Ыраах Түүлээх нэһилиэгэр сылгыны, ынах сүөһүнү олус таптаан, ис сүрэҕиттэн ылларан, оҕолуу бүөбэйдээн иитэр Сардаана Неустроева олорор. Төрөппүттэрэ – тыа сирин төрүт олохтоохторо. Аҕата Афанасий Егорович олохтоох оскуола дириэктэрэ, ийэлэрэ Лилия Петровна нуучча тылын уруогун үөрэппитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кыыс түөрт убайдаах. «Сахамедиа» холдинг Уус Алдан улууһун туһунан таһаарыытыгар кыттыһан, Дьөһөгөй айыыһыттаах Сардаана туһунан кэпсииргэ сананным.
Неустроевтар Баатаҕайга олордохторуна бастакы сүөһүлэрин эдьиийдэрэ Мария Егоровна бэлэхтээбит. Ити 1992 сыллаахха оһоҕос түгэҕинээҕи оҕо — кыыстара Сардаана — төрөөбүтүгэр этэ. Онон тыа сирин ыала дойдуларыгар Түүлээххэ көһөллөрүгэр биэс сүөһүлээх тиийбиттэр.
Сардаана олох кыра сааһыттан дьонун батыһан хотоҥҥо сылдьыһарын кэпсииллэр. Бастаан илии-атах үлэтигэр көмөлөһөрө, кэлин бэйэтэ ынах ыаһар, саах күрдьэр, ньирэй аһатар буолбут. Ити курдук улаатан, сүөһү ыарахан үлэтиттэн толлон турбат, кимтэн да соруттарыыта суох бэйэтин көрүүтүнэн, толкуйунан күннээҕи үлэтин бүтэрэ-оһоро охсор буолан, төрөппүттэригэр улахан туһа киһи буолбут.
Түүлээххэ ходуһа кырыымчык буолан, сүөһүлээх дьон отторун бэрт эрэйинэн булуналлар. Неустроевтарга даҕаны оннук хартыына. Хата, аҕалара бэрт дьаһаллаах киһи буолан, эрдэ туруорсан, кэпсэтэн Баҕара, Андылаах диэн оттуур сирдэри бэйэтин аатыгар сыһыаттарбыт. Ол ходуһаларыттан сүөһүлэрин айаҕар отторун булуналлар. Уолаттар бары кыра эрдэхтэриттэн сайынын оттоһоллоро, кыһынын хотон ис-тас үлэлэрин толороллоро. Сардаана ордук икки кыра убайын – Сашогу, Егорканы кытары хотон араас үлэлэригэр тэҥҥэ сылдьыһара.
“Сыл – хонук” дииллэрэ оруннаах, күн-дьыл биллибэккэ элэстэнэн ааһа охсоро түргэн. кыыс 2011 сыллаахха Түүлээх орто оскуолатын бэрт үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбит. Убайдара эмиэ үөрэхтэнэн, Дьокуускайга сөбүлүүр идэлэринэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Улахан уол Петр – хирург, медицинскэй наука кандидата, ХИФУ хирургияҕа кафедратын доцена, Борис – полиция подполковнига, Егор – СӨ судаарыстыбаннай сакааска сулууспатын сүрүннүүр исписэлииһэ, Александр – тутааччы-инженер, «Адгезия» тэрилтэҕэ прорабтыыр. Уолаттар балыстарын киин сиргэ ыҥыраллар да, Сардаана сүөһүлэрин, сылгыларын быраҕар санаата суох. Тыа сиригэр олохсуйан, сүөһү, сылгы ииттэн, сыл ахсын ахсаан өттүнэн элбэтэр былааннаах.
Буяны булуоҕуттан булгуруйбат санаа ылыммыта
Ааттаан-суоллаан Түүлээххэ олорор Неустроевтарга тиийдим. Дьиэлээхтэр сарсыардааҥы хотоннорун көрөн киирбит кэмнэригэр түбэстим. Сардаана бэрт сэмэй, билигин даҕаны оҕолуу ис киирбэх көрүҥнээх. Атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэһэн иннибэр олорор нарын-намчы кыыс оҕо кута-сүрэ сүөһүгэ, сылгыга, дьиэ кыылларыгар курдаттыы тартарарын бигэтик өйдөөтүм.
