«Улуус олоҕо»: Бүлүү мүөтэ бренд буоларын туһугар кыһаллаллар

860

Бүлүү улууһун пааспарын суруйуубутун салгыыбыт. Ураты айылҕалаах, сирдээх-уоттаах дойдуга бэйэ дьыалатын тэринээччи сылын аайы эбиллэ турар. «Сахамедиа» холдинг суруналыыстара ону илэ харахпытынан көрөн, эт кулгаахпытынан истэн кэллибит. Бүгүҥҥү таһаарыыга бүлүүлэр тигээйи иитэн, мүөтү ылыыларын туһунан кэпсиибит.


Саҥа саҕалааччы 

Бүлүү улууһун Чинэкэ олохтооҕо Мария Орлосова быйылгыттан саҕалаан «бэйэ дьыалатын» тэриммит. Кини уруккуттан баҕа санаатын — тигээйини иитиини — олоххо киллэрбит. Анаабыт курдук, Бүлүүгэ Татарстан өрөспүүбүлүкэтиттэн кэлэн профессор Валентин Шилов тигээйини иитиэн баҕалаах дьоҥҥо анал үөрэх тэрийбит.

— Практическай уонна теоретическай кууруһу 19 киһи ааспытыттан, саамай баҕаран туран үөрэммит мин хаалан, бу дьыалаҕа анаан таттаран, иитэ сылдьабын. Мин биэс оҕолоохпун. Ол иһин оҕолорум доруобуйаларыгар улахан болҕомтобун уурабын, — диэн кэпсиир эдэр ийэ.

Мария Саввична Валентин Шиловка үөрэнэн, салгыы суругунан сибээстэһэн, тигээйилэри сакаастаабыт. Сонно тута “пчелопакет” диэн анал сэттэ контейнер айаннаан кэлбит.

Хаһаайка тигээйилэрэ кыстыкка киирбит ампаардарыгар биһигини ыҥыран киллэрэр. Тоһуттар тымныылаах Саха сирин кыһынын тигээйилэр бу маннык ититиллибэт ампаарга атааралларын интэриэһиргээтибит.

Мария ону маннык быһаарар: «Былырыын Арбугаевтар базаларыгар Чочур Мырааҥҥа тигээйилэри Саха сирин усулуобуйатыгар кыстатарга анаан эксперимент оҥорбуттара. Онно “Карпатка” уонна “Среднерусскай” диэн тигээйи көрүҥнэрин боруобалаан тоҥорон көрбүттэр. Ол түмүгэр “среднерусскайдар» улахан тымныыны тулуйбуттар. Бу тигээйи олус кырыктаах. Бэйэтин уйатыгар кими да чугаһаппат, халыҥ да таҥас нөҥүө ыарыылаахтык тигиэн сөп», — диэн сэһэргэһээччим кэпсиир.

Мария Орлосова ампаарыгар быйыл биэс ийэ тигээйини анал контейнерга кыстатан туруорар. Предприниматель тигээйилэрин сэтинньи саҥатыгар ампаарыгар киллэрэн баран, кулун тутарга диэри кинилэр ууларын уйгуурдубат туһугар аанын “лип” гына хатаан кэбиһэр. Биһиги сылдьар кэммитигэр аанын хатыы илигэ. Ол иһин сибигинэйэн кэпсэтэргэ күһэллибиппит. Киһи саҥатын иһиттэхтэринэ, айманан, бэйэ-бэйэлэрин кытта “иирсэн”, аны кыстыыр мүөттэрин сиэн бараллар эбит.

— Ампаарга кыһалҕаттан кыстатабын. Дьиҥэр туспа дьиэ баар буолуохтаах. Чэ, ол ону граҥҥа киирсэн кыайдахпына, анаан дьаһаныам. Ититэр гына оһохтуом, электричество уотун киллэриэм, — диэн былаанын кытта үллэстэр кини.

Аны саас Мария Орлосова “Саҥа саҕалаан эрэр фермер” граныгар кыттар баҕалаах. Оччотугар 50-60 ийэ тигээйини ииттэн, бу дьыалатын кэҥэтэр соруктаах. Предприниматель тигээйилэрин таһаарыан иннинэ чох ыһан, от тэлгээн, сайылатар сирин эрдэттэн бэлэмниир.

