Баппаҕаайы — Дьоруой ийэлэр түөлбэлэринэн биллэр. Билигин манна 13 Дьоруой ийэ олорор. Бүлүү улууһун пааспарыгар Федора Спиридоновна Николаева туһунан кэпсиибит.
Сэрии кэмин оҕото буолан, аччык эрэйдээх олоҕу билбит киһи диэтэххэ, 86-с хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕас бэрт тэтиэнэх көрүҥнээх. “Билигин да сүгэбин туппутунан сылдьабын, тоойуом”, — диэн тыл быктаран, сэһэргэһиибит туттар тэрил тиэмэтиттэн саҕаланна.
— Сүгэбин туппутунан даа? Ол тугу гынаҕын онон? – диэн ыйыппыппар, Федора Спиридоновна биир сайын кыстыыр дьиэтин бэйэтэ туппутун кэпсээн барда.
— Кэргэним Уйбаан Дьөгүөрэбис биһигини иитээри, хас да ыйга бултуу барара. Кыра оҕолорбун кытта мин бэйэм хааларым. Сэрии кэнниттэн алаас аайы бэрт элбэх дьиэ кураанах туран хаалбыта. Ол онтон биир “эттээх” дьиэни көтүрэн, оҕуһунан тиэйэн көһөрөн аҕалан бэйэм тиэргэммэр туттубутум. Саас саҕалаан баран, кыһын кэлиитэ саҥа дьиэбитигэр көһөн киирбиппит. Биир оҕонон кирпииччэ үктэппитим. Ол онон оһох оҥорбутум. Хата сылаас баҕайы дьиэ буолбута.
Үс бииргэ төрөөбүт бырааттыылар Николай, Иван, Спиридон Николаевтар кэргэттэрэ бары Дьоруой ийэлэр эбит. Иван Егорович кэргэнэ Федора Николаеваҕа Дьоруой ийэ статуһа 2008 сыллаахха иҥэриллибит. Федора Спиридоновна бастакы оҕотун 19 саастааҕар оҕоломмут. Саамай бүтэһик 13-с оҕотун 40 сааһыгар төрөппүт.
“Оҕолорбун хотонтон киирэ-тахса бэйэм көрөр этим. Хотон үлэтигэр соло булбакка, эмнэрэ-эмнэрэ тахсан иһэрим. Хата, кэргэним эдьиийэ Балбаара көмөлөһөн абырыыра. Оҕолорум сыыйа улаатан, бэйэ-бэйэлэрин көрсөр буолбуттара, — диэн кэпсиир ытык кырдьаҕас.
Учуонайдары иитии кистэлэҥэ – бириэмэни таба аттарыы
Федора Спиридоновна оҕолорун билиһиннэрэн истэҕин аайы, сотору-сотору: “Наука хандьытаата”, — диир. Онуоха мин: “Тыый, мин иннибэр учуонайдар ийэлэрэ олорор эбиккин дии”, — диэтим. Онуоха кэпсэтиибитигэр дойдутугар уоппускатыгар кэлэ сылдьар кыыһа Екатерина Корнилова кыттыһар: “Мин историческай наука кандидатабын. Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үлэлиир убайым Егор Иванович — педагогическай наука кандидата, улахан убайым Афанасий Иванович кыыһа Гелена филологическай наука кандидатыгар диссертациятын көмүскээри сылдьар. Онон биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үс учуонай баар”.
Учуонайдары иитэн таһаарбыт ийэ уонна тапталлаах эбэ: “Оҕо сааһым сэрии ыар, аччык кэмигэр ааспыта. Оччолорго ханнык ыалга баран хонуктуурбун эрэ толкуйдуур кырачаан киһи этим. Пиэрибэй эрэ кылааска үөрэммитим. Ол кэннэ үөрэх суох. Олоҕум устата сүөһү үлэтигэр сылдьыбытым. Эдэр эрдэхпитттэн эрэйи көрөн иитиллибит буолан, харчы көһүннэр эрэ, мунньан иһэр этим. Санаам барыта – кэнэҕэс оҕолорум үөрэхтэригэр диэн. Кэргэним булчут этэ. Аҕабыт барахсан хаһан даҕаны булдун туттарбытыгар биэрэр харчыларын миигиттэн көрдөөбөт этэ. Кини мин уурарбын өйүүрэ. Биир сыаллаах-соруктаах этибит”, — диэн кэпсиир.
