан дойдутааҕы чемпионатын бэстибээлигэр бастаабытым. Бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттааччылар анаммыт бириэмэ устатыгар араас оҥоһугу чочуйаллар. Тиэмэтин дьүүллүүр сүбэ бэйэтэ биэрэр эбэтэр кыттааччы толкуйдуур. Онно номинацияларынан араас титуллары аныыллар. Аляска мууһа килэрийэн -халарыйан ырааһа сүрдээх. Дэлэҕэ да “Арктика алмааһа” диэн ааттаныа дуо? Маннык араас муус оҥоһук Аляска түүҥҥү халлаанын анныгар өҥнөөх электричество уотунан күлүмүрдээтэҕинэ, этиэхтэн кэрэ көстүү буолар.

Туттар тэриллэрин бэйэтэ оҥорор

— Куонкурустарга, бэстибээллэргэ туттар тэриллэргитин илдьэ сылдьаҕыт дуу, тэрийээччилэр биэрэллэр дуу?

— Быһахпын, эрбиибин, стамескабын туттарбар сөптөөх гына бэйэм оҥоробун. Инньэ гынан бары күрэхтэһиилэргэ тэриллэрбин илдьэ сылдьабын.

— Оттон омук дойдуларыгар таможняны хайдах ааһаҕыт? Быһах-тайма, тимир бөҕө буолуо дии? 

— Багажпытыгар уган ыытабыт. Кырдьык, сороҕор таһаҕаспын ыйыылларыгар ыйытааччылар. Скульпторбын. Муус оҥоһукка күрэхтэһэ баран эрэрбин эттэхпинэ, ыҥырыы сурукпун көрдөрдөхпүнэ, аһараллар.

Муус хаачыстыбата улахан оруоллаах

Дойду-дойду мууһа уонна хаара араастаһара чахчы. Ол кистэлэҥин туһунан мин сэһэргэһээччим бу курдук кэпсиир:

— Күрэхтэһэр сирбитигэр күөл мууһун эрдэ ылан бэлэмнииллэр. Сылдьыбыт сирдэрбиттэн Иркутскайга күнэ-дьыла сымнаҕас буолан, мууһа килэркэй этэ. 25 кыраадыс тымныыга диэри уу кута-кута үлэлиибит. Онтон 40-45 кыраадыс тымныыга уу мууһу бытарытар. Ол иһин үлэлииргэ олус сэрэхтээх.

Кыттар сирим историятын анаан үөрэтэбин

Тиэмэбитин тэрийээччилэр үксүгэр бэйэлэрэ этэр буолан, куонкуруска тиийэн кыттар сирбит историятын анаан үөрэтэн барабын. Эбэтэр күрэстэһии ыытыллар сирин туһунан көрөн-истэн баран, оҥоһук тиэмэтин бэйэм эрдэттэн толкуйдуубун, — диэн кэпсиир Николай Николаевич.

— Омук сирдэригэр хоту дойду тиэмэтэ өйдөммөтө да буолуо? 

— Оннук. Ол иһин тиэмэни бэйэлэрэ биэрэллэр. Арай Магадааҥҥа чаас аҥарын иһигэр буолбут күөн-күрэскэ ким тугу толкуйдааһынынан диэбиттэригэр, Сахам сирин хоту дойдутун хото хоһуйбутум.

Пааматынньык – үлэ саҥа көрүҥэ

Талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн мээнэҕэ этиллибэт. Кэлиҥҥи сылларга Николай Степанов аны пааматынньык оҥоруутугар ылыста.

— Быйыл Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн, Бүлүү куоратыгар Олоҥхо дьиэтин аттыгар улуу олоҥхоһут Баһылай Каратаев пааматынньыгын оҥорон туруорбутум. Бу күннэргэ балаҕан ыйыттан саҕалаан, Кыргыдай нэһилиэгин дьаһалтатын сакааһынан тимир каркааһы иһэрдэн, Семен Каратаев-Ырыа Дыгыйар пааматынньыгын бүтэрэн эрэбин. Сакаас эбиллэн иһэр. Снайпер Дмитрий Гуляев пааматынньыгын, Үгүлээккэ Ийэ скверин, Балаҕаччыга “Үлэ килбиэнэ” диэн болуоссакка Үс отчут пааматынньыктарын оҥотторбуттара.

Маастар үлэлиир усулуобуйалаах буоллаҕына, үлэтэ тахсыылааҕа чахчы.

Икки мастарыскыайбын сыыйа кэҥэтэн иһэбин. Аны пааматынньык оҥорор буолан, баппат курдукпун. Онон сыыйа айар көрүҥүм элбээн, үлэлиир сирбин кэҥэттиэм, — диэн санаатын үллэстэр уус-предприниматель Николай Степанов.


Ханнык сиргэ туох күрэхтэһии буоларын Николай Степанов сүрүннээн интернеттэн билсэн, кыттарга сайаапка ыытар. Батсаапка муус оҥоһугун маастардара анал бөлөхтөөхтөр. Онно араас улуустартан 50-60 киһи баар. Бу күннэргэ Бүлүү улууһун уус-предпринимателэ “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” диэн Арассыыйатааҕы суолталаах тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куоракка муус оҥоһуктар күрэстэригэр кытталлар.