Абый улууһун Киэҥ Күөлүгэр хочуолунай тутуута хардарыта үбүлээһинтэн тутулуктааҕа этилиннэ

224

Саха республикатын ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуота Абый оройуонугар тохсунньу 31 күнүттэн олунньу 2-тигэр диэри буолла. Киэҥ Күөл нэһилиэгэр олохтоохтор хочуолунайдарын тутуутун туоһуластылар.


Манна СР Дьарыктаах буолууга уонна социальнай сайдыыга миниистирэ А.П.Михеев уонча салайааччыны илдьэ сырытта.

Тута уолбуттар ханнык боппуруостарга хоруй ылбыттарыгар тохтуохха, ону да барытын буолбакка, сүрүннэрин таарыйыахпыт. Таайбыт таайыы, сэрэйбит сэрэх диэбиттии маҥнайгынан ыас курдук ыстанар хочуолунай тутуутун ыйыттылар.

Виталий Руфов, ОДьКХ миниистрин солбуйааччыта лоп-бааччы быһаарда:

— 2018 сылга ОДьКХ үбүн балаһыанньата ыараханыттан хочуолунайдарга саҥа тутуу суох. Сити да буоллар, кэлэр биэс сылга эһиги инвестиционнай бырайыакка холкутук киирэр кыахтааххыт. Оройуон баһылыга Станислав Цюхцинскай биһиэхэ муос-таас курдук эһиги хочуолунайгытын быйыл тутарга туруорсар. Кини муниципальнай дьаһалта өттүттэн бу үлэҕэ эбии үп-харчы көрдөһө сылдьар. Кырдьыга, нэһилиэк кыһалҕатын өйдүүбүт, ол иһин эһиэхэ 2019 сылга тутарга ОДьКХ торумнаах этэ. Бириэмэ көрдөрөн иһиэҕэ, барыта үптэн-харчыттан тутулуктаах, эбии үп буллаххытына, үлэ быйыл саҕаланыан сөп. Чааһынай дьиэлэри сылытар ситимҥэ холбонууну программата үлэлээн бүппүтэ, отчуоттуур кэмҥэ 5 тыһ. кэтэх дьиэ холбоммута үрдүк көрдөрүүнэн ааҕыллар. Урут холбонууга чааһынайдарга 140 тыһ. солк. субсидия көрүллэрэ, бу өйөбүл эмиэ дойду, республика бюджета татымыттан тохтотулунна.

Социальнай сайдыы миниистирэ Александр Михеев манна тута быһаарда:

— Республика нэһилиэнньэтэ бу субсидиянан туһанан абыраммыта, тыа олохтоохторун дохуота олус сэмэй. Ол иһин бу дьыаланы иккистээн сөргүтэргэ этиилэри киллэрэ сылдьабыт, эһиэхэ социальнай көмүскэл баар буолуохтаах. Онон санааҕытын олус түһэримэҥ, табыгастаах дьаһалы ситиһэ сатыахпыт.

Аксинья Жиркова баан үлэтин ситимигэр киһи өйдөөбөт көстүүлэрэ баарын этэн туран, олохтоохтор кредит ылаары тоҕо Дьокуускайдыахтаарый, хамнас ылан баран баан терминал суоҕуттан олус эрэйдэниэхтээхтэрий, Белай Гораҕа барыахтаахтарый диэтэ. Үрдүкү салалта манна түргэн-тарҕан быһаарыы ылынан тыа сирин дьонун бу кыһалҕаттан быыһыылларын туруоруста.

Александр Михеев эппитинэн, бу курдук хабааннаах этииллэр-туруорсуулар элбэхтэр. Ол иһин правительство манан иҥэн-тоҥон дьарыктана сылдьарын чопчулаата, ити — кредиттээһиҥҥэ сыһыаннаах. Онон уларытыы киириэҕин, баан ситимин кытта биир тыл булуллуоҕун эрэннэрдэ. Оттон терминаллары туруоруу коммерсаннартан тутулуктааҕын таһынан, банкоматтарга олус кытаанах ирдэбиллэр баалларын эттэ. Ирдэбилгэ эппиэттээбэт сирдэргэ кинини туруоруу көҥүллэммэт. Ити да буоллар, диэтэ кини, сорох улуустар нэһилиэктэригэр уопсай тыл булан, табыгастаах дьиэ-уот көстөн, банкомат турбут түгэннэрэ онон-манан баалларын эттэ. Бу боппуруоһу ураты бэлиэҕэ ыллыбыт диэбитэ нэһилиэнньэ эрэлин күүһүртэ.

