Сунтаардар биир дойдулаахпыт, Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтин чилиэнэ Александр Акимов Сунтаар улууһугар кэлэн үлэлээн барда. Түбэй Дьаархаҥҥа нэһилиэк баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэр салайааччыларын кытары мунньахтаан баран, сарсыныгар Кириэстээх, Куокуну, Тойбохой нэһилиэктэригэр сырытта.
Кинини кытары Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, урут Сунтаар улууһугар баһылыктаан олорбут Александр Петров, СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин исписэлиистэрэ Алексей Жирков, Егор Посельскай, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов сырыттылар.
Кириэстээххэ нэһилиэк баһылыга Александр Григорьев, «Кириэстээх» ТХПК дириэктэрэ Владимир Егоров көрсөн хаһаайыстыба үлэтин билиһиннэрдилэр. «Кириэстээхтэр» саҥа оҥоһуллубут сиилэс траншеяларын көрдөрдүлэр. Бу кэмҥэ үлэһиттэр сиилэстэрин бэлэмнии сылдьаллара. Кэпэрэтиип үлэһиттэрин кытары Дьокуускай куораттан тыа хаһаайыстыбатын научнай институттан исписэлиистэр кэлэн үлэлэһэллэр. Кэлэн үлэлээбиттэрэ иккис сыллара эбит. Бааһынаҕа сиилэскэ анаан үүннэриллибит подсолнух сибэккини хомуйа сылдьар уолаттарга тиийдибит. Комбайнынан хомуйа сылдьаллар, бүтэрэн эрэллэр.
Салгыы Александр Константинович Куокуну Табаҕатыгар сырытта. Манна «Кириэстээх» ТХПК эбии аһылыкка үүннэрэр бурдуга баар. Федерация Сэбиэтин чилиэнэ кэпэрэтиип өлгөм үүнүүлэрин көрөн баран, «кириэстээхтэр» өрөспүүбүлүкэҕэ биир улахан, үчүгэй көрдөрүүлээх хаһаайыстыба буолалларын бэлиэтээн туран, тыа хаһаайыстыбатын, төрөөбүт улууспутун сайыннарарга өссө күүскэ турунан үлэлэһэргэ ыҥырда. Улуус салалтатыгар быраҕылла сытар ходуһалары, бааһыналары, сүрүннээн Тойбохой бааһынатын чөлүгэр түһэрэргэ үлэлэһэллэригэр эттэ. Мелиорация боппуруоһугар шлюз-регулятордары оҥорорго, талах саба үүммүт сирдэригэр тыраахтар кэтэр мульчердарын ылан үлэлэтэргэ, күрүөлээһиҥҥэ болҕомтону уурар тоҕоостооҕун эттэ.
Тойбохойго нэһилиэк баһылыгар хандьыдаат Станислав Егоровы кытары тутулла турар култуура киинин көрдүбүт. Кулууп силигэ ситэн, үлэҕэ киирэрэ чугаһаан эрэр. Тутуу бэдэрээччигэ Азат Азатян Тойбохойго бу иккис үлэтэ. Бу иннинэ Тойбохой орто оскуолатын сарайын өрөмүөнүгэр үлэлээбиттэр.
Александр Акимов бу сырыытыгар «Тойбохой», «Кириэстээх» сопхуостарга бэриниилээхтик үлэлээбит ытыктанар дьоммутун кытары көрсүстэ. Куокунуга кураан күнү баттаһа, от үлэтин үгэнигэр сылдьар Клавдий Иванович Михайловы, «Кириэстээх» ТХПК Бордоҥ сайылыгар Владимир Африканович Михайловы, Кириэстээх нэһилиэгэр Михаил Иннокентьевич Коколовы, Тойбохой нэһилиэгэр Модест Антонович Петровы кытары көрсөн ирэ-хоро, уруккуну санаан, дойду билиҥҥи балаһыанньатын билиһиннэрэн иһирэхтик кэпсэттэ.