Улуус олоҕо: Кырдьаҕас булчут саҥа дьаһаллар наадаларын туруорсар

925

Сэрии саҕана баара-суоҕа 9 саастаах Лэгэнтэй ханнык даҕаны ыарахан үлэттэн туора туран хаалбатаҕа. Бурдук итигэстээн, оҕус сиэтэн соҕотох ийэтигэр көмөлөһөрө. Онон үөрэх диэнтэн маппыта. «Сахамедиа» суруналыыстарын бөлөҕө киниэхэ тиийэ сырыттыбыт.


Оччотооҕуга кыра уолчаан, билигин Үөһээ Бүлүү Нам нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ удаарынньыга, тыыл бэтэрээнэ Иннокентий Кардашевскай. Кини кадровай булчуттаабыта 60 сыл буолла. Сорсуннаах сонордьут Дьокуускай Намынан, Эбэ Хайанан сылдьан, ырааҕынан тэлэһийэн күндү түүлээҕи бултуура. Сунтаарга тиийэ 30 көстөөх сиринэн эргийбит сылларын санаан Лэгэнтэй манньыйан ылар.

— Хайа, бу уолаттарыҥ бары хартыына курдуктар дии!
— Хартыына буолбакка, эдэрбэр мин да сэнэх этим ээ, — диэтэ мүчүк гына-гына. Бу курдук Иннокентий Васильевиһы кытта кэпсэтиибитин дьиэ истиэнэтигэр кичэллээхтик ыйанан турар хаартыскалары көрүүттэн саҕалаатыбыт.

Булчут Лэгэнтэй икки уостаах сааны тутан, СӨ Ил Дарханын кытта тураллар. Булчуттар мунньахтарыгар бара сырыттаҕына киниэхэ Егор Борисов сааны бэлэх туттарбыт. “Түүлээх соноругар сылдьыбыппын туоһулуур саамай күндү хаартыскам”, — диэн киэн туттубуттуу этэр ытык кырдьаҕас.

Ыраах сирдэринэн тэлэһийэн, аар тайҕаны соҕуруунан-хотунан эргийэн, тоҥууну-хатыыны мээнэ киһи тулуйбата чахчы. Ол устатын-туоратын тухары элбэх айылҕа дьиктитин-дьиибэтин көрдөҕө-иһиттэҕэ, ыксалаах, кутталлаах да түгэннэргэ түбэһитэлээтэҕэ.
Оччугуй үрэххэ күһүн тайахтыы, бүтэй тута сырыттыбыт. Аскалон диэн уолбунаан уонна Ленин уордьаннаах Баабылаптыын. Арай, дьэ, ити сырыттахпытына, Бой диэн ыппыт тугу эрэ сытырҕалыыр. Көрө түспүппүт, тыатааҕы батыччахтаан, маһы-оту барчалаан баран иһэр. Ытым туох да иһин эккирэппэтэ. Хайыахпыный, атынан сырыһыннардым. Ол да буоллар, аҥар илиибинэн кыайан ыппатаҕым. Онтон тыатааҕыга иккиһин Дүлүҥ отуттан кэлэн иһэн түбэстим. Бу сырыыга соҕотохпун. Модьу баҕайы тииккэ эһэ тахсан олорор. Миигин көрдө даҕаны аллараа диэки омуннаахтык сурулаабытынан барда. Онуоха 10-на эстэр саабынан биирдэ ытан хаалбытым. Эмиэ ойоҕоспунан туора барда. Батыһан ыдьыгыҥҥа киирдим. Ырдьыгыныыр, онно арҕах хастыбыт. Толлон турбатым, эһэни кэннигэр тэптим. Онтон кэтэххэ ыттым. Ити курдук тыатааҕыга биэстэ сылдьан турабын, — диэн булт мүччүргэннээх сырыыларыттан кэпсиир.

Кини өрүү маҥан дьүһүннээх аты миинэрин сөбүлүүрүн этэр. Үрүмэччи үрүҥ ат барахсан ыраахтан көстүмтүө буолар диэн кэрэхсиир. Эһэтэ Кутаскын оҕонньор эмиэ өрүү маҥан аттаах буолара үһү. Ону кэриэстээн, маҥан аты миинэн эрдэҕэ дии саныыгын.

Биһиги сылдьар кэммитигэр төһө даҕаны тымныйан, ыалдьа сырыттар, чугастааҕы күөлүгэр киирэн тахсаары, маҥан атын ыҥыырдыырын быыһыгар бултааһын боппуруостарыгар санаатын үллэһиннэ.
Билигин охотовед диэн үлэһити туппат буолбуттара олус куһаҕан. Урут сопхуос саҕана охотовед бултуур тэрилинэн барытынан хааччыйар, хапкааҥҥын, чааркааҥҥын аҕалан биэрэр. Тайаҕы тохсунньуга көҥүллүүллэрэ сыыһа дии саныыбын. Куораттан эҥин, атын сирдэртэн бултуу дии-дии билбэт сирдэригэр мээнэ кэлэллэрин сэҥээрбэппин. Оннук “булчуттар” кыылы-сүөлү үлүбээй өлөрөллөр, хонук сирдэригэр арыгылыыллар. Бу олох сыыһа. Билигин андаатары бултаабат буоллулар. Ол иһин андаатар сири-дойдуну алдьатта. Тириитин сыанатын үрдэтэн, бултааһыны күүскэ ыытыахха баара. Ааспыты аҕыннахпына, Оччугуй диэн үрэххэ үһүө буолан 1500 тииҥи өлөрөн турардаахпыт. Оччолорго киис суох этэ. Тииҥи, солоҥдону, андаатары эрэ бултуурбут.

Булчут Лэгэнтэй атын мииммитигэр бааллан турар ыта сайыһан, үрэн моргуйа түстэ. Ити курдук, кадровай булчут күөлүн диэки сиэллэрэ турда. Бүгүн даҕаны илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэр буолуохтаах.