Улуус олоҕо: Намҥа массыына оҥорооччулартан биирдэстэрэ Өндөрөй буолар

Мастарыскыайдаах Өндөрөй: “Механик буоларбын оскуола сааспыттан билэрим”

493

«Сахамедиа» хамаандата Нам оройуонун пааспарыгар дьоҕус бизнестээх дьону сырдыыта салҕанар. Бүгүн тимир көлө өрөмүөнүнэн дьарыктанар Андрей Эверстов мастарыскыайыгар сэһэргэһиини ааҕыҥ.


Намҥа автосервис өҥөтө куораттан итэҕэһэ суох сайдан эрэрин дэриэбинэ устун сылдьан көрүөххэ сөп. Ыҥырар-угуйар сурук-бичик элбэх. Биир оннук тэринэн олорор Андрей Эверстов мастарыскыайыгар киирэ сырыттыбыт. Улуус киинигэр силбэһэ кэриэтэ сытар Аппааныга бу 12х12 иэннээх мастарыскыай аанын массыыналаахтар быһа ааспаттар.

Улууска дьоҕус бизнеһи сайыннарыыга болҕомто ууруллар буолан, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах Андрей Иванович 2014 с. үлэнэн хааччыйыы киинин нөҥүө биирдэм предприниматель буолбута. Онон 80 тыһ. солк. өйөбүлү ылан, социальнай хантыраак түһэрсибитэ. Бэйэтэ оҥорбут бизнес-былааныгар 210 тыһ. солк. көрбүттэрэ. Дьэ, онон тирэхтэнэн, аныгылыы өйдөөх-санаалаах киһи автосервис тэрийбитэ. Икки үлэһиттээх.
Предприниматель үлэтин хайдах саҕалаабытын “Улуус олоҕо” бырайыак суруналыыстарыгар кэпсээтэ.

Көрүллүбүт үбүнэн бастаан мастарыскыайын туттубут. Онтон сүүрдэ сылдьар массыынатын атыылаан, Владивостоктан өрөмүөннүүр тэриллэри ылыммыт. Эбии массыынаны үөһээ көтөҕөр тэрили, двигатель устар кырааны, домкраты булуммут. Сыл курдук үлэлээн баран, напольнай подъемнигы туруоруммут. Бу курдук бииртэн биири дьаһанан, дьыалатыгар киирсэн барбыт. «Дьон сакааһынан соҕурууттан массыынаны сүүрдэн аҕалар этим. Ити сылдьан, өҥөнү барытын кэриэтэ оҥорор туһуттан, саппаас чаастары таһар буолбутум. Билигин ханнык баҕарар тиэхиньикэ ходовойуттан саҕалаан гааһынан иһэрдиигэ тиийэ оҥоробун. Сапчааһы аҕалан биэриигэ эмиэ сакаас ылабын. Ону “Стол заказов” диэн ааттыыбыт. Барыта Владивостоктан тиэллэн кэлэр. Хата, онно олохсуйбут саха уолаттара көмөлөһөн абырыыллар», – диэн саҕалаата бэйэтин үлэтин туһунан мастарыскыай хаһаайына Андрей Иванович.

Улууска мастарыскыайдаахтар хаһыалар даҕаны. Иван Новгородов, Михаил Шапошников уо.д.а. бары даҕаны олус үчүгэйдик үлэлииллэрин олохтоохтор кэпсииллэр. Билиҥҥи кэмҥэ дьон үксэ массыыналаах, онон бу өҥөнү оҥоруу олох ирдэбилин кэриэтэ.

Маастардар бэйэлэрин икки ардыларыгар бэрт былдьаһыы суох. Ити кинилэр сүбэлэһэн, биир сыана олохтообуттарыттан буолар. Онон массыыналарын өрөмүөннэтиэхтэрин баҕалаахтар ханнык мастарыскыайы сөбүлүүллэринэн, табыгастааҕынан сылдьар усулуобуйалара олохтоммут.