Ол оннук анал быраабылалаах дуо? – диэн ыйытабын.
Тигээйилэр сайылыыр сирдэрин үөрэтэн, кыстыыр сирдэриттэн тахсаат, көппүтүнэн бараллар. Оннооҕор бастакы үнүгэстэн кытта мүөт ылаллар, — диэн кэпсиир. Мария дьиэтигэр киирэн, тигээйилэрин быйылгы “үлэлэрин” амсаппыта – үйэбэр амсайбатах аһым буолан биэрдэ. Бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйата олох чыҥха атын эбит!

Өссө тэнитэр кыах баар

Бөтүҥ олохтооҕо Раиса Петрова бу олус туһалаах дьыаланан дьарыктаммыта номнуо үһүс сыла. Онон уопуттаах киһи диэх курдук, тигээйилэрин харайар дьиэтэ-уота тупсаҕайа дьикти.

— Хантан истэн тигээйи иитэргэ санаммыккыный?
— Тигээйи ииттиэхпин уруккуттан баҕарарар этим да, быраабылатын билбэт буоллаҕым. Биир күн Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар тигээйи ииттиэн баҕалаах дьоҥҥо куурус ыыталларын туһунан биллэриини булан аахпытым.  Онно тиийэн түөрт күн үөрэнэн, сертификат ылбытым. Онтон Өктөмнөөҕү агрооскуолаҕа кууруска билиибин хаҥатыммытым. Кинилэр нөҥүө биэс ийэ тигээйини сакаастаабытым. Биир ийэҕэ 5-7 тыһ. тигээйи киирэр. Сотору буолан баран, биир ийэ икки ийэҕэ арахсар. Оччоҕуна тигээйи ахсаана аҕыйыыр. Ону кытта биэрэр аһа да кыччыыр. Тигээйилэр бары кыахтарын бэйэлэрин күүстэрин бөҕөргөтүнэргэ уураллар. Төһө мүөтү таһаараллара күнтэн-дьылтан наһаа тутулуктаах. Ардахтаах дьылга мүөт нэһиилэ хомуллар. Куйаас күҥҥэ, дьэ, элбэх мүөт кэлэр. Ол кэмҥэ тигээйи мүөт угар арааматын 3-4 см үлүннэрэр. Биир ийэ 12 арааманы толорор. Тигээйи айылҕаны харыстыыр аналлаах: үүнээйини буоһатар, тупсарар, үүннэрэр.

Раиса Николаевна тигээйилэрин пасекатын дьиэтин таһыгар уонна Буукаан алааска туруорар. Көрүүгэ-истиигэ наадыйар буолан, тигээйи иитиитэ наһаа үлэлээҕин этэр. Кини тигээйилэрин үөн-көйүүр сыстыбатын туһугар мөхсөр. Ол курдук, кымырдаҕас, кутуйах, чыычаах – тигээйи уйатын саамай өстөөхтөрө. Тигээйилэрин кыстатарыгар анаан кыһыҥҥы дьоҕус дьиэни туттарбыт. Онно кини 7 контейнер тигээйини кыстатар. — 10 кыраадыска тиийэ сылытар. Саас тигээйилэрин саахарынан сироп оҥорон эбии аһатар.

— Үчүгэйэ диэн мүөт сытыйбат. Холодильникка туруорар буоллахпына атын ас амтана, сыта иҥмэтин диэн мүөт кутуллубут иһитин хас да хос суулаан уурабын. Мүөтү сиир киһи минньигэскэ олох кыһаммат буолар эбит. Чэйи кытта саахар оннугар туттаҕын, — диэн санаатын үллэстэр Раиса Николаевна.


Кэлиҥҥи сылларга Саха сирин бары улуустарыгар тигээйини анаан ииттэн, доруобуйаҕа олус туһалаах мүөтү ылар буолбуттара олус кэрэхсэбиллээх. Сотору кэминэн аны Дьокуускай, Нам, Амма, Хаҥалас, Бүлүү мүөтэ диэн бренд быһыытынан биллэр бэйэ бородууксуйата элбииригэр толору эрэл баар. Ол туоһутунан бүлүүлэр мүөтү оҥорон таһаарыыга олохтоохтук ылсыылара буолар.