Улуус олоҕо: «Сунтаар сонуннара» олохтоох хаһыат тула түмсэллэр

2536

2018 сылга Сунтаар улууһун олохтоох хаһыатын бастакы нүөмэрэ тахсыбыта 80 сылын туолар. Сахалыы тыллаах таһаарыы куруук элбэх ааҕааччылаах. Манна кылаабынай эрэдээктэр уонна айар-тутар суруналыыстар оруоллара олус улахан. Сахамедиа «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн куруук олох үөһүгэр сылдьар, буруолуу сылдьар сонуннаах кэлэктииби кытта көрүстүбүт.


— Борис Парфеньевич, кэнники кэмнэргэ сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ тахсар уларыйыылар кэмнэригэр эһиги хайдьах дьаһанан олороҕут?
— Билигин ханна баҕарар уларыйыы-тэлэрийии, ол иһигэр оптимизация, үлэ миэстэтин сарбыйыы бара турар. Биһиги кэлэктииппитигэр техническэй үлэһиттэри ааҕан туран, 17 үлэһиттээхпит . Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарын хаһыаттарын курдук, нэдиэлэҕэ иккитэ оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ тахсабыт. Ханнык баҕарар хаһыат сүрүн көрдөрүүтүнэн кини сурутааччыта, хаһыат тахсар ахсаана буолар. Билигин орто көрдөрүүгэ сылдьабыт. Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, кыра түһүү баар эрээри, күн бүгүн 1600-чэ ахсаанынан тахсан олоробут. Итини Бүлүү бөлөх улуустарга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы тыллаах хаһыаттарга биир үрдүк, улуус таһымыгар куһаҕана суох көрдөрүү дии саныыбыт. Дьон-сэргэ сахалыы хаһыаты ааҕар. Ааҕааччыларбыт сүрүннээн орто саастаах, кырдьаҕас көлүөнэ дьон. Итини тэҥэ хаһыаппытыгар оскуола оҕолоро ордук элбэхтик суруйаллар. Онон кэнники кэмнэргэ оскуолаҕа буолбут тэрээһиннэри үгүстүк сырдатабыт диэххэ сөп. Ити үчүгэй. Биһиги хаһыаппытын билинэн, сэргээн ааҕаллар, суруйаллар дии саныыбыт.

— Хаһыат уонна ааҕааччы бииргэ буолуутун сибээһин хайдах тутаҕытый? 
— Дьон, ааҕааччыларбыт хаһыат нөҥүө  былааска, биир дойдулаахтарыгар этиилэрин, санааларын, ыйытыыларын, билиилэрин тириэрдэллэр. Онон кинилэр суруктарын быыстала суох таһаарабыт. Ол да үрдүнэн сорох дьон кириитикэни таһаарбаккыт диэн сэмэлиир. Дьиҥэр, кириитикэлиир, сэмэлиир ис хоһоонноох сурук эрэдээксийэҕэ киирэн, регистрацияланан баран, паапка быыһыгар анньыллан, умнуллан хаалбыта диэн суох. Билигин ылан көрдөххө, улууспут олоҕор-дьаһаҕар ыллыҥ да кириитикэлии сатыыр суох да курдук дии саныыбыт. Олох орто таһымнаахтык сайдан бара турар. Биһиги тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улууспут. Бу күннэргэ оппут кырыымчытыйда, мантан саас өссө уустугурара буолуо. Онон бу тула кэпсэтии билигин сүрүннээн тахсар. Хайдах дьаһаннахпытына сайыҥҥыга этэҥҥэ үктэнэбитий диэн. Сүбэ-соргу элбэх. Урукку өттүгэр дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба үлэтигэр балачча кириитикэ баар буоллаҕына, билигин барыта оннун булан турар, суолбут-ииспит да үчүгэй.

— Сахалыы тыллаах хаһыат тылдьытынан төһө туттаҕыт? 
— 2015 сыллаахха бичиктэр таһаарбыт тылдьыттара остуол кинигэтигэр кубулуйда. Манан биһиги номнуо тутта, сирдэтинэ үөрэннибит. Бастаан уустук курдук этэ, ааҕааччылар да өйдөөбөккө ыйыталлара элбэх этэ. Сыыйа-баайа суруналыыстар да, ааҕааччылар да үөрэннилэр, өйдөһөр буоллубут. 

— Үлэ буолан баран уустуктар баар буоллахтара. Олохтоохтор туруорсууларыттан тугу бэлиэтээн этиэҥ этэй?
Хаһыат үлэтэ, ааҕааччылары кытары быстыбат ситим аны Интэриниэтэ, түргэн сибээһэ суох хайдах да сатаммат кэмигэр олоробут. Онон Сунтаар улууһа өссө биир кэтэһэр эрэлэ оптоволокно киириитэ буолла. Интэриниэт аһара бытаан буолан, үлэҕэ-хамнаска олус охсуулаах. 2018 с. Мирнэй өттүттэн оптоволокно кэлэрин күүтэбит, чугаһаата, онон эрэх-турах санаалаахпыт.

— Олохтоох дьоҥҥо оройуон хаһыатын оруолун эн туох дии саныыгыный?
— Киһи үксэ өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа хаһыаттарын сурутар кыаҕа суох. Оччотугар удамыр сыаналаах, наҕылыччы ааҕарга ордук табыгастааҕынан олохтоох хаһыаттар эрэ хаалар курдуктар. Онон Сунтаар улууһун олохтоохторугар улахан суолталаахпытынан, кинилэр баҕаларын учуоттаан, хаһыаппыт ис хоһоонун байытыы, кэҥэтии соруга турар.

1938 с. муус устар 24 күнүгэр Сунтаар оройуонугар «Сталин суола» диэн хаһыат бастакы нүөмэрэ биир тыһыынча ахсаанынан тахсыбыта. Оройуон типографиятыгар латыын алфавитынан бэчээттэммит бастакы хаһыаты Николай Дмитриевич Корнилов көрөн-истэн эрэдээктэрдээн таһаарбыта.
Хаһыат 1958 с. аата уларыйан, «Ленинскэй знамя», онтон «Коммунизм суола» , 1965 с. «Ильич уоттара» диэн ааттаммыта. Онтон 1991 cыл атырдьах ыйынааҕы Сэбиэскэй Сойууһу ыспыт путч кэнниттэн «Сунтаар сонуннара» диэн уларыйбыта.
Хаһыат муҥутуур ахсаана 1990 с. элбии сылдьыбыта – 5480-ҥа тэннэспитэ.

 

Борис Николаев «Сунтаар сонуннара» хаһыакка 2001 сылтан үлэлиир.
РФ Суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын, бэчээтин туйгуна, 2015 с. Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун «Көдьүүстээх суруйуу» номинациятын кыайыылааҕа. Бэчээт эйгэтигэр таһаарыылаах үлэтэ «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн, СӨ Бырабыыталыстыбатын, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бочуотунай, РФ Суруналыыстарын Сойууһун грамоталарынан наҕараадаламмыта. Сунтаар улууһун, Сунтаар, Кутана нэһилиэктэрин ытык олохтооҕо.