Улуус олоҕо: Хамаҕаттаҕа сүүрүк аттары эрчийэллэр

1488

Быйыл күһүн Аммаҕа “Лээги” кубогар Нам улууһун ат сүүрдээччилэрэ аҥардастыы аатыран, күннээн-күөнэхтээн ааспыттара. Хэвенли Стид диэн атыыр сылгы (сүүрдээччитэ – Иннокентий Иванов, баайааччыта – Сергей Ядреев) ат спордун сэҥээрээччилэри сөхтөрбүтэ. “Намнар олус бэлэмнээх кэлбиттэр”, — диэн улуус баһылыгын Александр Атласовы дьон хайҕаабыта.


“Сахамедиа” суруналыыстара анаан-минээн Хамаҕаттаҕа баар улуустааҕы ат спордун федерациятын көньүүһүнэтигэр тиийэ сырыттыбыт. Үлэһиттэр бу ураты дьарыктарын туһунан “Улуус олоҕо” бырайыакка кэпсээтилэр.

Онон дьаабылыка аһылыктааҕынан норуокка биллибит сүүрүк ат Хэвенли Стид олоҕун-дьаһаҕын көрдүбүт-иһиттибит. Ат бэйэтин уйатыгар «мин аҕай» диэбиттии туттан-хаптан, уһун моонньутунан киэптээбиттии чолооруҥнуурун киһи эрэ көрдөр көрүөх курдук. Туораттан киирбит дьону интэриэһиргээбиттии көрөр. Киһи таҥаһаттан ытыран, оонньоһорго дылы. Оруобуна сарсыардааҥы аһылыктара буолан биэрдэ. Анал үөрэҕи ааспыт уолаттар иһиккэ моркуоп кутан иннигэр ууран биэрэллэр. Сөбүлээн сиир аһын улахан тиистэринэн хачырҕаччы ыстыыр.

— Чахчы дьаабылыка аһылыктаахтар дуо?

— Маннык боруода аттарга хайаан да битэмииннээх ас күннээҕи рационнарыгар баар буолуохтаах. Ол тутуһуллар. Дьаабылыканы хам-түм биэрэбит. Хэвенли Стид, атыттарга холоотоххо, ордук сөбүлүүр, — диэн уолаттар түргэн хамсаныыларын быыһыгар кэпсииллэр.

Бу курдук кэпсэтиибит саҕаланар. Манна Казаньтан, Ростовтан, Москваттан аҕалыллыбыт боруода сылгылар кыстаан тураллар. 80-с сылларга симэлийэн баран, 2014 сылтан эрэ атаҕар туран эрэр ат сүүрдүүтүн көрүҥэ сайдарын туһугар, улуустарын өрөспүүбүлүкэҕэ ааттатаары 6 үлэһит үлэлии-хамсыы сылдьар. Икки ат баайааччы, биир сүүрдээччи, икки ат көрөөччү манна өрөбүл, бырааһынньык диэни аахсыбакка үлэлииллэр.

Кыстык этэҥҥэ баран иһэрэ көньүүһүнэ таһыттан биллэр. Быйыл сайын үлэһиттэр бэйэлэрэ 30 т оту сылгыларыгар анаан бэлэмнээбиттэр. Онон сыл тахсар оттоохтор. Күн аайы эбиэһи, моркуобу, мюсли, мегабаза сиэтэллэр. Эбиэстэригэр сибиинньэ сиир уотурбатын булкуйан биэрэллэрин аттар олус сөбүлүүллэрин үлэһиттэр тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Олохтоох “Дьулус” бааһынай хаһаайыстыбатыттан 1 тонна моркуоп ылбыттар. Күҥҥэ биир куулу түҥэтэн сиэтэллэр. Аттарга сиэтэр анал битэмииннэрин Москваттан сакаастаан ылаллар. Онон аһылыктарыгар улахан болҕомто ууруллар.

Сүүрүк сылгылары көрүү-истии олохтоммут анал режиминэн ыытыллар. Кыһыҥҥы өттүгэр сарсыарда 8 чаастан, сайын куйааска биэс чаастан көрүү-истии саҕаланар. Көньүүһүнэ иһэ 15 кыраадыс сылаас буолуохтаах ирдэбилин тутуһаллар. Онон дьиэ иһэ сиигэ суох. Сииктээх буоллаҕына, сылгылар тыҥаларыгар олус куһаҕан буолар дииллэр.

Ууларын баһан уулаталлар. Биир акка күҥҥэ 40 лиитэрэ уу наада. Хас биирдии уйаҕа убаҕаһы-хойууну обордун диэн мас көөбүлүн тарҕата куталлар. Мас көөбүлүн олохтоох столяркаттан таһаллар. — Көрөргүт курдук, сүүрүк сылгылары көрүү-истии олус эппиэтинэстээх үлэ. Үөрэнэммит, бэйэбит бэтэринээр курдукпут. Систиэмэ, укуол туруорабыт, — дэһэллэр уолаттар от тарҕаталларын быыһыгар.

