Улуус олоҕо: Өктөм паарката Саҥа дьылга бэлэмнэнэр

307

Хаҥалас улууһугар туризмы сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Онно сирэ-уота, суола-ииһэ сөп түбэһэр. 


2011 с. тэриллибит “Өктөм-парк” дьон сынньалаҥын тэрийиигэ күүскэ үлэлээтэ. Пааркатэриллиэҕиттэн 14000 киһи сынньанна. Онон бу хайысханы өссө күүскэ сайыннарар туһуттан сылы эргиччи үлэлэтэр баҕалаахтар. Ол иһин араас бырайыактары бэлэмнииллэр.

Быйыл улууспут баһылыга Гаврил Алексеев норуокка биллэр Эһээ дьыл Гаврил Угаровтыын бииргэ үлэлээҥ диэн этии киллэрбитэ. Онон “Орто дойдуга” күһүҥҥү ыһыах ыспыппытын дьон-сэргэ биһирээбитинэн, аны кыһыҥҥы өттүгэр хаартан, муустан “Эһээ дьыл” резиденциятын манна оҥорор былааннаахпыт. Ураты дьиктилээх остуоруйа дойдутун ахсынньы 22 күнүгэр арыйыахпыт. Тымныы оҕуһа бу паарка брендынан буолуоҕа, — диэн кэпсиир дириэктэр Анатолий Прокопьев.

Манна сынньалаҥы таһынан сонун ис хоһоонноох “төгүрүк остуоллары” эмиэ тэрийэллэр. Холобур, бу соторутааҕыта эр дьону түмэн кут-сүр туһунан кэпсэппиттэр. Онно Гаврил Спиридонович аҕа кута баар диэн өйдөбүлү иҥэрбитин мустубут дьон сэҥээрбиттэр. “Бу барыта Хаҥаласка эр киһи, аҕа оруолун үрдэтиигэ туһуланар. Онон үүнэр дьылга саха саарыннарын чөл куттарын өссө туруктаах оҥорорго ылсар туһугар Саҥа дьылбытын дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыытан көрсүөхтээхпит”, – диир Эһээ Дьыл.

Ааһан эрэр сезоҥҥа Өктөм пааркатыгар 14000 киһи сынньанна.