«Улуус олоҕо»: Уус Алданнааҕы “Мүрү-Ас” кэпэрэтиип үүт ас арааһын оҥорор

3901

Уус Алдан улууһун олохтоохторо “Мүрү-Ас” тэрилтэ үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥорон таһаарар үүт, эт бородууксуйатын хамаҕатык атыылаһан сииллэр. Мүрүлэр астара Дьокуускай куоракка эмиэ киэҥник тарҕанар. Тыа хаһаайыстыбатын биир тутаах салаатын сайыннарар тэрилтэ туһунан «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.


«Мүрү-Ас» кэпэрэтиип Уус Алдан киинигэр Бороҕоҥҥо баар. Биһигини тэрилтэ дириэктэрэ Степан Бочкарев көрүстэ, батыһыннара сылдьан сыахтары, соҕотуопкалыыр саалалары көрдөртөөтө.

Үлэбит сарсыарда аҕыстан саҕаланар. Ол иннинэ, сарсыарда биэс чаастан үүт тиэйэр массыыналарбыт хас даҕаны хайысханан сылдьаннар, чугастааҕы нэһилиэктэртэн үүт таһаллар. Билигин, сайыҥҥыга холоотоххо, үүт киириитэ биллэ аччаата, күҥҥэ балтараа туонна үүт кэлэр. Үүттэн оҥоһуллар блородууксуйа туспа саалалаах. Манна суорат, йогурт арааһын, арыы, сүөгэй оҥорон уонна ыаммытынан үүтү бытыылкаҕа кутан атыыга бэлэмниибит. Бородууксуйабытын улууспут олохтоохторо хамаҕатык атыылаһаллар. Бороҕоҥҥо эрэ буолбакка, Кэптэни, Тумул, Суотту курдук улахан нэһилиэктэрбитигэр эмиэ тириэрдэбит. Маны таһынан, Дьокуускай куоракка атыылыыр гына эмиэ кэпсэтиилээхпит. Сыанабыт ыарахана суох. Кэлэктиипкэ үксэ эдэрдэр, түөрт уонча үлэһиттээхпит. Сайын 12 арыы собуота нэһилиэктэргэ үлэлиир”, — диэн дириэктэр үлэтин билиһиннэрэр.

“Мүрү-Ас” ТХПК “Лөгөй” тэрилтэ ыһыллыбытын кэнниттэн, кинилэр дьиэлэригэр тэриллибит. Онон астыыр-үөллүүр оборудованиелара эмиэ оччотооҕулар хаалан тураллар. “Туймаада” ФАПК-ны кытта кэпсэтэн, алта сыллаах уһун болдьохтоох дуогабар түһэрсэн, наадалаах эбии тэриллэри ылбыттар.

Быйыл атырдьах ыйыттан саҕалаан, тэрилтэ үс сүүс киилэ сыр оҥорон атыылаабыт. Саҥа бородууксуйа тута дьон биһирэбилин ылбыт. Сыр туспа технологиянан оҥоһуллар: собуокка ытыйыллан, анал киэпкэ кутуллан баран, биир ый кэриҥэ тымныы сиргэ ууруллар. Күн аайы тас көрүҥэ уонна амтана бэрэбиэркэлэнэр. Ураты ас ситтэҕин ахсын дьүһүнэ саһарар, оччоҕуна амтана дьэ бэриллэр. Билиҥҥитэ кытаанах суортааҕы кыайа туталлар. Бастакы баартыйаны бу күһүн Дьокуускайга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар атыылаабыттар. Биир күнүнэн бүппүт.

Уус Алдаҥҥа бастаан “Лөгөй” тэрилтэ сыр аһы оҥорон боруобалаабыт. Бу кэнниттэн аны өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан отон сиробун эмиэ уус алданнар саҕалаабыттар. Онон улууска олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга саҥа саҕалааһыннар элбэхтэр.

Аны быйылгыттан эт аһы оҥорорго тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин куонкурустуур сүүмэрдээһинин ааһан, “Мүрү-Ас” улуус үрдүнэн эт бородууксуйатын тутарга соҕотох соҕотуопкалааччы буолла. Нэһилиэнньэттэн эт тутан, муниципальнай тэрилтэлэргэ атыылыаҕа уонна нэһилиэнньэҕэ полуфабрикат оҥорон атыыга таһаарыаҕа. Манна эриллибит эти, кэтилиэттэри астыахтара. Эт аһы үүт собуотугар оҥорор, харайар сатаммат, онон туспа дьиэни өрөмүөннээн, анал оборудованиелаан үлэни саҕалаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.

“Мүрү-Ас” биир сүрүн кыһалҕатынан ынах арыыта атыыга кыайан хамаҕатык барбата буолар. Холобура, былырыын оҥоһуллубут арыы быйыл атырдьах ыйыгар биирдэ бүппүт. Ону даҕаны сыанатын чэпчэтэн. Ол төрүөтүнэн, ырыынакка өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн мөлтөх хаачыстыбалаах, сыаната чэпчэки арыы киириитэ буолар.

“Урут үлэлээбит тэрилтэ моҥкурууттаабытыгар солуокка хаалбыт тиэхиньикэлэр “Мүрү-Аска” сүүрэллэр. Улуус дьаһалтата бааны кытта кэпсэтии ыытан, тиэхиньикэни атыылаһан ылыыга көмөлөспүтэ”, — диэн Степан Николаевич оройуон салалтата тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар улахан болҕомтотун уурарын бэлиэтиир.


«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.