— Тиэхиникэни оҥорууга анаан үөрэммитиҥ дуо?
Горбачев суоҕа буоллар, арааһа, үрдүк үөрэхтэниэм хааллаҕа. Санкт-Петербурга үрдүк үөрэхтээх электромеханик буолаары бэрт баҕайытык үөрэ-көтө үөрэнэ сылдьыбыппыт. Арай, бастаан босхо ас толуонун тохтотон кэбиспиттэрэ. Онтон утуйар таҥас биэрбэт буолбуттара. Былдьаһа-тарыһа матарааһынан сапта сатаабыт эмиэ кэмнээхпит. Онтон олох да үөрэхпит кыһатын техникум оҥорбуттара. Хайыахпытый! Ол да буоллар, электромеханик идэлээхпин. Онтон бу кэлин Намнааҕы техникумҥа 1 сыллаах кууруска үөрэнэн, электросварщик идэтин баһылаабытым абыраата аҕай, – диэн ол үөрэммит сылларын ахтан кэпсээтэ.

Бу ып-ыраас, киэҥ-куоҥ мастарыскыайга ханан даҕаны сылааһы биэрэр радиатор суоҕун муодаргыы көрдүбүт. Онтубут баара үөһэ гааһынан үлэлиир теплогенератор ыйанан турар эбит. Бу соҕотох тэрил дьиэ иһин барытын сылытар. Аны интэриэһинэйэ диэн – үлэлээбэт, ыраата барар кэмигэр арааран да кэбиһиэн сөп. Онон мындыр киһи барытын ааҕан-суоттаан үлэлиирэ чахчы буолан таҕыста.

Маастар үлэтигэр сыһыана дьиэ тас өттүттэн биллэр. Барыта уурбут-туппут курдук дьаһаллаах.
Бастаан үлэлиирбэр хас массыынаны өрөмүөннээбиппин сурунан иһэрим. Кэлин тоҕо эрэ ону быраҕан кэбистим. Кириисис кэлбитэ да биллэн эрэр. Онон сакаас киирбэккэ, таах олоруохтааҕар өҥөнү чэпчэки сыанаҕа оҥорорбутугар тиийдибит. Аны туран урут массыына сүүрдэн аҕалыытыгар Владивосток-Уссурийскай-Находка хайысхатынан ый аайы барар буоллахпына, билигин сылга 1-2-тэ эрэ бардахпына, үөрүү буолсу быһыылаах. Сакаас олох киирбэт буолла. Дьиҥэ, ол диэки айанныырга урукку курдук буолбатах, суолга бэрээдэк тубуста, — диэн кэпсээнин түмүктээтэ механик.

Өндөрөй бу киһи барыта ылсыбат дьарыгар уолун сыһыаран эрэр. Аҕатын туйаҕын хатарааччыта да аккаастаммыт. Оҕо эрдэҕиттэн ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар киһитин батыһа үөрэммит уолчаан туттара-хаптара да сэргэх. Онон бу дьиэ кэргэнинэн бизнестэрэ тохтооботугар итэҕэйэбит.

Эверстовтар аныгы үйэ балысханнык сайдар тэтимигэр тэҥҥэ олорсон иһэллэр. Интернети баһылаабыттар. Ханна туох саҥа оҥоһуллубутун, айыллыбытын барытын билэн олороллор, наадалаахтарын да тута онон сакаастыыллар.

Олорор дьиэлэрэ киэҥ-куоҥ, толору хааччыллыылаах. Сүөһү-ас дэлэгэй. “Тыа сиригэр бэйэ миэстэтин сөптөөхтүк булан олордоххо, олус табыгастаах. Сатаан тэриниэххэ, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүөххэ эрэ наада. Бэйэм массыына ыытар буолан, быстах-остох сырыыларга аҕабытын соруспаппыт. Тумус туттар киһибит ыарахан, кыаллыбат өттүн кыайыыга ылсар. Олус үлэһит киһи”, – диэн кэпсээтэ ыал ийэтэ Снежана.

Аппааны сэлиэнньэтин биир мааны ыалын холобуругар киһи бэйэтигэр элбэҕи ылыан сөп курдук эбит диэн санаалаах суруйуубутун түмүктүүбүт.