2013-2014 сылтан саҕалаан, Уус Алдан Дүпсүн нэһилиэгэр В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан духуобунай киин тутуута саҕаламмыта. Чопчу сыаллаах бырайыак суруллубута. “Улуус пааспарыгар” бу киин үлэтин, кыһалҕаларын туһунан кэпсиибит.
Дүпсүннээҕи оскуола иһинэн үлэлиир үс мусуой — оскуолатааҕы, кыраайы үөрэтэр уонна космонавтика — үлэлэригэр олоҕуран, бастакы концепция суруллубута. Докумуонтан көрдөххө, Күлүмнүүр аатынан киин нэһилиэк оҕолорун үҥкүүгэ, ырыаҕа, спорка уһуйуохтаах.
Бүгүҥҥү туругунан, бастакы ылыллыбыт концепция уларытыллыбыт. «Киин өрөспүүбүлүкэ таһымнаах буолуохтаах. Билигин докумуоннаһыы үлэтэ бара турар. Урукку концепцияҕа суруллубутуттан тэйэн, духуобунай киинтэн техническэй хайысхалардаах киин буолан арыллыахтаахпыт«, — диэн быһааран кэпсээтэ Күлүмнүүр аатынан киин боломуочунайа, Дүпсүн орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ольга Протопопова.
Былырыын сайын сыбаайата түспүт, ол кэмтэн дьиэ олус түргэнник тутуллубут. Билигин быстах үлэлэр эрэ хаалан тураллар. Итиэннэ космонавтика саалатыгар туспа бырайыагынан улуус бюджетыттан үп көрүллэн, ситэрэн-хоторон биэриэхтээхпит. Манна оҕолор “аэрокосмическая инженерия” диэн интэриэһинэй куруһуокка дьарыктаныахтара.
Күлүмнүүр киинэ икки этээстээх. Бастакытыгар өрөспүүбүлүкэ историятын көрдөрөр саалалар: сэриигэ уонна үлэ албан аатыгар анаммыттар. Иккискэ нэһилиэк историята кэрэһэлээбит. Матырыйааллары үс мусуойтан түмэн хомуйбуттар.
Үһүс сааланы дүпсүннэр биир дойдулаахтарыгар Күлүмнүүргэ анаабыттар. Манна саха норуотун чулуу уолун төрүөҕүттэн сылдьыбыт сирэ, олоҕун бэлиэ кэрчиктэрэ истиэнэни төгүрүччү уруһуйдаммыттарын киһи кэрэхсии көрөр. Эбии кини үлэлэрэ, туттубут мала-сала баар буолуохтаахтар. Уопсайынан, бу саалаҕа Саха сирин интеллигенцията көстүөхтээх. Ону матырыйаал хомуйарга, биир мусуойга түмэргэ мунньах буолуохтааҕын иһитиннэрдилэр. Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин үөрэппит дьону түмэн, научнай сэбиэт тэриллиэхтээх. Онон бу саала өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, киэҥ, баай историялаах буолуохтаах.
Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр (1866 – 1928 с.с.) – үөрэҕинэн юрист. Дүпсүн улууһугар (билиҥҥитэ Уус Алдан) кулубанан, кэлин Дьокуускайга статистика кэмитиэтигэр, Уокуруктааҕы суукка үлэлээбитэ. 1906 с. “Саха түмсүүтүн” тэрийбитэ, ол иһин хаайыллан, түрмэҕэ 1,5 сыл олорбута. Онно олорон аатырбыт “Манчаары түөкүн” пьесатын суруйбута. Быстах кэмҥэ үлэлээбит бырабыыталыстыбаҕа губерния земскэй быраабатын кулубатын дуоһунаһыгар Саха сирин бастакы быыбардаммыт салайааччытынан үлэлээбитэ. Сэбиэскэй былааска Москваҕа Киин-Илиҥҥи издательство Саха сиринээҕи секциятын сэкирэтээринэн, ССРС Наукаларын академиятын Саха сиринээҕи экспедициятын научнай үлэһитинэн үлэлээбитэ.
