«Улуус олоҕо»: Уус Алдан улууһун мадьыныларын иитэр-үөрэтэр Иван Готовцев уопут үллэстэр

3104

Уус Алдан улууһун айар-тутар, тыа сирин олоҕун оҥкулун төрүттүүр дьонун туһунан «Улуус пааспарыгар» суруйуубутун салгыыбыт. “Улуус олоҕо” бырайыак суруналыыстара олохтоохтор спортка ситиһиилэрин кэтээн көрдө. Быыппастар былчыҥнаахтар 2017 сылга ордук мас тардыһыытын көрүҥэр баһыйар элбэх кыайыыны уһансыбыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. 


Уус Алдаҥҥа мас-рестлинг федерацията күүскэ үлэлиир, бу көрүҥ сайдарыгар дьаһалта үгүс сыраны уурар. Федерация салайааччылара Геннадий Васильев, Петр Бурнашев дьаныардаахтык туруулаһаллар. Көмөлөрө диэн олус. Улуус хомуур хамаандатын күрэхтэһии иннинэ бэлэмнэрин көрөллөр-истэллэр, сүбэ-ама буолаллар. Саха сирин иһинэн, соҕуруу күрэхтэһиилэргэ барарга-кэлэргэ үп-харчы, иҥэмтэлээх ас, таҥас-сап, транспорт өттүнэн көмөлөһөллөр, төһө кыалларынан өйүүллэр.

Биһиги улуус мадьыныларын хомуур хамаандатын тренерин Иван Готовцевы көрсөн кэпсэттибит. Кини чуолаан бу сыл олус таһаарыылаах буолбутун эттэ:

— Мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыта, онно күрэхтэһии аан бастакытын түөрт помуоһунан буолла. Араас улуустартан биэс сүүс кэриҥэ спортсмен кэлэн илин-кэлин түһүстэ. Онно улууспут хамаандата бастаан үөрүү-көтүү бөҕөбүт. Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар эмиэ бастаатыбыт. Онно мэҥэ хаҥаластары кытта киирсэммит, эр дьоҥҥо, дьахталларга, бэтэрээннэргэ тэҥнэһэн хаалбыппыт, онтон оҕолорбут киирэн биэс очукуонан кыайаннар, инникилээтибит. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар маннык көрдөрүүлэммиппититтэн дьарыктыыр мадьыныларбынан олус киэн туттабын. Онон, сүүрбэ сыл ыралаабыт баҕа санаам туолла диэн астына сылдьабын.

Иван Степанович Байаҕантай нэһилиэгин Танда бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Оҕо сылдьан уонна оскуолаҕа үөрэммит сылларыгар сүүрүүнэн, хайыһарынан дьарыктаммыт. Оскуоланы бүтэрэн, физкултуура салаатыгар үөрэнэр кэмнэригэр мас тардыһыынан үлүһүйбүт, Федор Дегтяревка эрчиллибит. 1997 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, төрөөбүт Тандатыгар эргиллэн, оҕолору, ыччаты бу көрүҥҥэ эрчийэн саҕалаабыт. Онно сэттэ сыл үлэлээн баран, 2004 сыллаахха Бороҕоҥҥо тренер быһыытынан күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамныы сылдьар.

Бэйэм мас тардыһыынан сыл эрэ дьарыктаммытым, аҕыйах күрэхтэһиигэ миэстэлэспитим. Онтон айылҕам спорт бу көрүҥэр аналлаах тарбахтары анаабатах диэн санааттан, тохтоппутум. Уһуйуллааччым Семен Готовцев өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа хас даҕаны төгүллээх чөмпүйүөнэ буола улаатта. Оччолорго бииргэ күрэхтэспит дьоммун эрчийэр оҕолорум кыайдылар. Онон уолаттарым тренердэрэ ситиспэтэҕин ситистилэр”, — диэн Иван Степанович үөрэнээччилэрин холобурдаан кэпсиир.

— Мадьыныны иитэр уратын ньымалааххын дуо?

— Киһи-киһи майгыта-сигилитэ, толкуйа араас буолар. Оннук дьону кытта үлэлиибин. Барыларын бииргэ түмэр, биир сыалга аҕалар, хамаанда оҥорор — олус уустук үлэ. Эрчийэр киһи быһыытынан дьон уйулҕатын билиэхпин, таба таайыахпын наада. Ардыгар албыннаһан, ардыгар кыыһыран. Барытын тулуйарга үөрэнним. Дьарыгы көтүппэттэрин хонтуруоллуубун, үлэ түмүгэ барыта дьаныардаах дьарыктан тахсар. Сахалыы боростуойдук, тугу даҕаны уустугурдубакка. Араас ньыманы тобулабын — атын дьон уопутун даҕаны көрөбүн, интэриниэттэн араас тиэхиньикэни үөрэтэбин — элбэҕи боруобалыыбын. Сарсыарда, күнүс — оҕолору, дьахталлары, онтон киэһэ хойукка диэри уолаттары, эр дьону дьарыктыыбын. Кэргэним, оҕолорум үлэбин өйөөннөр, ситиһии кэлэр. Эр киһи дьиэтигэр-уотугар үчүгэй тыыллаах буоллаҕына, үлэтэ тахсар дии саныыбын.

Соторутааҕыта Саха сиригэр тимир механизмнаах помуос оҥорбуттара дьон-сэргэ интэриэһин таппыта. Ол тула Иван Степановичтан санаатын ыйыталыстыбыт. Онуоха кини: ““Бэлэм, чэ!” диэн хамаанда бэриллээтин кытта, утарыта олорор дьон маһы эмискэ тардыалаатахтарына, хайалара эмит эчэйии ылыан сөп. Күүстээх тардыыга бэлэмэ суох олорбут киһи сиһин, холун оһоллуох курдук”, — диэн санаатын эттэ.

Уус Алдан тренерин сүбэтэ

Уол оҕону мас тардыһыыга алын кылаастарга үөрэнэ сырыттаҕына дьарыктаан саҕалыахтаахпыт. Бастакы эрчиллииттэн тута помуоска олордон мас тардыһыннарбакка, сүүрдэн-көтүтэн, түргэнин уонна тиэхиньикэтин оҥоробут. Оҕо ыстаннын, мэниктээтин. Мас тардыһыыкка айылҕаттан бэриллибит күүскэ тутар тарбахтаах буолуохтаах. Манта суох сатаан маһы да туппаккын, тардыбаккын даҕаны. Оҕону кыра эрдэҕиттэн тарбаҕын сайыннарыахха сөп. Онтон улахан киһиэхэ бу кыаллыбат.