Сардаанаттан сылгыһыт буолар баҕа санаата хаһан, туохтан саҕаламмытын ыйыппыппар, маннык кэпсээтэ: «Кыра эрдэхпиттэн кыылы-сүөлү олус сөбүлүүбүн. Тугун эрэ өлөрбүт, ыалдьыбыт кыыллары наһаа аһынабын. Дьиэбитигэр куруолугу, аквариумҥа балыктары, улиткалары, куосканы, ыттары иитэбин. Урут сыһыыттан ийэтэ суох хаалбыт кулунчугу булан, дьиэбитигэр аҕалбыппыт. Онтон, хата, бэрт түргэнник ийэтэ көстүбүтэ. Ити кэмтэн ыла кулунчуктанар ыра санаа түүлбэр кытары киирэрэ. Өр буолбатаҕа, 6-с кылааһы бүтэрэр сылбар баҕа санаам туолбута. Арай оскуолаттан кэлбитим – хотон иннигэр хара элэмэс дьүһүннээх үчүгэйкээн кулунчук турара! Үөрбүппүн эриэхсит! Ийэтэ өлөн хаалбыт этэ. Сылгыһыт уолаттар миигин сылгыны таптыыр диэн аҕалбыт этилэр. Ити кэмтэн саҕаламмыта – санаам дьөһөгөй оҕотугар охтуута. Урут хаһан сылгыны көрбүтүм баарай?! Ветеринардартан сүбэлэттэрэн, «тулаайахпар» бастаан утаа ыаммытынан үүккэ куурусса сымыытын буккуйан иһэрдэрим, гречка хааһытын оҥорон сиэтэрим, намчы күөх оту үргээн биэрэрим, ис сүрэхпиттэн кыһаллан оҕолуу бүөбэйдээбитим. Сыыйа күөх мэччирэҥ тахсыытыгар онно ыыппытым. Буян диэн ааттаабытым. Сылгыга тапталым, үлэм, дьулуурум бука барыта бу дьөһөгөй оҕотуттан саҕаламмыта. Буяным билигин хаһыыга сылдьар, үөр атыыра, 14 биэлээх, ноҕорууската арыый үрдүк соҕус эрээри, ол үрдүнэн барыларын 100 бырыһыан буоһатар».
Кырдьык, киһи сылгылаахпын диир сылгыта, атыыр бэрдэ буолбут. Сардаана былырыын 13 кулунчугу ылан, дьыалабыай тахсыытын 100 бырыһыаҥҥа тиэрдибит. Сылгытын ахсаан өттүнэн элбэтэр сыалтан аҕыс убаһаны иитиигэ хаалларбыт. Бука барыларыгар карточка арыйан, төрүттэрин-уустарын бэлиэтээн иһэр эбит. Маннык зоотехническэй учуоту анал үөрэхтээх да исписэлиистэр ыарырҕатар түгэннэрэ эмиэ баар буолааччы.
Грант уонна сылгы базата
Тулаайах кулунчугу иитиэҕиттэн Сардаана өйө-санаата, үлэтэ-хамнаһа тосту уларыйбыта – аны сыспай сиэллээҕи ууһатарга быһаарыммыта. Күн бүгүн бэйэтин бас билиитигэр 51 сылгылаах, биэлэрэ эдэр саастарыттан төрүүллэрэ олохтоммут. Өссө 2014 сыллаахха Сардаана Неустроева бастаан тус бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэригэр 12 сылгылааҕа. Ол кэмҥэ “Саҥа саҕалааччы фермер” бырагыраамаҕа киирсэн, кыайан, 1,5 мөл.солк. грант ылан, “МТЗ-82” тракторы, прицеби, 14 убаһаны атыыласпыта.
Грант ыларыгар Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар «Саҥа саҕалааччы фермер» куруһуогар үөрэммитэ улаханнык көмөлөспүтэ. Куонкуруска кыттыытын туһунан Сардаана бу курдук кэпсээтэ: “Биллэн турар, баҕа санаабын олоххо киллэрэрбэр, хаһаайыстыба тэринэрбэр төрөппүттэрим, убайдарым көмөлөрө, өйөбүллэрэ улахан. Грант ылбыт былааным сыала-соруга сылгыны ахсаан өттүнэн элбэтии буолан, бастакы сылларбар эти да, үүтү да туттарбаппын. Сылгыларбын ахсаан өттүнэн элбэтэр соруктаахпын. Базата суох сылгыны хайдах да сайыннарбаккын, санаабыт санааҕын олоххо кыайан киллэрбэккин”.
Аҕата Афанасий Егорович кыыһыгар кыһаллар киһи быһыытынан саамай наадалаах боппуруостары туруорсан, кэпсэтиигэ кыттар. “Сылгылара сөбүлээн сылдьар Андылаах диэн сирдэригэр быйыл база тэринэр санаалаах саҥа саҕалыыр фермердэр куонкурустарыгар кыттарга сайаапка түһэрбитэ эрээри, ону кыайан ааспатаҕын истэн хомойдо. Саатар аккаастаабыт матыыптара чуолкай биллибэт. Маныаха эдэр фермер түһэрбит сайаапкатын олохтоохтук, инникини өтө көрөн ырытыахха баара. Бөһүөлэк иһигэр сылгыны иитэр табыгаһа суох, экология өттүнэн табыллыбат даҕаны. База тутуллар буоллаҕына, сылгыһыттар олороллоругар, үлэлииллэригэр, сынньаналларыгар бары усулуобуйа оҥоһуллуохтаах этэ, ол эбэтэр олорор дьиэ, гараж, баанньык тутуллуохтаах”, – диир кини.