В.В.Никифоров 1927 сыллаахха норуот өстөөҕүн быһыытынан хаайыллыбыта уонна 1928 сыллаахха Новосибирскай түрмэтигэр өлбүтэ. Кини үтүө аата норуотугар төннөрүллүбүтэ.Былырыын Күлүмнүүр 150 сылын өрөспүүбүлүкэ киэҥ хабааннаахтык бэлиэтээбитэ.
Боломуочунай Ольга Протопопова: “Бу киин бастакы бырайыагар оонньуур, спордунан дьарыктанар былаһааккалар киирбиттэрэ. Онон бу салаа эмиэ хабылынна. Оҕолор манна өй эрэ өттүнэн буолбакка, эт-хаан өттүнэн тэҥҥэ сайдыахтара. Космоһы интэриэһиргээччилэргэ анаан “аэрокосмическая инженерия” диэн үөрэх баар буолуоҕа. Анал идэтийбит исписэлиистэр оҕолору үөрэтиэхтэрэ. Тыа сиригэр олорор буоламмыт, агроинженерия куруһуога арыллыаҕа. Маны таһынан, скульптура, архитектура, дизайн дьарыктара эмиэ баар буолуохтара. Билиҥҥитэ сэттэ үлэһит баар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин миниистирин солбуйааччы Феодосия Габышева кииҥҥэ олохтоох ыччаты үлэлэтэргэ сорук туруорбута. Дүпсүн оскуолатыгар 131 үөрэнээччи күннэтэ билии киэҥ аартыгын арыйар. Оскуола 25 миэстэлээх интэринээттээх. Бу оҕолору таһынан өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан интэриэстээх оҕолор кэлэн, Күлүмнүүр аатынан кииҥҥэ дьарыктаныахтарын сөп. Былаан быһыытынан, дистанционнай үөрэх эмиэ киириэхтээх. Күлүмнүүр аатынан кииҥҥэ үс саалалаах мусуойу, анал дьарыктанар кабинеттары, муннуктары, аактабай сааланы таһынан, 180 миэстэлээх киинэ көрдөрөр саала баар. Манна киинэнэн эрэ муҥурдаммакка, сыананы тыйаатыр, кэнсиэртиир сир быһыытынан эмиэ туһаныахха сөп”, — диэн кини үлэ сүнньүн билиһиннэрэр.
Бачча элбэх үлэ, сыра ыытыллыбыт, оҕолор сайдар дьиэлэрэ – Күлүмнүүр аатынан киин — үлэҕэ киирэ охсорун уус-алдаттар күүтэллэр.
Александр Николаевич Жирков, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ:
— Василий Васильевич Никифоров аатын политическай өттүнэн ырааһырдан, норуотугар төннөрүллүөҕүттэн ыла сүүрбэттэн тахса сыл ааста. 65 сыл тухары кини аата умнууга сылдьыбыта. Бу хас да көлүөнэ дьон олоҕо буолар. Кинилэр Василий Никифоров-Күлүмнүүр диэн ааты билбэккэ олорон, үөрэнэн, айан-тутан ааспыттара. Василий Васильевич аата ахтыллыбатах элбэх историческай чинчийии, литературнай уус-уран айымньы суруллубута. Алҕаһы таһаарбыттар сыыһаларын билиниэхтэрин баҕарбатахтара. Саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятын ааттара, ол иһигэр Күлүмнүүр аата, улахан сыранан төннөрүллүбүттэрэ. Биһиги Василий Васильевич туһунан матырыйааллары биирдиилээн булан хомуйабыт уонна киэҥ араҥаҕа таһаарабыт. (Балаҕан ыйын 27 күнэ, 2016 сыл. Ил Түмэн СМ дьиэтин иннигэр туруоруллубут Күлүмнүүр пааматынньыгын арыллыытыгар этиититтэн).