«Улуус олоҕо»: Намҥа оҥоһуллубут эт ас олохтоох бородууксуйа буоларын илэ харахпытынан көрдүбүт

914

Нам улууһа Дьокуускай куораттан чугаһынан, нэһилиэнньэтэ күн-түүн эбиллэ да турарынан, дьоҕус бизнес сайдыбыта көстөр. Түргэн тэтимнээх олохпутугар дьон-сэргэ араас өҥөҕө наадыйыыта күн-түүн улаатар. «Сахамедиа» улуустарга анаммыт бырайыагын чэрчитинэн Эҥсиэли хочотугар тиийэн олоҕу-дьаһаҕы билистибит. 


Дьон үлэлээх буолуутун тэрийэр сыалтан улуус дьаһалтата Нам сэлиэнньэтигэр бэйэтин күүһүнэн «Бизнес-инкубатор» тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Бу кэмигэр олус наадалаах уонна туһалаах дьаһал буоларын резиденнэр үлэлэрэ көрдөрөр.

50 тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх улахан хоско баар остуолга тиэстэ бөҕө тэлгэммит. Имигэс илиилээх асчыт кыргыттар бэрт сылбырҕатык туттан, пельмень астыыллар. Ким тиэстэ мэһийэр, ким эт уурар.

Бу “Бизнес-инкубатор” резиденнэриттэн биирдэстэринэн “ТотАс” сыаҕа буолар. Аата да этэрин курдук, манна эт аһылыгы бэлэмнииллэр. Салайааччыларынан Юрий Петров үлэлиир.

— Юрий Владимирович, бу эккитин хантан ылаҕыт?

— Көрөргүт курдук, эт бородууксуйатын бэлэмниибит. Онон эти олохтоох фермердэртэн, кэтэх хаһаайыстыбалартан атыылаһабыт. Ынах этин 380-400 солк., убаһа этин 350 солк. тутабыт.

— Барыта илии үлэтэ дуу?

— Билиҥҥитэ оннук. Ол эрээри улууспут дьаһалтата көмөлөһөн, аппараат ылыммыппыт. Сотору ону таҥан туруоруохпут. Дьэ, оччоҕуна быдан түргэтиэхпит буоллаҕа. Инникитин эт эрбэтэр тэрили ылар баҕалаахпыт.

— Күҥҥэ төһө киилэни оҥороҕут? Сакаас бөҕө киирэр ини.

— Нам олохтоохторо олус сэргээн эрэллэр. Күҥҥэ 40 киилэ пельмени, 10 киилэ тефтели, кэтилиэти сакаастыыллар.

— Намы эрэ хааччыйаҕыт дуу?

— Оҥорбут бородууксуйабытын Дьокуускайга кытта ыытабыт. Намҥа 8 маҕаһыыҥҥа, Дьокуускайга “Баай Хочо” (Чернышевскай уул), “Илгэ ас” (Жорницкай уул.) баар маҕаһыыннарга ыытан атыылаттарабыт.

— Бу “Бизнес-инкубатор” иһигэр хас сыл үлэлиэхтээххитий?

— Дуогабар быһыытынан үс сыл. Олус абыраллах тэрээһин эбит. Саҥа саҕалыыр предпринимателлэргэ олус өмөлөөх эбит диэн биһирээтим. Улуус тэрийбит буолан, чэпчэтиилээх. Арендабыт уонна хомунаалынай төлөбүр чэпчэтиилээ. Ити атахпытыгар турарбытыгар олус көмөлөөх буолсу.

— Бородууксуйаҕытын олохтоохтор төһө сөбүлээтилэр дии саныыгын?

— Биһиэнэ туох да булкааһа, оннук-маннык соята, ол-бу тумата суох. Ыраас эт. Ол иһин сөбүлээтилэр дии саныыбын. Өссө сорохтор бассаабынан махтанан суруйар буоллулар. Инстаграмҥа тарҕаталлар. Онтон үөрэбит эрэ.

— Инники өттүгэр туох былааннааххыт?

— Үс эрэ үлэһиттээхпин. Бэйэм эмиэ көмөлөһөбүн. Граф Биэрэгин техникумуттан асчыт үөрэҕэр уһуйуллар оҕолор кэлэн практикаланаллар. Бу бүгүн эмиэ бааллар. Онон эбии үлэ миэстэтин таһаарыахпытын баҕарабыт. Көрөргүт курдук, билиҥҥитэ барытын илиинэн оҥоробут. Сайдыахпытын наада. Үөһээ ахтан аһарбытым курдук, фермердэри кытта үлэлиибит. Инникитин бэйэм сүөһү, сылгы ииппит киһи дуу диэн санааҕа кэллим. Оччоҕуна этим дэлэй буолуо этэ. Көрөн иһиэхпит. Олорон хаалымыахха наада.

Олохтоох бэйэ уонна үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйата дэлэйэригэр “Бизнес-инкубатор” оруола улахан эбит дии санааҕа кэллибит. Ырыынакка киириигэ аренда, хомунаалынай эҥин курдук төлөбүрдэргэ ыарахаттары көрсүбэккэ, саҥа саҕалааччылар атахтарыгар туралларыгар көмөлөөх буолсу. Аны туран, билигин дьон доруобуйатын ас нөҥүө көрүнэр кэмигэр “ТотАс” буортута суох бородууксуйаны оҥорон таһаардаҕына, экономикатын тупсарынара чахчы. Оннук эрэ буоллун!

“ТотАс” минньигэс пельменэ

Тиэстэҕэ: 1 лиитэрэ уу, 1-2 сымыыт, туус, бурдук. Туустаах ууга бастаан сымыытын кутабыт, онтон бурдугун, итиэннэ мэһийэбит. Тиэстэ кытаанах буолуохтаах. Тиэстэни тэнитэн, анал киэпкэ ууран, этин кыбытан пельмень астанар.

Нам «Бизнес-инкубаторын» туһунан аныгыс биэриилэргэ өссө сырдатыахпыт.