Үгүс ыйытыктар тыа хаһаайыстыбатыгар киирдилэр, тыын боппуруос буоллаҕа. Дьыалабыай ыйытыктар чэрчилэригэр граннарга киирсиилэр, бэйэ хаһаайыстыбатын тэринии, сири кытта үлэ о.д.а. киирсэллэр. Ол быыһыгар дьон уотурба сыаната олус ыараханын, сорох кууллар хаачыстыбалара мөлтөҕүн о.д.а. этиннилэр. Манна ааспыт кыстыкка дьаныһан туран үлэлээбит СР ТХМ департаменын салайааччыта Алексей Жирков киэҥ кэпсэтиини таһаарда, сүбэ-ама биэрдэ. Саҕалыан иннигэр республикаҕа кэнники сылга сүөһү-сылгы төбөтө эбиллэн, хаһаайыстыбалар бөҕөргөөн иһэллэрин иһитиннэрдэ. Ол да буоллар, Киэҥ Күөл нэһилиэгэ 80-тан тахса төбө сылгытыттан билигин 50-тан тахса эрэ хаалбытыттан улахан хомолтотун биллэрдэ. «Сылгы дьыалабыай тахсыыта Илин Эҥэргэ, киин оройуоннарга 75 бырыһыан буоллаҕына, эһиэхэ оройуон үрдүнэн 35 эрэ бырыһыан», — диэн чопчулаата. Салайааччы сылгыны үөрдээн иитиигэ ээл-дээл сыһыан баарын уот харахха эттэ, сэбиэскэй кэми холобурдаата, оччолорго сылгыһыттар учаастактарыттан харыс да халбарыйбаттарын холобурдаата. Хаҥалас «Бөртөтүгэр», Өймөкөөн «Тоноругар» бу хайысхаҕа үөрэтэр кииннэр аһыллыбыттарын этэн туран сылгыһыттары онно ыытан үөрэтиҥ диэн сүбэлээтэ. Оттон олохтоох ТХУ-та граннар тустарынан нэһилиэнньэни билиһиннэрэр да ардыгар, дьон-сэргэ өттүттэн күдээринэ сыһыан көстөрүн даҕатан ылла. «Хоту сиргэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга ыараханын биһиги билэбит, — диэтэ. — Ол иһин граннары ылыы куонкурсун болдьохторун хотуларга уһатан биэрэрилиннэ. Быйыл граннарга кыттыан баҕалаахтары учуокка ыллыбыт».

Алексей Жирков ТХМ-ын нөҥүө саха ынаҕын боруодатын тэнитии үлэтэ кэҥиирин кэпсээтэ. Холобурга, эдьигээннэр, халымалар хайы-сах бу боруодаҕа интэриэстэрэ улаатан саха ынаҕынан дьарыктанарга баҕалаахтарын эттэ.

Оттон мелиоративнай үлэҕэ республика үрдүнэн иккис тыын угуллубутун иһитиннэрдэ. Уолбуттары ханнык сирдэргэ үлэни былаанныылларын интэриэһиргээтэ, бырайыактыыр-сметалыыр докумуону оҥорон экспертизаны ааһары, оччоҕо үлэ саҕаланарыгар эрэннэрдэ.

Үрдүкү салалталыын аһаҕас кэпсэтии үс чаас кэриҥэ барда, нэһилиэнньэ толору хоруйдары ылан астынан тарҕаста. Саха республикатын Правительствотын отчуота биһирэннэ, оттон уолбуттар хочуолунай тутуута тоһоҕоломмут сириттэн сыҕарыйан эрэриттэн сүөм үрдээтилэр, санаалара күүһүрдэ.