Улуус олоҕо: Таастаах далбар хотуттара нэһилиэги тутан олороллор

880

Таастаах урут хаайтарыылаах, суола-ииһэ суох сиринэн аатырара. Билигин олох сайдыытын тэтиминэн, таһым уларыйда. Дьон сэргэхтик олороллорун “Ыччат аллеятын” сырдык лаампалара да туоһулуур курдуктар. Ону “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн Нам улууһугар бара сылдьан көрөн-истэн кэллибит.


Оллоонноон олорон Олоҥхо истиэххэ айылаах хараҥа киэһэҕэ Таастаах бастыҥ балаҕаныгар киирэн кэллибит. Киэҥ-куоҥ аныгылыы быһыылаах балаҕан иһигэр дьахтар бөҕө тоҕуоруспут. Кулууптара суох буолан, бу Айыы дьиэтигэр анаан туппут балаҕаннарыгар ким уран оһуордаах чаппараахтары, араас дьэрэкээн оҥоһуктары остуолга тэлгэтэллэр.

Валерий Евсеев «Сахамедиа» суруналыыстарын кытта кэпсэтэ кэлбит.

Биир далбар хотун сөмүйэ саҕа дьэдьэн барыанньатын сахалыы иһиттэргэ кутар. Сааһын тухары сыспай сиэллээҕи сылгылаабыт Валерий Евсеев дьахталлар күө-дьаа кэпсэтиилэриттэн, суугунаһыыларыттан күлэн мүчүк гына-гына олорор. “Суруналыыстар кэлэллэрин истэн, көх-нэм буолаары, мааны хотуттар түмсүүлэрин туһунан истэ кэллим. Олус түмсүүлээхтэр, нэһилиэги тутан олорор дьон”, — диир кини.

Домна Гаврильева кыргыттарын кытта бииргэ оҥорбут илин кэбиһэрин, бөҕөхтөрүн, суумкалары биир-биир суумкатыттан хостоон быыстапка туруохтаах остуолугар кэчигирэтэр. Оҕуруонан анньарга үөрэммитэ 4 сыл эрэ буолбут диэтэххэ, дьоһун үлэлэр. Тутан көрдөххө, тос курдук ыйааһыннаахтар. Син балачча элбэх оҕуруо тиһиллибит быһыылаах. Быйыл Бөтүҥтэн Матрена Осипова дэриэбинэ дьахталларын мунньан, маастар-кылаас ыыппыта туһалаабыт. Домна Петровна бэйэтэ иллэҥ кэмигэр быысапкалыырын ордорорун сэһэргээтэ:

Бу оһуорбунан дьиэ кэргэним силиһин-мутугун оҥорбутум. Киһи оһуор анньарыгар алгыс тыллар киирэргэ дылылар. Холобур, бу үлэм оҕолорум чэчирии турдуннар диэн баҕа санаалаах тиһиллибитэ. 4 оҕолоохпун, 5 сиэннээхпин. Оҕолорум куоракка олохсуйан олороллор, бэйэбит сүөһү-ас ииттэбит. Библиотекаҕа түмсэн, дьахталлар иистэнэбит. Арааһы барытын да оҥоробут диэххэ сөп. Сотору Ольга Атласова нэһилиэк дьахталларын чаппараах, кычым тигэргэ үөрэтиэхтээх. Онон сукуна эҥин атыылаһан, бэлэм олоруохтаахпыт. Бу иистэнэрим таһынан биэлсэрбит Мира Васильевна сүбэтинэн скандинавскай хаамыынан дьарыктанабын. Дьахталлардыын, ким хайдах сололооҕунан көрөн, күҥҥэ 60 км. хаамабыт быһыылаах. Бронхиальнай астмалаах этим, кэнники онтум арыый намыраабыт курдук буолла. Уопсайынан, биһиги көхтөөх нэһилиэкпит. 

