«Улуус олоҕо»: Кэптэнигэ тутуллубут саҥа оскуола — тыа сиригэр туһуламмыт бырагыраамалар туоһулара

2789

Уус Алдан улууһун пааспарын суруйууну салгыыбыт. Бу сырыыга бырайыакпыт чэрчитинэн оскуола дьиэлэри тутууну билистибит. Кэнники биэс сылга оройуоҥҥа сэттэ саҥа оҕо билиини ылар объега үлэҕэ киирбит. «Улуус олоҕор» быйылгы үөрэх дьылын көрсө Кэптэни бөһүөлэгэр киллэриллибит саҥа таас оскуола үлэтин кэпсиибит. Учууталлары, үөрэнээччилэри кытта билистибит, санааларын иһиттибит. 


2009 сыллаахха Лөгөй нэһилиэгэр 120 оҕоҕо анаммыт таас оскуола тутуллар диэн буолбут. Онуоха олохтоохтор уонна оскуола кэлэктиибэ туруорсаннар, эбии 100 миэстэни эптэрбиттэр. Онон 2014 сыллаахтан «СӨ Үөрэхтээһин сайдыыта 2012-2019 с.с.» Судаарыстыбаннай бырагырааманан саҥа таас оскуола тутуута саҕаланар.

2017-2018 үөрэх дьылын Кэптэни оҕолоро 220 миэстэлээх икки мэндиэмэннээх таас көрүстүлэр. Баараҕай тутуу нэһилиэккэ оскуола тэриллибитэ 70 сылыгар ананан, олохтоохторго икки бүк үөрүүлээх буолла.

Саҥа оскуолалаах дириэктэр Марина Васильевна Петрова үөрэ-көтө санаатын маннык үллэстэр: “Бу иннинэ Кэптэнигэ Лөгөй орто оскуолата уонна Саха-бельгискэй гимназия иккиэн үлэлии турбуттара. Саҥа таас оскуола тутуллар буолан, ааспыт үөрэх дьылын бүтэһик чиэппэриттэн холбоһоммут, билигин «Лөгөй туһааннаах предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр оскуола» диэн ааттанан үлэлиибит. Манна күннэтэ 103 үлэһит буолан 273 оҕоҕо үөрэх, билии киэҥ аартыгын арыйабыт. Олбуорбутугар баскетболлуур, футболлуур, волейболлуур үс араас былаһааккалаахпыт. Маны тэҥэ, оҕо былаһаакката диэн туспа баар. Алын кылаас үөрэнээччилэрэ оскуола биир аҥарыгар туспа үөрэнэллэр, бу үөрэх дьылыгар бастакы кылааска 14 оҕо киирдэ. Оҕолорго икки омук тылын үөрэтэбит – английскай уонна французскай, оҕо ханнык тылы үөрэтиэн баҕарарын бэйэтэ талар. Хас биирдии предмеккэ тус-туспа анал кабинеттаахпыт. Медкабинеттаахпыт, медүлэһиппит оҕолор доруобуйаларын көрөр-истэр. Оҕо үөрэнэригэр, сайдарыгар туох баар усулуобуйа барыта баар. Арай нэһилиэккэ фекалка массыыната суоҕа атахтыыр, улуус кииниттэн кэлэн дьаһайаллар”.

Икки оскуола үөрэнээччилэрин холбоон үөрэтиигэ иитии суолтата күүстээх. Онон иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы отут сыл ыстаастаах Татьяна Михайловна Петухованы кытта кэпсэттибит. “Мин оҕону уопсай иитиигэ куруук сылтан-сыл саҥаттан-саҥа ньымалары, ураты хайысхалары булан үлэлиибин. Онон оҕо хал буолбат, туохха барытыгар интэриэстээх буолар. Оҕо эргиччи сайдарын туһугар туох баар кыаҕы биэрэ сатыыбыт. СӨ Ил Дарханын өйөбүлүнэн үлэлиир “Дьулуур” оҕо биир сомоҕо хамсааһынын кытта ыкса үлэлиибит. Бэрэссэдээтэл Геннадий Охлопков — биһиги оскуолабыт биир киэн туттар выпускнига. Биһиэхэ КВН күүскэ сайынна, манан дьарыктанар 50 үөрэнээччибит өрөспүүбүлүкэ хомуур хамаандатыгар киирэн, “Океан” оҕо киинигэр сылдьыбыттара”, — диир кини.

