Бүлүү улууһун Лөкөчөөнүн олохтоохторо саамай киэн туттар сирдэринэн мусуой-балаҕаннара буолар. Эдэрдиин-эмэнниин: «Балыксыт мусуойугар сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ» — диэн ыҥыраллар. «Сахамедиа» суруналыыстара бу интэриэһинэй ааттаах тэрилтэни тумнубатыбыт. Онно тугу билбиппитин-көрбүппүтүн «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.
Ханнык баҕарар ыалдьыкка лөкөчөөннөр бастакынан бу киһи кута-сүрэ тохтуур баай ис хоһоонноох мусуойу көрдөрөллөр. Киирээккин кытта утары кэрэ айылҕалаах күөл кытыытыгар балыксыт оҕонньор олороругар хараҕыҥ хатанар. Бу туойунан араас оҥоһугу оҥорор Мария Адамова аймаҕын, балыксытынан аатырар Кучарыыс оҕонньору ойуулаан көрдөрбүт. Балтараа миэтэрэ үрдүктээх сахалыы таҥастаах оҕонньор сибилигин туран кэлиэх курдук үүт-үкчү туутун көрө сылдьара, мусуойу олус ураты тыынныыр.
Бу ураты ис хоһоонноох балаҕаны 2000 сыллаахха сэтинньи 4 күнүгэр педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Лөкөчөөн биир ытыктанар кырдьаҕаһа, билигин Дьокуускай куоракка олорор Афанасий Яковлев туттарбыт.
— Афанасий Нифонтович нэһилиэк кырдьаҕастарын, бэтэрээннэрин мунньан, тылыгар киллэрэн, мусуой үбүлээһинигэр көмөлөспүттэрэ. Бу көҕүлээһинин иһин педагогическай үлэ бэтэрээнэ «2000 үтүө дьыала» хамсааһын бэлиэтинэн наҕараадаламмыта. Кини манна нэһилиэк олохтоохторуттан былыр кинилэр өбүгэлэрэ булка уонна балыкка тутта сылдьыбыт тэриллэрин, иһиттэрин-хомуостарын хомуйан, билигин олус баай ис хоһоонноох мусуой буолан турар. Балаҕаҥҥа учууталлар история, саха тылын уонна литературатын, төрүт култуура уруоктарын ыыталлар. Үөрэнээчилэр научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ бэлэмнэнэллэр. Бу мусуой иһинэн сайын «Балыксыт»» лааҕыр үлэлиир, — диэн РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолатын дириэктэрэ Аида Леонтьева кэпсиир.
Манна үс олус харыстанар, бэрт улахан суолталаах экспонаттаах. Ол Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана Лөкөчөөн олохтоохторо муҥхалыы сылдьар макеттара, собо чуучулата уонна дүлүҥ тыы. Муҥха макетын Мария Адамова туойунан оҥорбут. Бу ханна да суох экспонат буолан, Емельян Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайы үөрэтэр мусуойга уларсан, көрдөрүүгэ туруора сылдьыбыттар.
Иккис дьикти экспонат – дүлүҥ тыы. Бу тыыны хайдах булбуттарын Аида Афанасьевна маннык кэпсиир:
— 2013 сыллаахха буолбут улахан баһаар саҕана уоту тохтотоору сири тиэрэ сылдьан, Эриэн күөл кытыытыттан булбуттар. Муоҕунан бүрүллэ сыппыт эбит. Арааһа, сир ирэн, тыы үөһэ тахсан хааллаҕа буолуо. Кырдьаҕастар ааттыылларынан, «Суор кутуруктаах дүлүҥ тыы» ханнык үйэтээҕи тэрил буоларын ким да билбэт. Онтон-мантан ыйыталаһан, үөрэтэ сатыыбыт да, билиҥҥитэ бу тыы «сааһын» билэ иликпит. Арааһа, 18-с үйэ бүтүүтэ, 19-с үйэ саҥата буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт. Мусуойга бу саха тыытын Альберт Николаев үтүгүннэрэн оҥорбута.
Үһүс экспонаты – собо чуучулатын — Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо Дмитрий Баппаҕай оҥорон, мусуойга анаан бэлэхтээбит. Бу Кэбээйи Арыттааҕын собото.