Манна ааттаах-суоллаах Хэвенли Стид, Риттер Кид, Ориентир, Премьера, Раймонд тураллар. Итилэртэн Ориентир 5 кыайыылаах, Премьера сүүрэ илик, эһиил тый буолуоҕа. Раймонд диэн атыыр 1 сүүрүүлээх. Хэвенли уонна Риттер Америкаҕа төрөөбүт аттар. Ону соҕуруулар атыыласпыттар. Быйыл үс убаһалаахтар. Балар 2018 сылга сүүрүөхтээхтэр.

Аттарын туһунан кэпсииригэр толорооччу дириэктэр Александр Назаров олох ис-иһиттэн сырдаан кэлэр.
Баайааччыларбыт үрдүкү категориялаах маастар-жокей Сергей Ядреев, Архип Назаров олус кыһамньылаахтар. Үлэһиттэр бары да оннуктар. Кыһыҥҥы өттүгэр сүүрүктэри ноҕоруускалыаххын наада. Тулуурдаах буолууга үлэлэтэллэр. Онтон ыам ыйыттан түргэҥҥэ дьарыктыыбыт. Төһө да 50-60 кыраадыс тымныы буоллун, 1 чаас таһырдьа сырытыннарабыт. Дьарык кэнниттэн сынньатан баран уулатабыт.

— Саамай атахтарын харыстыыргыт буолуо?
Оннук бөҕө. Атахтарын өлөрбөтөллөр эрэ ханнык диэн санаалаахпыт. Ол иһин сылдьар суолларын үчүгэйдик оҥоруохтаахпыт. Кыһын хаары дэхсилээн, суол тэҥниибит. Сайын хорутан, нэдиэлэ буола-буола диискэлээтэхпитинэ табыллар. 

— Кистэл буолбатах буоллаҕына, Хэвенли Стиды сэргэ өссө хайа аккытыгар эрэнэҕит?
Ориентирга. Былырыын уһун дистанцияҕа боруобаламмыта. Улаханнык эппэппит, көстөн иһиэҕэ.

— Бука, сылгыга сыстаҕас буолан, толорооччу дириэктэр буоллаҕыҥ.
Кырдьык, оннук. Эһэм Петр Романович Назаров Саха сиригэр соҕурууттан 70-с сылларга аан маҥнай ат аҕалан үөскэппит үтүөлээх. Кини бааһынаҕа үлэлээбитэ, тырахтарыыстаабыта, агорономнаабыта. 1976 с. Чечня аттыттан Кабардаттан ат аҕалбыта. Илимский диэн боруода атыыры, Ишимка диэн боруода биэни. Өссө ол кэнниттэн Боливар диэн сылгыны аҕалбыта. Олортон ууһаан, сүүрүк сылгылар тэнийбиттэрэ. Аҕам аахтан үөрэнэн сүүрдээччи, баайааччы буолан, көньүүһүнэҕэ сыһыннаҕым дии. Дьиҥэ, бэйэм идэбинэн маркетологпын. Сүүрүк аттары көрүүнэн мээнэ киһи дьарыктаммат. Ол иһин каадыр тиийбэт. Бэл, ити Сунтаартан ыҥыран аҕалан үлэлэтэбит. Өрөбүлэ, сынньалаҥа суох үлэ. Ону мээнэ киһи тулуйбат.

Биһиги ити курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ көньүүһүнэҕэ турар аттары көрдүбүт. Бииртэн биир Айыы Дьөһөгөй маанылаах оҕолоро. Хэвенли Стид 171 см үрдүктээх. Ориентир, Риттер Кид 1 м 65 см кэриҥэ үрдүктээхтэр. Дьэ, ити аттар уһун дистанцияҕа сүүрэн бараллара бэйэтэ кэрэ көстүү буоллаҕа. Ол да иһин ат сүүрдүүтүн дьон былыр былыргыттан сэҥээрэн эрдэхтэрэ.

Ситэрэн кэпсиир буоллахха, манна саха аттара эмиэ иитиллэн тураллар. Кинилэри көрүү-истии эмиэ туспа. Боруода аттартан төһө да уҥуохтарынан кыраларын иһин, тыйыс айылҕа көстүүлэригэр тулуурдарынан, астарыгар хаппырыыстара суоҕунан уратылаахтар.

Маны ситиһэргэ өйөбүл оҥоһуллара көмөлөөх буолбутун толорооччу дириэктэр тоһоҕолоон эттэ. Улуус баһылыга Александр Атласов ат спордун сайыннарыыны өйүүр буолан, субсидия көрдөрбүт. Онон сыл аайы 2,5 мөл. солк. тыырыллар, бу сууматтан үлэһиттэр хамнастарыгар, отторугар-мастарыгар, аһылыктарыгар көрүллэр.

Маннык түбүктээх үлэ бастакы түмүктэри көрдөрөн эрэр. Ол курдук, намнар Ил Дархан бирииһигэр быйыл бастаабыттара, “Лээги” кубогар” икки төгүл чемпионнаатылар. Ситиһиилэр ити курдук сиэттиһэн кэлэ турдуннар!