Оскуоланы көрө сырыттахпытына икки эмдэй-сэмдэй уолаттар чугаһаан кэпсэттилэр. Ярослав Сивцев уонна Андрей Туласынов диэн ааттаах-суоллаах бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ эбиттэр, интэринээккэ олоро киирээри медицинскэй көрдөрүнүүнү ааһа сылдьаллар. Кинилэр чугастааҕы Даалы олохтоох пуунуттан уонна Баатаҕай нэһилиэгиттэн манна кэлбиттэр: “Саҥа оскуолаҕа үөрэнэр наһаа үчүгэй, барыта сабыс-саҥа! Хара маҥнайгыттан үөрэхпитигэр төһө кыалларынан кыһаллабыт”, — диэн кэпсээннээх буоллулар.

Лөгөй оскуолатыгар 41 сыл үлэлээбит уопуттаах математика учуутала Клавдия Петровна Оготоева нэһилиэккэ саҥа таас оскуола тутуллар үһү диэн кэпсээн кэнниттэн, өр-өтөр буолбакка сырдык-ыраас, киэҥ-куоҥ объекка үлэлиир буолбутун киэн тутта кэпсиир. «Биһиги даҕаны, оҕолор даҕаны үөрүү-көтүү бөҕөбүт. Нэһилиэк иһигэр икки оскуола баара тус-туһунан судаарыстыба курдук буолан олорбуппут, билигин холбоспуппут олус үчүгэй. Үөрэх хаачыстыбата өссө сайдыа диэн эрэнэбин”, — диир.

Быйыл үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит икки учуутал кэлбит. Эдэр учууталлар манна элбэхтэр. Саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир Михаил Петрович Пуховтыын сэһэргэстибит. Кини санаатын маннык этэр: «Мин 2010 сыллаахха Саха-бельгийскэй гимназияны, онтон 2015 сыллаахха ХИФУ-ну ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт дойдубар Кэптэнигэ үлэлии кэлбитим. Төрүкү тыаҕа үлэлии барыам диэн былааннанар этим. Бастаан утаа бэйэбин үөрэппит учууталлары кытта хайдах үлэлиэхпиний диэн толло санаабыттааҕым. Сыыһа санаабыппын, олус үчүгэйдик үлэлээн саҕалаабытым. Миэхэ сүбэ-ама буолар учууталбар Варвара Семеновна Петуховаҕа махталбын тиэрдэбин. Быйыл үһүс сылым. Бэйэм 6 “а” кылааска салайааччылыыбын. Ону таһынан, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыыга куруһуоктаахпын. Улууспут иһинэн ыытыллар “На ступеньках роста” диэн эдэр учууталлар күрэхтэһиилэригэр кыайан, илин эҥэр улуустар учууталларын күрэхтэһиилэригэр кыттан кэккэ ситиһиилэммитим. Аны куруук олимпиадаҕа кыттар, миэстэлэһэр оҕолордоохпун. Быйыл оҕолорум оскуоланы бүтэрэн, туох даҕаны кыһалҕата суох ХИФУ саха салаатыгар үөрэнэ киирбиттэриттэн олус үөрэ сылдьабын. Оскуолабар киирдэхпинэ санаам көтөҕүллэр, киһи эрэ үлэлиэх курдук улахан, баараҕай, сырдык, киэҥ».


Саҥа дьиэлэммит Лөгөй туһааннаах предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр үөрэх тэрилтэтэ сылтан-сыл кэнчээри ыччат билиитин байытан иһиэҕэ. «Сахамедиа» холдинг суруналыыстара онно бүк эрэллээх бу оскуола тиэргэниттэн таҕыстылар. Үөрэҕи-сырдыгы, кэскиллээҕи сыдьаайар саарыстыбаҕа үөрүү, тыа сирин сарсыҥҥыта саҕыллар.