Мин «Балыксыт мусуойун» тэрийбит педагогическай үлэ бэтэрээнин, Бүлүү улууһун уонна Лөкөчөөн нэһилиэгин Бочуоттаах гражданиннара, СӨ Айылҕа харыстабылын туйгуна Афанасий Яковлевы Дьокуускайга көрсөн кэпсэттим.
— Дойдубуттан тэйэрбэр өр сыллаах үлэм туһунан туох да өйдөбүллээҕи оҥорбокко баран эрэбин дии санаан, Лөкөчөөнүм дьоно былыр былыргыттан балыгынан аһаан олорбуттарын бэлиэтин – «Балыксыт мусуойун» төрүттээн барарга санаммытым. Баҕар, ити туһунан толкуй эрдэ кэлиэ эбитэ буолуо эрээри, сэбиэскэй кэмҥэ ас дэлэй буолан, балыгы соччо өрө туппат кэм этэ. Мин аҕам балыксыт буолан, миигин 6-7 сааспыттан бу көрүҥҥэ илдьэ сылдьан уһуйбута. Ол да иһин буолуо, саха оҕото балыктааһыны билиэхтээх диэн санааттан бу маннык ис хоһоонноох мусуойу тэрийбитим. Былыр лөкөчөөннөр олохпут барыта балыгы кытта ыкса сибээстээҕэ. Онон үүнэр көлүөнэ ыччат олорор сирин-уотун биллин, көрө-истэ сырыттын диэн бу үлэ ыытыллыбыта. Былыргы дьон оҕону бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан үөрэтэр буоллахтарына, билигин ахсааннаах киһи илдьэ сылдьар. Бу мусуойу көрөн, Лөкөчөөн ыччата ис дууһаларыгар төрөөбүт дойдуларыгар тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитиэхтээн улааталларыгар саарбахтаабаппын, — диэн санаатын үллэһиннэ кини.
Мусуой истиэнэтэ барыта – этиэхтэн кэрэ сайыҥҥы айылҕа ойуута. Бу – «Арбаҥда» диэн Афанасий Нифонтович төрүттэрэ өбүгэ саҕаттан олорбут алаастара. Алаас Эбэтигэр саха ыалын олоҕо ойууланар. Күөл икки чааска араарыллыбыт: Эбэ макетын ортотугар — былыргы дүлүҥ тыы, биэрэгэр — саха ыалын балык сымалыыр, хаһаанар сирэ.
— «Балыксыт мусуойугар» 200-тэн тахса араас экспонат баар. Афанасий Нифонтович нэһилиэк олохтоохторуттан хомуйбут булка уонна балыкка сыһыаннаах тэриллэрэ. Дүлүҥ тыыттан ураты саамай кырдьаҕас экспонат – 1920 сыллаах булт саата. Бу тэрили былыргы ыскылааты көтүрэ сылдьан булбуттарын биэрбиттэрэ. Ону тэҥэ манна туу үс көрүҥэ: ардьа, мунду, күөнэх туу баар. Бу маны былыргы туулартан маһынан үтүгүннэрэн, Лөкөчөөн төрүт олохтооҕо Спиридон Ксенофонтов тыыннааҕар оҥорон бэлэхтээбитэ. Кыл илим – эмиэ сэдэх балыктааһыҥҥа туттар тэрили Спиридон Ксенофонтов биэрбитэ. Бу экспонаттар бары Афанасий Нифонтович мусуойу тэрийэригэр хомуллубуттара. Өтөхтөрү кэрийдэххэ, араас былыргы тэрили булуохха сөп да, ол ону тыыппат буоллахпыт, — диэн кэпсиир олохтоох оскуола историяҕа учуутала, билигин «Балыксыт балаҕана» мусуой дириэктэрэ Иван Яковлев.
Иван Андреевич бэлиэтииринэн, 2006-2008 сылларга орто оскуола учууталынан үлэлээбит Лидия Ксенофонтова былыргы өтөхтөргө экспедициялары тэрийэ сылдьыбыт. Онно бэрт элбэҕи суруммуттар уонна хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Бу матырыйааллара, биллэн турар, мусуой биир сүрүн документальнай баайынан буолар.
Лөкөчөөннөр киэн туттар «Балыксыт мусуойа» балаҕаннара нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар балыктааһын оруолун үйэтитэр баай ис хоһоонноох история кэрэһитэ буолан, көлүөнэттэн көлүөнэни иитэр оруола өссө үрдээн иһиэ турдаҕа.
«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.