Көбүөргэ – аҕам саастаахтар

866

ХИФУ профессора Н.К.Алексеев-Матбор бирииһигэр көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэргэ 5-с чемпионата кулун тутар 27 күнүгэр Дьокуускай куорат 3 №-дээх спортивнай оскуолатын тустууга саалатыгар ыытылынна.

Тустуу түһүлгэтэ үгэс быһыытынан ССРС спордун маастара Владимир Дмитриевич Данилов – Бэһиэлэйдээх Болуодьа алгыһынан уонна оһуохайынан саҕаланна.

Бу күрэхтэһии сылтан сыл ахсын кыттааччытын ахсаана элбээн иһэрэ киһини кэрэхсэтэр. Ол курдук, быйыл барыта 73 бөҕөс күөн көрүстэ. Кинилэр саастарынан биэстии сыл арытыалаах алта бөлөххө арахсан, 58-63-69-76-85-97 кг ыйааһыннарга кииристилэр. Күрэхтэһиини көҕүлээн ыыппыт Дьокуускай 3 №-дээх спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Федот Архипович Соловьев: “Биһиги маннык күрэхтэһиибит – Уһук Илин федеральнай уокурукка соҕотох күрэхтэһии. Бу биһиги, сахалар омук быһыытынан эмиэ биир уратыбыт. Өскөтүн куорат тренердэрэ күннэтэ көбүөргэ эрчиллэ сылдьар эбит буоллахтарына, тыа дьоно күүстээх хары үлэтигэр эриллэн баран күрэхтэһэ кэлэллэрэ баар суол. Кинилэри мин дьиҥнээх эр бэртэрэ дии саныыбын. Кинилэр – дьиҥнээх көҥүл тустуу силиһэ буолан, биһиги оҕолорбутугар уонна эр дьоммутугар халыҥ хахха, суон дурда, тустуубут уҕараабат өйөбүллэрэ буолаллар”, — диэн күрэхтэһии суолтатын быһааран биэрдэ.

Бэһис чемпионакка аан дойду чемпионнара уонна призердара Федот Соловьев (Дьокуускай), Ефрем Ефремов (Амма), Василий Алексеев, Николай Григорьев (иккиэн – Дьокуускай), Виктор Черкашин (Уус Алдан), Василий Пахомов (Горнай) ситиһиилээхтик кытыннылар. Кинилэри тэҥэ урукку кэмҥэ Сойуус, Россия улахан таһымнаах көбүөрдэригэр эриэ-дэхси көрдөрүүлэнэ сылдьыбыт ССРС спордун маастардара: Дмитрий (Винокуров) Чаҕаан, Семен Федоров (Чурапчы), Валентин Константинов (Горнай), Алексей Максимов, Семен Павлов (Сунтаар), Михаил Тихонов (Мэҥэ Хаҥалас), Егор Красильников, Геннадий Егоров (Дьокуускай) уо.д.а. пьедестал үктэлигэр таҕыстылар. Билигин да эдэрдии эрчимнэрин ыһыктыбакка сылдьар чөл олох аргыстаах аҕам саастаах боотурдар кэтэһэн-манаһан турбат сэргэх тустуулары көрдөрдүлэр. Ол курдук, тутуһуохча буолан иһэн халбарыйан түһэрии, хамсата түһэн баран өттүктээн кубарытыы, атаҕынан көмөлөһүннэрэн накааттаан эргитии курдук, билигин бэл эдэрдэр сэдэхтик туттар албастарын “оҕонньоттор” этэргэ дылы, утуйа да сытан оҥоруох курдуктар.

“Скорость Дима”, “Движение Баанньа”, “Дедушка”, “Яснай”… онтон да атын, тустууну сэҥээрээччилэр эйгэлэригэр биллибит таптал ааттаах бөҕөстөр эдэр саастарын эргитэн бар дьонноругар билигин даҕаны буорахтара кураанаҕын көрдөрдүлэр. Оттон көбүөргэ хапсыһыы хаамыытын биллиилээх бөҕөс, ССРС спордун маастара, бэтэрээн-маастардарга аан дойду чемпиона Захар Чукров кэпсээн, билиһиннэрэн интэриэһи үөскэттэ.

Балаһыанньа быһыытынан хамаанданан түмүк таһаарылынна. Онуоха Дьокуускай – бастакы, Сунтаар – иккис, Нам – үһүс миэстэлэри ыллылар.

Петр ПАВЛОВ

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