Улуус олоҕо: Намнар тротуар билииккэтин оҥоро үөрэммиттэр

1028

Тыа сирэ аныгылыы, тупсаҕай көрүҥнээх буолан иһэрэ хараҕы үөрдэр. Намҥа даҕаны тэлгэммит билииккэ устун хаамар, сиэдэрэйдик оҥостор кэм кэлбит эбит. Ону «Сахамедиа» суруналыыстарын бөлөҕө «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн миэстэтигэр тахса сылдьан биллибит.


Тротуар билииккэтинэн дьарыктанар предприниматель Дмитрий Николаев олоххо туһалаах уонна наадалаах дьыалаҕа ылсыбытын дьон-сэргэ биһирээтэ. Киһиэхэ үлэлиир баҕа күүстээх буолуохтааҕын эдэр киһини кытта кэпсэтэн итэҕэйдим. «Барыта кыаллыбат, ыарахан эҥин диэн баран олордоххуна, туох сатаныаҕай?» — диир дьулуурдаах үлэһит.

Дмитрий Александрович тротуар билииккэтин оҥорууну тэрийэн, Ил Дархан биллэрбит Тупсарыы сылыгар сөптөөхтүк да дьаһаммыт. Маны олох тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ сөп.

Тугу ситиспит эбитий кини?

Быйыл Намҥа Озернай диэн ыччат кыбартаалыгар тротуар билииккэлэрин оҥорон биэрбит. Итини ааҕа-суоттаан, сыыппара хараҕынан эттэххэ – 3000 кв.м. тэҥ. Үчүгэй саҕалааһын.

Итиэннэ Нам улууһугар 4 сквери оҥорбут. Биллэр судаарыстыбаннай уонна политическай деятель И.Е. Винокуровка анаммыт сквери билииккэнэн тэлгэтэн, күрүөлээн үйэлээх гына силигин ситэрбитэ махталлаах. Бу сквергэ пааматынньыгыттан уратытын Дмитрий Николаев оҥорбута диэн дьон бэккэ билэр. Маны таһынан Таастаахха Улуу Кыайыыга анаммыт сквердэрэ дьон биһирэбилин ылбыт.

Ыаллар даҕаны билиитэлэри дьиэлэрин иннигэр тэлгэттэрэр буолбуттара туспа сонун хамсааһын курдук диэн санаатыбыт. Былырыын Хатыҥ Арыыга анаан-минээн сакаастаһан оҥорторбуттара, көстүүтэ-дьүһүнэ, тупсаҕайа олус диэн тустаахтар кэпсииллэр.

Күннээҕи олоххо-дьаһахха да көрдөххө, оҥорон таһаарыыга сыһыаннаах барыта уустук буолар быһыылаах. Дьэ, предприниматель туох ыарахаттары көрсүбүтүй? Саас-сааһынан эттэххэ маннык.

Бастакыта. Бэйэтэ тиэхиньикэтэ суоҕа атахтаабыт. Кыһалҕаттан тахсаары тиэхиньикэ наймылаһарыгар тиийэр. Сорохтор билииккэ оҥоруутугар баҕас туох тиэхиньикэтэ нааданый диэхтэрин сөп. Намҥа кумах эрэ баар, онон Мохсоҕоллоохтон таһар цеменигэр төһөлөөх ороскуоту көрсөрүн киһи тылынан эппэт. Мохсоҕоллоох Намтан кэлэ-бара быһа холуйан 400 км кэриҥэ буолуоҕа. Биир массыына цемени тиэйэн аҕаларыгар 20-25 тыһ. солк. (цеменин атыылаһыытын аахсыбакка туран) төлүөн наада.

Иккиһэ. Чысхааннаах кыһыннаах Саха сиригэр оҥорон таһаарыыны тэрийии манан аҕай буолбатах. Үлэлиир миэстэлээх буолуохтааххын. Ордук кыһыҥҥы кэмҥэ. Хата, ОДьКХ гараастарын арендаҕа ылан абыраммыт.

Үсүһэ. Хайаан даҕаны сир, уһаайба ылыан наада. Нам с. сайабылыанньа биэрбит даҕаны, билиҥҥитэ кыайан быһаарылла илик. Сыыйа быһаарыллар, предприниматели өйүүллэр ини диэн эрэниэҕиҥ. Бэйэтэ уһаайбалааҕа буоллар, баазатын оҥостуо, өссө атын хайысхаларынан дьарыктаныа турдаҕа. Оннук былааннаах даҕаны. Быһата, арендаҕа бизнеһи тэнитэр уустук.

Төрдүһэ. Маныаха барытыгар бэйэтин үбүнэн кирэдьииккэ киирэн туран оҥорорго күһэллэр. Итини төлөһүү сыанан аҕаабат.

Бэйэ дьыалатынан дьарыктаныы олус ыарахан, тулууру эрэйэр. Докумуоннары эккирэтиигэ күн-дьыл бөҕө баранар. Аны сүүрэн-сүүрэн ылбыт ыспыраапкаҥ туһалыырын саҕана болдьоҕо ааһан хаалар. Тыа киһитигэр ыспыраапканы да хомуйсуу сылаалаах. Инньэ гынан бизнес-былааммын тиһэҕэр тиэрдибэтэҕим, — диир хомойбуттуу Дмитрий.

Аныгы үйэ ирдэбилинэн, дьон дьоҕус бизнескэ көһүүтэ элбээтэ. Ону намнар да холобурдарыгар көрүөххэ сөп. Үгүстэр үөрэммит идэлэринэн эрэ муҥурданан хайысхаларын талбаттара хайҕаллаах, ордук санаа сытар дьарыгар ылсар ордук курдугун бэлиэтииллэр. Холобур, бу Дмитрий агроном үөрэхтээх. “Туймаада-Лизинг” “Байылыат” диэн маҕаһыынын Намнааҕы филиалыгар, кэлин саппаас чааһынан эргинэр маҕаһыыҥҥа атыыһытынан эмиэ үлэлээбит. «Бу дьарыгы доҕорум атын үлэҕэ көспүтүгэр тутан хаалбытым. Билиитэни оҥоруу технологиятыгар Дьокуускайга киирэн анаан дьарыктанар дьонтон үөрэммитим. Элбэхтик интернети хаһыстым. Бу үлэни баһылаабыт атын омуктартан да үгүстүк сүбэлэтэбин. Онон үлэлии сырыттаҕым дии. Оҥорбут бородууксуйабыт хаачыстыбатын куоракка киирэн экспертиза ыыттаран бэрэбиэркэлэтэбит, — диэтэ түмүгэр сонун хайысханы тобулбут бизнесмен.

Арендалаан турар гарааһын иһигэр икки киһи үлэлиир. Тыас-уус, хамсаныы үгэнэ. Аттыларыгар цемент, кумах кууча-кууча кутулла сыталлар. Үлэ тохтообокко ыытылларын тиэргэҥҥэ дьаарыстаммыт, хаарынан бүрүммүт билииккэлэрэ туоһулуур курдуктар. Итилэр сир ирдэҕинэ эмиэ тэлгэнэн, дэриэбинэни тупсаҕай оҥоруохтара.

Бу курдук Нам улууһун өссө биир предпринимателин үлэтин кытта билистибит. «Улуус олоҕо» сарсыҥҥы нүөмэригэр бизнес-инкубатор биир резиденин туһунан нууччалыы тылынан ааҕыаххыт. Дьокуускай куораттан чугас сытар оройуон олохтоохторун туһунан кэпсээммит салҕанан барар.