Федора Николаевна уонна Иван Егорович бэйэлэрин холобурдарынан үөрэппит буолан, дьиэ кэргэн педагогикатын оҕо саастарыттан иҥэрэн сылдьар оҕолор билигин “Николаевтар дуо?” – дэнэр дьон буола үүнэн-хабыллан турдулар.
— Элбэхтэ ньаҥсыы барбат этим. Уруоккутун ааҕыҥ!, — диэн бирикээс курдук биирдэ чиҥ-чаҥ эттим да, бары уруок аахта олорор буолаллара. Оҕолорум билигин кэлэн күлсэллэр: “Байыаннай балаһынньаҕа сылдьыбыппыт”, — диэн. Дьиэлэригэр тус-туспа эппиэттээх үлэлээхтэрэ. Биирдэ эмэ атын дьон: “Ити булчут оҕолоро үөрэҕи ылымтыа баҕайы оҕолор”, — диэн кэпсэтэллэрин истэн, сэмээр үөрэрим.
Кэпсэтиибитигэр Николаевтар улахан уоллара Афанасий кыттар: “Оҕо сааспыттан саамай өйдөөн хаалбыт өйдөбүлүм – бириэмэни таба тутуһуу. Бириэмэ — тугунан да кэмнэммэт баай. Сарсыарда туруоххуттан киэһэ утуйуоххар диэри тугу оҥоруохтааххын мүнүүтэтигэр диэри быһаарынан сылдьарбытыгар аҕабыт сүбэлиирэ. 10 оҕоттон бастакы төрөөбүт буолан, иитии эппиэтинэһэ мин үрдүбүнэн буолара».
Болҕомто оҕо сайдыытыгар туһаайыллара
— Элбэх оҕолоох ыал буолан, харчыбытын наадалаахха эрэ туттарбыт. 1987 сыллаахха Катябытыгар сайыҥҥы каникулугар үчүгэйдик үлэлээбитин иһин, Миргород куоракка сынньана барарыгар босхо путевка биэрбиттэрэ. Ити эрээри бырайыаһын бэйэбит уйунуохтаахпыт этэ. Ийэм долгуйар, харчыбыт тиийбэт диэн. Онтон мин балтым Миргородка барыан наһаа баҕарабын. Аны соҕуруу устудьуоннуу сылдьар оҕолорбутугар эмиэ харчы ыытар кэммит чугаһаабыта. Ол да буоллар бары улаатан эрэр обургу оҕо өйө-санаата сайыннын, онон баран сынньанан кэллин диэн биир толкуйу ылыммыппыт. Кырдьык, элбэх оҕолох ыал кырыымчык буоллаҕа. Ол эрээри оҕо сайдыытыгар уонна үөрэҕэр болҕомтолорун туһаайбыттарын түмүгэр, биһиги дьиэ кэргэнтэн хас да учуонай үүнэн таҕыста. Биһиги төрөппүттэрбитинэн олус киэн туттабыт, — диэн кэпсиир Афанасий Иванович.
Федора Спиридоновна кэргэнэ Иван Егоровичтыын иккиэ бэйэлэрэ билигин 40-ча буолан, Николаевтар халыҥ аймахтарын тэниттилэр. “Уйбаан Дьөгүөрэбиһим билигин аттыбар баара буоллар, төһө эрэ үөрээхтиир этэ…” – диэн Федора Спиридоновна кэргэнин санаан үөһэ тыынар. Оттон кини аттыгар кырачаан хос сиэнэ кыыс: “Эбээ, эйиэхэ мин ырыа ыллыым”, — дии-дии үөрэрин-көтөрүн истэ-истэ, дьоллоох Дьоруой ийэ сып-сылаастык мичээрдии олордо.