2018 сыл – Чурапчы улууһугар оҕо уонна ыччат дьоҕурун сайыннарыы сылынан, Саха народнай суруйааччыта Василий Семенович-Далан төрөөбүтэ 90 сылынан Кытаанах нэһилиэгэр, Килэҥки сэлиэнньэтигэр «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтигэр ураты суолталаах тэрээһин буолан ааста. Манна «Чараас сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын» чабырҕахсыт М.А. Герасимова-Сэҥээрэ бирииһигэр чабырҕаҕы толорооччулар аһаҕас улуустааҕы күөн-күрэстэрэ ыытылынна.
Кытаанах нэһилиэгин аҕа баһылыга Е.Н.Потапов бэйэтинэн кэлэн эҕэрдэлээн, махтал сурук туттаран, норуот айымньытын дьиэтин директора Л.Н. Монгуш иилээн-саҕалаан ыыппыта, эбиитин көх-нэм буолан күөн-күрэскэ кыттыбыта, күрэх таһымын үрдэттэ.
Саха уус-уран тылын уһулуччулаах ууһа, Чурапчы улууһун, Кытаанах нэһилиэгин ытык киһитэ, саха народнай суруйааччыта В.С.Яковлев-Далан албан аатын үйэтитэргэ, сырдатыыга элбэх өрүттээх үлэ ыытыллар. Чахчы даҕаны, саха сахатынан кэрэ — диэн бэргэн этии баар. Чурапчылар бу сыалы-соругу тутуһан билиҥҥи кэм биллиилээх чабырҕахсыта, чабырҕаҕы тарҕатааччы, айааччы, үйэтитээччи Сэҥээрэлэригэр сэҥээрэн бу быйыл эмиэ кини аатынан чабырҕах күрэҕин ыыттылар. Мария Андреевна бэйэтин аатынан Кылаан бириискэ 20 тыһ.солк. уу харчынан олохтоото.
Сэҥээрэ «Чабырҕах — саха тылын кылыһа» диэн норуот тылынан уус-уран айымньытын үөрэтээччилэргэ методическай көмө таһаартарда. Кинигэҕэ уһуйаан саастаах оҕолорго, үөрэнээччилэргэ, ыччакка анаан билиҥҥи олох түктэри көстүүлэрин чабырҕах кылыс тылынан дьүһүйүү, саха оонньууларын уран-уус тылынан ойуулаан үөрэтии, саха тылын ыраастык туттан саҥарарга, үөрүү-көтүү, сүргэни көтөҕүү тылларын таба туһанан ойуулуур-дьүһүннүүр дьоҕурга анаммыт чабырҕахтар киирдилэр.
Оҕолорго 11 бөлөҕүнэн толоруу, 12 биирдиилээн толорооччулар, улахан дьоҥҥо 5 бөлөҕүнэн, 3 биирдиилээн чабырҕахсыттар уопсайа күөн-күрэскэ 130-ча чабырҕахха холонооччулар илин-кэлин түһүстүлэр.
Оҕолорго биирдиилээн толорууга «Үһүс үрдэли» Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Саина Лазарева (сал. С.В. Лазарева) Сэҥээрэ «Дьоҕурдаах оҕо» чабырҕаҕын толорон, «Иккис үрдэли» И.М.Павлов аатынан орто оскуола аатынан Чурапчы улууһун 4 кылааһын үөрэнээччитэ Света Слепцова (сал.Х.Н.Сидорова), «Бастакы үрдэли» Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Попова (сал.З.Н.Алексеева) тигистилэр. Биһирэбил бириис С.А.Новгородов аатынан орто оскуола 5 кылааһын үөрэнээччитигэр Арина Калибееваҕа, Чурапчы улууһа (сал. И.И. Неустроева) уонна 2018 сыл – Чурапчы улууһугар оҕо уонна ыччат дьоҕурун сайыннарыы сыла биллэриллэн сыл түмүгүнэн «Бастыҥ – 2018 » анал аакка киирсии иһин И.М.Павлов аатынан орто оскуола аатынан Чурапчы улууһун 4 «б»кылааһын үөрэнээччитэ Андрей Степанов тигистэ (сал. Х.Н.Сидорова).
Бөлөҕүнэн толорууга «Үһүс үрдэли» Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын «Кылыһах» фольклорнай бөлөҕө (сал М.Д.Готовцева) Сэҥээрэ «Оскуола олоҕуттан» толоруутун иһин. «Иккис үрдэли» Далан аатынан Кытаанах орто оскуолата «Кытаанах Баллы сыдьааннара» фольклорнай бөлөх (сал. Л.Н.Монгуш), «Бастакы үрдэли» С.К.Макаров аатынан улуустааҕы гимназия «Арылхаана» фольклорнай бөлөх (сал. Е.И.Иванова) ылары ситистилэр. Биһирэбил бириис: С.А.Новгородов аатынан орто оскуола 4 кылааһын үөрэннээччилэрэ 24 оҕолоох «Чуопчаар» фольклорнай бөлөх (сал А.Н. Коркина) Сэҥээрэ «Духуобунас диэн тугуй?» диэн чабырҕаҕын толоруутун иһин, П.М.Васильев аатынан Соловьев нэһилиэгин орто оскуолатын «Күөрэгэй» фольклорнай бөлөҕө (сал.Л.Е.Яковлева) уонна Арыылаах орто оскуолатын «Чээкэ» фольклорнай бөлөҕө (сал Ю.С.Сивцева).
Улахан дьоҥҥо биирдиилээн толорууга «Үһүс үрдэли» Арыылаах нэһилиэгиттэн Юлия Семеновна Сивцева «Былыргы кэм чабырҕахтара», «Иккис үрдэли» Сылаҥтан Марфа Дмитриевна Готовцева «Урукку кэм чабырҕахтара» уонна Кытаанах нэһилиэгиттэн Любовь Николаевна Монгуш, Сэҥээрэ «Таарымта татакайа тыа суола» чабырҕаҕын толоруутун иһин «Бастакы үрдэли» ылары ситистэ. Улахан дьоҥҥо бөлөҕүнэн толорууга «Үһүс үрдэли» Төлөй нэһилиэгиттэн «Сиккиэр» фольклорнай бөлөх (сал.М.Н.Смирникова) М.Матахова «Билэр мэтириэттэрим».
«Иккис үрдэли» Даайа Аммата нэһилиэгиттэн Тааттаттан «Чаҕаан» фольклорный бөлөх (сал.Р.В.Новгорова) «Аныгы дьахталлар мэтириэттэрэ».
«Бастакы үрдэли» — Болтоҥо нэһилиэгиттэн «Утум» фольклорнай бөлөх (сал. А.С.Максимова) Сэҥээрэ «Бассаап» толоруутун иһин.
«Кылаан чыпчаал» бирииһи Культура уонна ускуустуба колледжын уһуйуллааччылара «Оргуй-чоргуй» бөлөх (сал. М.Г.Боппоенова) М.А. Герасимова – Сэҥээрэ бирииһин 20 тыһ.солк. уу харчынан ылары ситистилэр. Инникитин бу маннык бэстибээллэри, күөн-күрэстэри республиканскай таһымнаах ыытарга уонна улуустар кытталларын ситиһэргэ диэн, дьүүллүүр сүбэ биир санааны ылынан тарҕаста.