Бүлүү улууһугар сиэдэрэй көстүүлээх дьиэлэри тутуу олохторун ирдэбилэ курдук буолан эрэрин тустаахтар кэпсииллэр. «Улуус пааспарын» суруйа сылдьан, Илбэҥэҕэ биир бэрт тупсаҕай дьиэни бэлиэтии көрдүбүт. Салгыы — тыа сиригэр олохсуйбут эдэр киһи ситиһиилэрин уонна сайдыыга көрүүлэрин, этиилэрин туһунан кэпсиибит.
38 саастаах, үс оҕолоох, үрдүк үөрэхтээх, тутааччы идэлээх Афанасий Николаев билиҥҥи туругунан үлэ киниискэтигэр туох да бэлиэтэ суох. Эдэр киһи, үлэ кыайан булбатын билэ-билэ, төрөөбүт дойдутугар олохсуйар баҕалаах сэттэ сыллааҕыта Илбэҥэҕэ көһөн кэлбит.
Эдэр ыал тиэргэннэригэр тутуулара үгүс: баанньык, гараас, сиэдэрэй көстүүлээх олорор дьиэ. Дьиэ түннүгүн араамата, балкона, олбуорун оһуора – барыта сылгы ойуута. Мин хараҕым сэргэҕэ хатанна.
— Бу тэлгэһэҥ ортотугар бэртээхэй сэргэни туруорбуккун.
— Дьөһөгөй оҕотугар кыра сааспыттан сүгүрүйэбин. Ол да иһин буолуо, дьиэм иһин-таһын сылгы арчылыыр, араҥаччылыыр. Дьиэбин убайдарым көмөлөрүнэн 2010 сыллаахха туттан саҕалаабытым. Ити иннинэ биир сыл мас кэрдэн, куурдан, бэлэмнэбитим. Онтон сыыйа Илбэҥэм тиититтэн 105 кв м иэннээх икки мэндиэмэннээх дьиэ туттубутум. Илбэҥэм тиитэ. Тиэргэммэр тута сэргэ туруорбутум. Ити Ыһыах саҕана этэ. Саха киһитэ олохсуйар сиригэр сэргэ туруоруохтаах диэн толкуйдаахпын. Ити «Бу мин сирим» диэн өйдөбүлү үөскэтэр дии саныыбын. Төрөппүттэрим сэргэлээх ыалга сылгы-сүөһү турар диэн ииппиттэрэ эмиэ манна улахан оруоллаах буолуохтаах, — диэн санаатын үллэстэр кэпсэтээччим. Кырдьыга да, оннук.
Салгыы гарааска киирэбит. Бу уһанар, күннээҕи килиэбин булунар сирэ буоларын хаһаайын билиһиннэрэр. Манна массыына, тыраахтар толору. «Бу мин тиэхиньикэм буолбатах. Аймахтарым уонна табаарыстарым туруораллар. Ол оннугар мин наадыйдахпына кинилэр өҥөлөрүнэн төһө баҕарар туһанабын», — диир. Тыа сиригэр доҕордуу сыһыан, өйдөһүү-өйөһүү билигин да сүтэ илик. Афанасий санаатын-оноотун истэн баран, «барытын харчы быһаарар» диэччилэри кытта кини сөпсөспөтүн өйдөөтүм.
Афанасий ийэтин өттүнэн төрүттэрэ уус дьонун кэпсиир:
— Өбүгэлэрим улууска биллэр Сэттэ Сортуоллар. Хос эһэм Суоһатар Миитэрэй уола мин эһэм Хаппытыан маска уонна тимиргэ дэгиттэр уус эбитэ үһү. Мин ол кини кыыһа Аана Хаппытыанабына 12-с оҕотунабын. Кыра эрдэхпиттэн ким да миигин хайдах уһанарбын сүбэлээбэт этэ. Туох эрэ тэһэ кэйдэҕинэ, испиттэн баҕаран туран, маннык буолуо диэн сэрэйэн уһанааччыбын. Оскуола саҕаттан кыралаан маһы кыһан, тимири таптайан, араас оҥоһугу оҥорон таһаарарым. Манна Илбэҥэҕэ олохсуйан, гараас туттан баран, дьэ, олохтоохтук уһанар буоллум. Ити иннинэ онно-манна түбэһиэх, дьон гарааһыгар, баанньыкка уһанар этим.
Эдэр киһи быһах, хомус таптайар тимирдэрин араас көлө чаастарыттан иһэрдэн оҥорор. «Көрдөөтөххө тимир элбэх. Суоппар убайдарым алдьаммыт тимир көлөлөрүттэн быраҕыллыбыт саппаас чаастарыттан бэрсэллэр. Эһэм Хаппытыан тимир ууһа эбит. Онон төрдүм хаана тардан, аны хомус охсор буоллум. 2011 сылтан дьон хомус сакаастыыллар. Иллэрээ сыллаахха кулууп үлэһиттэрэ хомуһу оҥорор киһи хайаан да тыаһатар буолуохтааххын диэн, аны ыһыахха хомус күөн күрэһигэр оонньоон турардаахпын. Кыбыста-кыбыста кыттыбытым да, бэйэм охсубут хомуспун, хата, кимнээҕэр ордук аһыллан тарпытым», — диэн баран, билигин оҥоро сылдьар хомуһун оонньоон иһитиннэрдэ. Оһуобай!
Быһах кыынын Афанасий ынах тириититтэн оҥорорун көрдүм. Быһаҕын 3-3,5 тыһ. солк. сыаналыыр. Онон сыаната удамыр буолан, сакаас киирэрэ элбэҕин бэлиэтиир.
Афанасий Николаев аҕатын да, ийэтин да өттүттэн өбүгэлэрэ удьуор булчуттар.
— Үлэм суох буолан, үксүгэр бултаан айахпын ииттэбин. Түүлээххэ сылдьабын. Аныгы кэмҥэ булчут суолтата сүттэ. Холкуос-сопхуос саҕана булчут идэлээх киһи нэһилиэккэ саамай ытыктанар, убаастанар буолара. Үлэ киниискэтигэр «кадровай булчут» диэн суруллара. Билигин оннук суох. Булчукка туох да бырааба суох. Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин иһинэн бултуубут да, ол үлэбит туох да докумуоҥҥа тиһиллибэт. Күннээҕинэн олорор курдуккун. Туох да социальнай көмүскэл суох. «Булчут күнэ» диэн ыйааҕынан бигэргэтиллибит анал күнү бэлиэтиибит да, көр-нар курдук сыһыан эрэ. Булчуттары түмэн кэмпириэнсийэлэри, сийиэстэри ыыталлара буоллар, булчут идэтигэр болҕомто ууруллуо этэ. Дьиҥэр айылҕаҕа сылдьан бултуур киһи идэтийбит булчут статустаныахтаах этэ буоллаҕа. Онон «Булчут күнэ» көннөрү бырааһынньык эрэ буолбакка, булчукка сыһыаны тосту уларытар идиэйэлээх тэрээһин буоларыгар баҕарабын, — диэн санаатын үллэстэр кини.
Бүлүү улууһугар Афанасий Николаев курдук төрөөбүт дойдуларын таптаан олохсуйбут ыччат элбэх. Кинилэр эт илиилэринэн дьиэ туттан, бэйэлэрин баҕаларынан дьарыктарын булунан, күн солото суох сылдьаллар. 2018 сылы Ил Дархан Егор Борисов «Дьарыктаах буолууга өйөбүл» сылынан биллэрбитин биһирии иһиттилэр. Ол аата — ыраах сытар нэһилиэктэр олохтоохторугар улахан болҕомто уурулларыгар эрэл баар.