Бу “Уйгууна” дьахтар түмсүүтүн уочараттаах тэрээһинэ. Салайааччылара бэрт холку көрүҥнээх дьыссаат үлэһитэ Октябрина Гаврильева анаан-минээн туруоруллубут быыстапканы сирийэн көрөр. Таастаах далбар хотуттара бу көрдөрөр быыстапкалара мээнэҕэ буолбатах. Кинилэр хайы-үйэ 2019 с. Намҥа буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн эрэллэр. Аата эрдэтин диэххит. Ол эрээри, ким эрдэ тэриммит, ол кыайыылаах-хотуулаах буолара чахчы. Маннык улахан тэрээһиннэргэ кытта да үөрүйэхтэр. Былырыын Ала ууһун 170 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт Ыһыаҕы Таастаахха ыспыттар. Ол ыһыахтарыгар ыалдьыттар Горнай улууһун Бэс Күөлүттэн, Маҕарастан, Күөрэлээхтэн, Аһыматтан тиийэ кэлбиттэрин киэн тутта кэпсииллэр.
Нэһилиэккэ 70 тахса дьахтар баар. Тыа сиригэр дьахтар сэбиэтэ диэн улахан күүс. Ыһыахтары тэрийии, ас астааһын наадата тирээтэҕинэ барытыгар кинилэр көх-нэм буолаллар. «Биһиги нэһилиэк дьахталлара олус көхтөөхпүт. Ийэ күнүн уонна Саҥа дьылга оҕо утреннигын тэрийиини биһиэхэ сүктэрбиттэрэ. Онон ити бырааһынньыктары ыытыы үгэскэ кубулуйда. Уопсастыбаннай түмсүү буоламмыт, туох да үппүт-аспыт суох. Онон сылга биирдэ дьахталлартан биирдии мөһөөгү хомуйабыт. “Ыраас чэппиэр” хамсааһыҥҥа кыттан, ыраастаныы үлэтигэр көмөлөһөбүт. Бу балаҕаммытыгар мустарбыт үчүгэй. Дьахтар сэбиэтин чилиэнэ Лариса Романовна орто саастаах дьахталларга үҥкүү бөлөҕүн үлэлэтэр. Иис түмсүүтэ диэни тэрийдибит. Ону библиотекарьбыт иилээн-саҕалаан үлэлэтэн эрэр. Дьиҥинэн, атын нэһилиэктэрдиин сибээстэһэр киһи өссө бэрт буолуо этэ», — диэн кэпсээтэ Октябрина Семеновна.

Суол оҥоһуллан, сырыы үчүгэй буолбут. Онон Таастаах иккистээн сөргүтүллүбүт. Бастаан 3 эрэ дьахтар баран олохсуйбут буоллаҕына, онтон биирдиилээн сыыйа көһөн кэлбиттэрэ. 1987 с. бастакы оҕо оскуолаҕа киирбит. Тутуу да баран эрэрэ көстөр. Эдэр ыаллар олохсуйан эрэллэрэ үөрдэрин кэпсииллэр. Быһата, билигин Таастаах куораты өҥөйөн олорор буолбут.

Сөргүтүллүбүт нэһилиэккэ сэрии, тыыл бэтэрээннэрэ диэн суохтар. Саастаах дьон аҕыйах. Бу 2016 сылга 4 оҕо күн сирин көрбүт. Хата, 6-гар диэри саастаах оҕо элбээбит.
Сылга 10-ча оҕо төрүүр. Олохтоох биэлсэр пууна 1990 с. тутуллубут дьиэ. Д.Шадрин диэн сопхуос дириэктэрэ көһөн барарыгар биэлсэр пууна оҥостуҥ диэн бэйэтин дьиэтин бэлэхтээн хаалларбыт. Онон таастаахтар киниэхэ махталбыт улахан. Манна олохтоохтор ордук тымныйан ыалдьаллара элбэх. Сыалааҕы аһааһынтан панкреатит, холецистит буулуур. Кэнники кэмҥэ сорох дьон хааннарын баттааһына үрдүгүттэн эрэйдэнэллэр. Ол иһин олохтоохтору скандинавскай хаамыынан дьарыктаныҥ диэн сүбэлээбитим. Онно кэтээн көрдөхпүнэ, биир дьахтар хаанын баттааһына мээнэ үрдээбэт буолла, ыйааһынын да түһэрдэ. Доруобуйалара да тубуста дии саныыбын. Ол эрээри эр дьон хаампаттар, — диэн Таастаахха 29 сыл биэлсэринэн үлэлиир Мира Новгородова олохтоохтор доруобуйаларын туругун туһунан үллэһиннэ.

Хараҥаны хараҥа диэбэккэ грейдердиир тыраахтар суолу көннөрөр. Биһиги Бэрдьигэстээх диэки сыыйылыннара турдубут. Таастаах чаҕыл уоттара өссө кэлээриҥ диэбиттии атаара хааллылар.