Билигин Сардаана сылгылара бөһүөлэккэ бааллар, кыбыыга туруоран аһаталлар, онон мантан саас аны дьиэ таһын ыраастааһын үлэтэ күүтэр. Онуоха грант үбүнэн ылбыт трактордара улахан көмө буоларыгар саарбахтааһын суох.
Түүлээх курдук кытыы учаастакка сүөһү, сылгы ииттиэн баҕалаах киһи да элбэҕэ суох. Үгүс киһи сүөһүтүн эстэ, «Түүлээх» коллективнай тэрилтэ эһиннэ. Соҕотох фермер Сардаана Неустроева бары ирдэбиллэри барытын тутуһан, оҥорон, толорон иһэр. Онуоха сылгы базатын тутуутугар көмө, өйөбүл оҥоһуллара буоллар, олохтоох нэһилиэнньэни олохтоох аһынан толору хааччыйыа турдаҕа.
Сылгыга өрүү болҕомтолоохтук сыһыаннаһыахха наада
Сардаана сарсыарда уһуктаат, итиэннэ киэһэ утуйарын саҕана хайаан даҕаны сылгыларын көрөр, бэрэбиэркэлиир. Мин сылдьар кэммэр сылгыларыгар “айахтарын хамсаталларыгар” сиэмэ кута сылдьан: “Бу кытыт ыалдьыбыт аҕай, бүгүн төрүүһү”, – диэт, көрөн турдахпына туһунан араарда. Ити курдук хааччахха турар сылгыларыгар төрүөхтээх биэтэ элбэх эбит.
Хас биирдии киһиэхэ талаана араастык бэриллэр. Ону чопчу көрөн сайыннарыы — бу эмиэ улахан кэскиллээх дьыала.
– Билиҥҥи сайдыылаах олоххо үөрэнэҥҥин, идэ ылыаххын наада дии санаабаккын дуо?
– Оннук этэ. Дьиҥинэн, тыа хаһаайыстыбатын колледжыгар үөрэнэн, сир, баай-дуол идэтин ылбытым. Төрөөбүт нэһилиэкпиттэн тэйиэхпин, хаһаайыстыбабын быраҕыахпын олох баҕарбаппын. Оттон манна идэбинэн үлэ миэстэтэ суох буоллаҕа.
— Бу сөбүлээн сылдьар дьарыккар туох мэһэйдэр, уустуктар баалларый?
– Сиргэ хаһыыга сылдьар сылгыларбар эбиэс, от, туус эбэн биэрэбит. Уопсайынан, дохуот диэн суох, барыта ночоокко олоробут. Ол үрдүнэн санаабытын түһэрбэппит, барыта табыллыа диэн эрэнэбин. Былырыын баччаларга буолбут түбэлтэни санаан кэллим. Биир биэм сыһыыга төрөөбүт этэ. Оҕотун көрдөөн-көрдөөн нэһиилэ булбутум, суута сиргэ хам сыстан тоҥон хаалбыт. Кулунчугу суордар тоҥсуйбуттар аҕай. Салааскалаах тиийэн тиэйэн аҕалбытым, ийэтэ кэнниттэн батыһан кэлбитэ. Оҕотун Дектор, ийэтин Афродита диэн ааттаабыппыт. Билигин оҕото убаһа бэрдэ буолан иитиигэ турар, оттон ийэтин төрөтөөрү киллэрбиппит, уулаах, бу күннэргэ төрүөхтээх. Сылгы барахсан – айылҕа оҕото, күн ахсын көрүөххэ да көрүөххэ наада. Күҥҥэ төһөлөөх моһолу көрсөллөрө буолуой?!
Сардаана кэпсэтиини маннык кимтэн эрэ ыйытар дуу, кэпсиир дуу аҥаардаах түмүктээтэ.
Эдэр киһи сылгы иитиитинэн эрэ муҥурдаммат: икки хотонунан сылдьан ынах сүөһүнү көрөр-истэр, аһатар-сиэтэр, төрөөбүт ынахтарын ыыр, үүттэрин астыыр. Хайдах барытыгар соло булан, илиитэ тиийэрэ буолла… Кини билигин Саха сирин үрдүнэн баар бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччылартан саамай эдэрдэрэ. Бу маннык, күннэтэ дьахтар аймахха чугаһа суох, үлэ үөһүгэр сылдьар Сардаана Неустроева инникитин сыспай сиэллээҕи сыһыы муҥунан сыһытар, ынах сүөһүнү хотон муҥунан дэлэтэр былаанын «Улуус пааспарыгар» кэпсээтибит.