“Улуус олоҕо”: Предприниматель Никитин Нам дьиэлэрин тутар

733

Тутуу барар сиригэр олох сайдар дииллэрэ кырдьык. Билигин тыа сиригэр дьон байылыаттык олороллоругар туһуламмыт араас федеральнайдааҕы, өрөспүүбүлүкэ, олохтоох бырагыраамалар үлэлииллэр. Балар тутууну ыытыыны көҕүлүүллэрин чугастыы Нам улууһун холобуругар көрүөххэ сөп. “Сахамедиа” суруналыыстарын бөлөҕө намнар тустарынан суруйуутун салҕыыр.


Предприниматель Иван Никитин

“2012-2016 с.с. нэһилиэнньэни олорор дьиэнэн хааччыйыы” Саха Өрөспүүбүлүкэтин тус сыаллаах бырагырааматын иһинэн Нам улууһугар 7 хос бырагыраама үлэлиир. Ону таһынан олорор дьиэлэри тутууга федеральнайдааҕы нуорма-быраап докумуоннарын чэрчилэринэн ыччат кыбаарталлара, кэтэх ыаллар дьиэлэрэ тутуллар буолла.

“Лена” ХЭТ салайааччыта Иван Никитини Намҥа үгүстэр билэллэр. Кини аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһэрдии киэҥ хайысхалаахтык үлэлииринэн уратылаах.

БАСТАКЫ ХАЙЫСХА

Ааҕар-суоттуур эдэр салайааччы сүрүн дьарыгынан тутуу буолар. Холобур, Аппааныга, саҥа тутуллан эрэр кыбаарталга Иван Алексеевич уонна кини биригээдэтин кылаата эмиэ баар. “Озернай” диэн ааттаах кыбаарталы тутууга “Диамантов” тэрилтэ тендери кыайбыт. Онон кинилэри кытта түһэрсиллибит сөбүлэһиигэ олоҕуран, манна Никитин салайар тэрилтэтэ дьиэлэри тутуохтааҕа былааннанар.

Саҥа саҕалааһын буоларын быһыытынан кыбартаалы тутууга сүрүн оруолу үп-харчы ылара чуолкай. Маныаха тустаах дьон кирэдьиити хайдах ылалларыттан улахан тутулуктааҕа чахчы. Биир тэҥ буолбат, докумуон хомуйсуутугар хойутааһын, тардыллыы да ханна барыай. Ол иһин тутуунан дьарыгырар предприниматель харчы сакаасчыттан хаһан түһэрин күүтэн олорбокко, күнү-дьылы баттаһа, сайын бэйэтин үбүнэн тутууну саҕалаабыт.

Онон быйыл бастакы хардыы оҥоһуллан, Аппааныга 7 дьиэни дьэндэттилэр. Дьон араас иэннээх дьиэни сакаастыыр буолбуттар. Саамай кырата 6х6-лаах, улааппыта 230 кв.м. тиийэр. Кыбартаалы тутуу кэлэр сыл ахсынньытыгар түмүктэниэхтээх. Аны сааскыттан үлэ күөстүү оргуйара күүтүллэр.

ИККИС ХАЙЫСХА

«Леналар» аныгы түннүгү – стеклопакеты — оҥорууну эмиэ баһылаан эрэллэр. Куораттан матырыйаал ылан, түннүктэри Намҥа миэстэтигэр бэлэмнииллэр. Анаан дьарыктанаары мини-сыах атыыласпыт. Тиэйэн аҕалан таҥан туруорбуттар. Ороскуотун 38 %-нын Саха Өрөспүүбүлүкэтин предпринимательство министиэристибэтэ толуйбут, бу бизнеһитыа сиригэр көҕүлүүргэ олус улахан көмө буоларын предприниматель бэлиэтээн кэпсиир.

Нэһилиэнньэ стеклопакеты тохтоло суох сакаастыыра улууска саҥа тутуу барарын туоһулуур. Нам сэлиэнньэтин олохтоохторуттан эрэ буолбакка, нэһилиэктэртэн эмиэ сакаас бөҕө киирэр буолбут. Итиннэ тэрилтэ куораты кытта тэҥ сыаналаахтара да сабыдыаллаатаҕа.

Иван Никитин тэрилтэтиттэн атыылаһаллара туох ордуктааҕый? Нам олохтооҕо Дьокуускайга сакаастаан баран, тиэйэн аҕалара эмиэ ороскуоту эрэйэр. Тырааныспарынан тиэйэр-таһар үлэтэ, төттөрү-таары тиэстиитэ ороскуоту элбэтэр. Онон миэстэтигэр оҥоттороллоро олус табыгастаах буолбутун дьон өйдөөбүт. Силигин ситэрэн, анал биригээдэ түннүгү атыыласпыт киһиэ тиийэн туруоран биэрэр усулуобуйата олохтоммут. Быһата, сиппит-хоппут дьаһаныы диэххэ сөп.

ҮҺҮС ХАЙЫСХА

Тутууну ыытар дьоҥҥо пилорама наада. Онон маһы тыырар тэрилин саҥардар баҕалаах. Быйыл профиль оҥорор уонна оцилиндровкалыыр станок атыыласпыттар. Тутуу матырыйаалын бэлэмниир туһуттан мас кэрдэн, лафет, буруус, дуоска бэлэмнииллэр.

Бу үлэлэрбит дьыл кэмиттэн тутулуктаахтар. Дьэ, ол курдук күһүн тутуу үлэтэ тохтоото даҕаны, атынынан дьарыктанан барыахтаахпыт. Олорон хаалар табыллыбат. Сайын, күһүн стеклопакеты туруорабыт. Саас мас кэрдэбит, бэлэмниибит. Маннык тэринэн үлэлиирбитигэр биһигини ырыынакпыт дьиэтэ абырыыр этэ. Арендаттан киирбит үбүнэн дьону хамнастыырбыт. Онтубут уокка былдьаммыта. Страховкабыт эҥин суох буолан, көрбүтүнэн сүтэрбиппит. Хата, үлэлэһэр Аппааным, улууспут дьаһалталара кыра да буоллар, үбүнэн көмөлөспүттэрэ, — диир Иван Никитин.

Иван Никитин туруоруммут сыалын ситиһэргэ дьулуһарын, туох эрэ саҥаны толкуйдуур баҕалааҕын киһи астына истэр. Маннык бэйэлэригэр эрэллээх дьон ахсаана Нам улууһугар элбэҕин бэлиэтиибин. Киһи киэн туттуон туттар үлэһит дьонтон.

Эксперт санаата:

Юрий Слепцов, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга:

— “Озернай” кыбаарталы тутууга Иван Никитин салайар тэрилтэтэ эмиэ ылсан эрэриттэн үөрэбит. Манна 457 дьиэ тутуллуохтаах, барыта үллэһиллэн турар. Итинтэн 130 элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ ананар. Уоннааҕыта үксэ эдэр ыалларга бэриллэрэ былааннанар. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, “Лена” ХЭТ салгыы үлэлэһиэ диэн эрэнэбит. Иван Никитин биригээдэтэ хаачыстыбалаахтык, үчүгэйдик үлэлиир.